Хаһыатчыт Далбар хотун — Галина Нельбисова

20.05.2021
Бөлөххө киир:

Дьахтар дьылҕатын туһунан 14 кинигэ ааптара, суруйааччы, биллэр суруналыыс Галина Нельбисова бу күннэргэ үбүлүөйдээх дьоро күнэ үүннэ. Кини “Эдэр коммунистан” саҕалаан, өр сылларга “Саха сирэ” хаһыакка үлэлээбитэ, “Саха ыала” сыһыарыытын салайбыта. Билигин дьахталларга аналлаах “Далбар Хотун” сурунаалга солбуйааччы эрэдээктэринэн үлэлиир.

Үлэбин хачыгаартан саҕалаабытым”

Галина Нельбисова Сунтаар улууһун Элгээйитигэр төрөөбүтэ, улааппыта. Оччолорго тыа сиригэр үчүгэй үөрэхтээх оҕо муҥур ыра санаата учуутал, эбэтэр быраас буолуу этэ. Галя “Элгээйи кыымнара” юнкоровскай поска дьарыктаммыт, “Бэлэм буолга” суруйуулара бэчээттэнэр киһи, оскуоланы бүтэрэригэр суруналыыс буолар баҕа санаата кыламнаабыта. Бастакы сылыгар саха тылын салаатыгар туттарсыбыта эрээри, баала тиийбэккэ, кыайан киирбэтэҕэ.

Кыыс хайыай, дойдутугар төннөн, үөрэххэ киирбэтэҕэр үөрүөхтэригэр диэри ахтан олорор ийэлээх аҕатыгар тиийэн, ханна үлэ баарынан үлэлээбитэ. Ферма кытаанах үлэтин доруобуйата тулуйбат буолан, бастаан почтальонунан, онтон дьааһылаҕа оһох оттооччунан үлэлээн кыстаабыта.

— Билигин дьээбэлэнэн “оскуоланы бүтэрэн баран, хачыгаардаабытым” диэтэхпинэ, ким да итэҕэйбэт. Кырдьык, дьааһылаҕа солбук үлэҕэ сылдьарбар икки оһоҕу оттор этим. Күлүүкэни сатаан туттубакка, тоҕонохпун уокка сиэтэн, хойукка диэри суола-ииһэ чэр буолан сылдьыбыта. Сарсыарда эрдэтээҕи оттууну аҕам барахсан миигин аһынан, бэйэтэ отторо. Дьэ, киэһэ бэйэм “көрүлүүрүм”. Тоҥ мас тоҕо умайан быстыай, дьиэ сууйа-сууйа онтум бүтэрин күүтэн, оһохпун сабан баран, букатын хойут дьиэлиирим.

Дьааһылаҕа үлэ булуом иннинэ икки-үс күн почтальоннаабытым, уһанар сыахха харбыыл эрбээн көрбүтүм. Нэдиэлэни быһа кэлбэтэх буоста таһыытыгар сүрэхпин астаран, тута куоппутум, ахсынньы тымныытыгар былыргы мас эрбиинэн мас эрбиир анала суохпун эмиэ өйдөөбүтүм. Дьэ, ити түгэннэри билигин санаатахпына, көрдөөх курдук, оччолорго соччо бэһиэлэйэ суоҕа буолуо, — диэн кини ахтар.

Эдэр коммунист” — буһуу-хатыы оскуолата

Дьэ, онтон баҕалаах үөрэҕэр туттарсан киирбитэ. Саха судаарыстыбаннай университетын саха салаатыгар үөрэнэ сылдьан, Ураллааҕы судаарыстыбаннай университет суруналыыстыкаҕа факультетыгар көһөн, үөрэнэн бүтэрбитэ.

Анал үрдүк үөрэхтээх суруналыыс оччолорго бэрт аҕыйах этэ. “Национальнай каадырдары өйөөһүн” бырагырааматынан үөрэнэн кэлэн, улуустарынан тарҕаспыттара. Бииргэ үөрэммит оҕолоро Марта Николаева уонна Роман Попов дойдуларыгар барбыттара.

Буруолуу сылдьар” эдэр исписэлииһи 1985 сыллаахха “Эдэр коммунист” ыччат хаһыатыгар үлэҕэ ылбыттара. Бу иннинэ үс сайын “Бэлэм буол”, “Эдэр коммунист”, “Кыым” хаһыаттарга быраактыкаламмыта, кэлэктииптэри кытары билсибитэ, хаһыат ис куукунатыгар буспута-хаппыта. Кырдьаҕас “Кыымҥа” сэбиэскэй хатарыылаах, сүгэ-балта тыллаах аксакал суруналыыстардыын алтыспыта, кинилэртэн элбэххэ үөрэммитэ. Устудьуон матырыйаала “Кыым” Кыһыл дуоскатыгар тахсан, хайҕанан турар. Оччолорго ол Кыһыл дуоскаҕа тахсыы уопуттаах суруналыыстар да ыра санааларын ымыыта эрэ буоллаҕа.

