Хаһыаттан корзинка оҥоробут

05.01.2017
Бөлөххө киир:

Уһун өрөбүллэргэ бириэмэни халтайга ыыппакка, дьиэ кэргэнинэн туһалаах оҥоһуктары оҥоруоҕуҥ. Оҕолор наһаа үөрүөхтэрэ, саҥа үөрүйэхтэргэ үөрэниэхтэрэ, оттон дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ, сылаас эйгэ олохсуйуо.

Хаһыаты эрийэн, араас корзинкалары оҥоруохха сөбүн истибиккит буолуо. Бу сырыыга боростуой соҕус хоруопка корзинканы оҥорору кэпсиэхпит.

Биһиэхэ наада:
Хаһыаттар,
1,5 мм кэтиттээх баайар испииссэ,
кумааҕы килиэйэ,
киистэ, харандаас, линейка, кыптыый.
Хордуон хоруопка,
эрэһииҥкэ,
“Супер” килиэй, пинцет,
кырааска, лаах, лиэнтэ.

Бастаан хаһыаттан уһун синньигэс туруупкалары оҥоробут. Хаһыаты 9 см кэтиттээх балаһаларга кээмэйдээн быһабыт. Биир балаһа муннугуттан саҕалаан, испииссэнэн эрийэн киирэн барабыт. Кумааҕы эриллэн бүттэҕинэ, түмүгүн килиэйинэн сыһыарабыт, испииссэтин устан ылабыт. Туруупка анна уонна үрдэ араас-араас халыҥнаах буолуохтаахтар. Ити биири бииргэ уган, уһатан иһэргэ аналлаах. Элбэҕи оҥорон бэлэмнээн кэбиһэбит.


Хоруопканы ылан, хаппаҕын кырыйабыт. Түгэҕэр туруору туруупкалары 3 см тэйиччи тутан “Супер” килиэйинэн сыһыартыыбыт. Үөһэ өттүгэр эрэһииҥкэнэн туттарабыт.

Бастакы эрээккэ биир туруупканы аттынааҕыга ылан, ойууга көстөрүн курдук, эрийэ тутабыт. Барыларын оннук эрийэбит. Онтон хоруопка түгэҕэр биир уһун туруупканы сыһыарабыт. Мантыбыт бүттэҕинэ, атын туруупканы ылан синньигэс өттүнэн угабыт, килиэйдиибит. Бу курдук уһата-уһата, туруору туруупкаларбытын эрийэн, хоруопкабытын эргийэн барабыт.

Хоруопка үрдүгэр тиийэн баран, туруупкабытын килиэйинэн сыһыарабыт.
Туруору туруупкалары сорохтор хоруопка иһигэр бүк тутан баран, килиэйдээн кэбиһэллэр. Сороҕор бу ойууга курдук, бэйэ-бэйэлэригэр эрийэн, хатыһыннаран, түмүктүүллэр.

Ис өттүн таҥаһынан, тас өттүн кыраасканан, лиэнтэнэн, оҕуруонан, салфеткалары сыһыаран киэргэтиэххэ сөп.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0