Өрөспүүбүлүкэ хомсомуолун суолдьута, Саха сирин ЫБСЛКС уоргана «Эдэр коммунист» хаһыакка суруналыыстыкаҕа биллэр-көстөр дьон үлэлииллэрэ. Эрэдээктэрдэр Валерий Васильев, Федор Стручков, эппиэттиир сэкиритээр Гаврил Егоров-Дьурантай, суруйааччы Борокуоппай Чуукаар, Варвара Угарова, Уйбаан Уһунуускай, Гаврил Егоров-Хабычча, Иван Осипов-Ойуур, Анатолий Гоголев, Николай Егоров-Быыра, Татьяна Маркова уо.д.а.

Олус көхтөөх, иллээх-эйэлээх, үлэһит, сынньанары да, суруйары да сатыыр, сэргэх кэлэктиип этэ. Эдэр киһини тута сүүрдэн-көтүтэн, үлэ үөһүгэр оройунан түһэрбиттэрэ. Хас нүөмэр аайы ырытыһыы, кириитикэ өрө оргуйара, сороҕор ытаһыы-соҥоһуу да баара. Үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлбит киһиэхэ ол күүстээх оскуола, инники үлэни түстүүр иитэр-үөрэтэр кыһа буолбута.

Фермалары, сайылыктары, ыччат-комсомольскай биригээдэлэри кэрийии, үлэһит, отчут-масчыт дьону, аата-ахса суох мунньахтары суруйуу, үгүс командировкалар – бу кэлиилээх-барыылаах, сүрдээх тэтимнээх, суһал үлэни эрэйэрэ.

1987 сыллаахха баартыйа Киин Кэмитиэтин сийиэһигэр барар дэлэгээттэр тустарынан суруйан, Суруналыыстар сойуустарын “Көмүс бөрүө” бириэмийэни ылар чиэскэ тиксибитэ. Анаабырга тиийэн табаһыт Дмитрий Туприн, Ньурбаҕа Суоппар Сэмэн тустарынан очеркалары суруйан, биһирэммитэ.

— Хаһыат үлэтэ араас өрүттээх. Олус интэриэһинэй, умсугутуулаах, ону таһынан, уустук даҕаны. Билигин да, били артыыстар сыанаҕа тахсыахпыт иннинэ долгуйабыт дииллэрин курдук, хас биирдии суруйууга ылсаары, интервьюга бараары олорон, долгуйабын. Мэйииҥ, мэктиэтигэр, хаһан да сынньаммат. Төбөҕөр мэлдьи суруйуохтаах ыстатыйаҥ хайдах таҥыллан тахсыахтааҕа, суруйар киһигэр туох боппуруостары биэрэн арыйыахтааҕыҥ күнүстэри-түүннэри толкуйдатар. Куруук матырыйаалыҥ төбөтүн була сатыыр аакка сылдьаҕын. Төбөҕөр туох эрэ тыл-өс, этии табыллан киирдэҕинэ – туспа үөрүү, — диэн уопуттаах суруналыыс суруйар үлэ ымпыгын-чымпыгын үллэстэр.

Хамнас оннугар – дьааһык сакалаат

90-с сыллар саҕаланыыларыгар оҕолонон олордоҕуна, “Эдэр коммунист” хаһыат биир үтүө күн “Сахаада” буолан хаалан, улаханнык соһуппута. Дэкириэттэн тахсарыгар “Сахаадаҕа” кэлбитэ. Дойду тутула ыһыллан, экэниэмикэ туруга, олох-дьаһах биллэ ыараабыт этэ. Суруналыыстар икки сылы быһа хамнаһа суох үлэлээн, эрэйи-муҥу көрбүт кэмнээхтэрэ. Билигин санаатахха, сылы-сылынан хамнаһа суох хайдах олоруохха сөбө буолла?

Хамнас төлөммөт, ол оннугар бородууктанан биэрэ сатыыллара. Онуоха сороҕор киһи күлүөх да, сонньуйуох да түгэннэрэ тахсыталыыра. Кэргэнэ ДСК-ҕа үлэлиирэ, бу улахан тэрилтэҕэ эмиэ хамнаһы бородууктанан, табаарынан төлөһөллөрө. Итальянскай соппуоска, биирдии дьааһык “Сникерс” сакалааты, ыстыыр ыаһы биэрэн турардаахтар. Ол дьааһык ыаһы кэргэнигэр ырыынакка илдьэн атыылаа диэн соруйбутугар, күнү быһа туран баран, биири да атыылаабакка кэлбитэ. Ас-таҥас суох кэмигэр ким ыаһы атыылаһа туруой? Оттон сакалааты оҕотуттан кистээн, аллараа дьааһыкка уган баран, умнан кэбиспитигэр, барытын кутуйах сиэн, ый ыһыаҕа оҥорбут этэ. Онон дьонтон харчы иэс ылыы, ытыһы тоһуйа сылдьыы үгэскэ кубулуйа сыспыттааҕа.

Дьиэ-уот суох буолан, эдэр ыал хостору, мас дьиэлэри куортамнаан олороллоро. Оччолорго таас дьиэни ким да куортамҥа биэрбэтэ, онон Сайсаар, 17-с кыбаартал эргэ самнайбыт, тымныы дьиэлэрин элбэҕи кэрийэн олорбуттара. Муус муоста, сууллан эрэр оһох, ууга барар дьиэ – барыта баара…

Хаһыат дьылҕата долгутар

Бу кэмҥэ “Саха сирэ” хаһыат тэриллэн, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй отделга үлэҕэ ылбыттара. Бу эмиэ түргэн-тарҕан буолууну эрэйэр үлэ этэ да, “Эдэр коммунист” оскуолатын ааспыт киһиэхэ кыаллар этэ.

Онтон 2001 сыллаахха халыҥ хаһыат иһинэн 8 балаһалаах “Саха ыала” сыһыарыы тэриллэн, сүрдээх айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Аан бастааҥҥыттан хаһыаты сэргэхситэр, социальнай кыһалҕалары таарыйар, ааҕыллымтыа буолуохтаах диэн соруктаммыттара. Дьиэ кэргэн кэмитиэтэ баар буолан, сүрдээҕин өйөөн, бииргэ үлэлээбиттэрэ, элбэх командировкаҕа сылдьыбыттара.

— Урут хаһыат үлэтэ атыннык сыаналанара. Кырдьык, “үһүс былаас” дииллэрин курдук суолталааҕа. Кириитикэни суруйбут ыстатыйаҕар хайаан да эппиэт кэлэрэ, итэҕэһи туоратарга туох дьаһал ылыллыбытын биллэрэллэрэ. “Суруналыыс иһэр үһү” диэн сурах эрдэттэн долгутара, хамсаабаты да хамсатара.

Хомойуох иһин, билигин кэм тэтиминэн буолуо, бэчээтинэй хаһыаттарга сыһыан уларыйан турар. Күн-түүн ааҕааччыбыт аҕыйыыр, эдэрдиин-эмэнниин социальнай ситимнэринэн үлүһүйүү онно эмиэ төрүөт буолла. Ааҕааччыбыт сааһырда. Билигин түөрт уон саастаахтар хаһыат ааҕа олорботтор. Ханнык баҕарар суруйуу, сөп эрэ, сөтөгөй эрэ, харах кырыытынан ааҕыллар, ким да улаханнык болҕомтотун ууран ырыппат. Сороҕор киһи санаата түһэр. Кэм тэтимэ, атын салгын дьайыыта диэнинэн быһаарыллан эрдэҕэ.

Суруналыыс барахсан туох да социальнай көмүскэлэ суох. Хамнаспыт мэлдьи кыра. Дьэ, ол эрээри, талан ылбыт таптыыр идэҕэр умсулҕаныҥ онтон уҕараабат, туох баарынан үлэлээн-хамсаан кэллэхпит, — диэн суруналыыс Галина Нельбисова этэр.

Үбүлүөйү көрсө – икки кинигэ

Галина Васильевна уопсастыбаннай үлэттэн эмиэ туора турбатаҕа. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьахталларын тэрилтэлэрин түмсүүтүн президиумун чилиэнинэн, СӨ норуот педагогикатыгар ассоциациятын бырабылыанньатын чилиэнинэн үлэлээбитэ.

СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Көмүс бөрүө» бириэмийэтин «Көдьүүстээх суруйуу иһин» номинациятын лауреата, СӨ култууратын уонна бэчээтин туйгуна. Кини билигин биллэр суруйааччы, суруналыыс буолан, үбүлүөйдээх сылын көрсөр. Төһөлөөх ыстатыйаны суруйбута, хас киһини сырдаппыта буолуой? Суруйааччы быһыытынан 14 кинигэни суруйбута да кини олус үлэһитин, айар үлэҕэ бэриниилээҕин көрдөрөр.

Соторутааҕыта “Сайдам” кинигэ кыһатыгар “Чуумпу кытылым нуһараҥар” диэн суруйааччы ис эйгэтин арыйар, айар үлэтин билиһиннэрэр кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Ону тэҥэ, “Эргитимэ дуу, хаар үҥкүүтүгэр” диэн кинигэтэ тахсан, бэлиэ күнүн икки кинигэлээх көрүстэ. Ситэр-хотор, муудараһы мунньунар сааска айар үлэтэ өссө кэҥээн, дириҥээн, дьон кэрэхсэбилин ылан истин!

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0