Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, саһарардаан, госпитальга киирбитим. Ити 1974 сыл иккис-үһүс ыйдара этэ. …Биирдэ, тимир собуотугар бөх хомуйа биһигини, саллааттары, үлэлэппиттэрэ. Манна диэн эттэххэ, саллааты ончу соло гыммат этилэр. Байыаннай дьыала, үөрэх, эрчиллии кэннэ соло буолар түгэн наар арааһынай үлэнэн солбуллара булгуччулаах сокуон курдук этэ…
Кыратык халыйан ылыым.
Капитан Бойко миигин куорат кытыытыгар олорор оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ илдьэн быстах үлэҕэ көмөлөһүннэрэрэ.
Үлэ арааһынай этэ: дьаама хаһыыта, баҕана көннөрүүтэ-туруорааһына, уһаайба иһин ыраастааһын уо.д.а.
Соччо ыарахана суох үлэ, бэркэ уһаатаҕына икки-үс чаас үлэлэтэллэрэ. Дьиэлэрэ эргэ, землянкатыҥы, турар киһиттэн эрэ арыый үрдүгэ. Киирэ түһэргэ хоспохторугар килиэп бөҕө кыстанан турааччы. Арааһа, сибиинньэлэрин, ынахтарын аһаталлара эбитэ буолуо. Комбикуорумнааҕар ол килиэп дөбөҥнүк, чэпчэкитик көстөрө эбитэ дуу. Баҕар, байыаннай чаастан ылаллара дуу.
Наар үчүгэйдик аһатааччылар. Уу оннугар улахан ыстакааҥҥа үүт биэрээччилэр. Ийэм сарсыарда аайы ыаммытынан үүтү ыстакааҥҥа кутан, оронум таһыгар олоппоско уурбут буолааччы. Уһуктаат, ону иһэр буолан, үүтү иһэ үөрүйэхпин, иһим адаарыйбат этэ.
Биир сыл сулууспа кэнниттэн биһиги полкаҕа пополнениены – саҥа аармыйаҕа кэлээччилэри – аҕала Новосибирскай куоракка барбыппыт.
Икки суукка буойаһынан айаннаан тиийбиппит.
Хата, астыныахпытыгар диэри утуйбуппут. Куоракка киэһэлик кэлбиппит.
Капитан Бойко миигин уонна Алдантан сылдьар, наар нууччалыы эрэ саҥарар эбээн-саха аҥаардаах уолу ылан, куоракка билэр дьонугар хонноро илдьибитэ.
Үрдүк, хас эмэ этээстээх, таас дьиэ биир кыбартыыратыгар олорор дьиэлээх нуучча дьоно үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Остуол тардан аһаппыттара. Биһигиттэн, сахалартан, хас дьоруой баарын ыйыппыттара. Киһим тугу да билбэт, оттон мин толорутук эппиэттээбитим. Өрөспүүбүлүкэ иһиттэн сүүрбэттэн тахса дьоруойдаахпытын истэн сөхпүттэрэ, олус хорсун, хоодуот дьонноох эбиккит дэспиттэрэ.
Биһиэхэ, саллааттарга, биирдии үрүүмкэ арыгы кутан биэрбиттэрэ, бэйэлэрэ салгыы аһаабыттара.
Бойко табаахтаары таһырдьа тахсаары гыммытыгар, дьиэлээх хаһаайка: «Не надо, курите здесь, пусть пахнет мужским духом», – диэтэ. Киһитэ – дьиэлээх хаһаайын – хотунун диэки дьикти баҕайытык, соһуйбуттуу көрөн ылбыта. «Табахтаабат буоллахпына, эр киһи аатырбат эбиппин дуу?» – диэн бэркиһээбит курдуга.
…Саллаакка барар уолаттары ылыы туһугар наһаа боростуой буолбатах эбит этэ.
Дьоннорун, атаарар кыргыттарын, доҕотторун кытта хаста эмэтэ сыллаһаллара, куустуһаллара, тиһэҕэр, ытаһаллара. Биир кэм күйгүөрэн олорор этэ, ол призывной пункт. Онуоха холоотоххо, биһиги, сахалар, быдан дьэбир эбиппит, харах уута суох, сууххай соҕустук быраһаайдаһан сулууспалыы барбыппыт…
…Призывник уолаттары богуоҥҥа ааҕан олохтообуппут. Мин богуоммар харабыллааччы саллааттар иккиэбит.
Түүн буойас биир ыстаансыйаҕа тохтоото.
Биир уол наар сытар, кимниин да алтыспат бэйэтэ: «Иһим ыалдьар», – диэн туалекка киирдэ.
Таһыгар кэтэһэн турабын. Киһим тахсыбат да тахсыбат. Ону сэрэхэдийэн, туалет аанын күүспүнэн астым. Түннүк аһаҕас. Киһим суох. Тута хамандыырга дакылааттаатым. «Улаханнык мөҕүллэрим, туох эрэ миэрэ ыларым буолуо», – диэн санаабытым, санаарҕаабытым. Хамандыыр: «Ол уол төбөтүнэн ыалдьар эбит, хата, эн тута этэҥҥин, дөбөҥнүк тутуллубут. Оттон ханна сүппүтүн билбэккэ, кэлин суохтаабыппыт буоллар, дьыала атын буолуо этэ», – диэбитэ.
…Собуокка тимир көөбүлэ бөҕөнү ыраастаабыппыт. Улахан, аарыма собуот. Эчи, киэҥэ бөҕө!
Үлэлии сылдьан тириппитим, наһаа утаппытым.
Биир кыраан турарын аспытым, болоорхой уу кэлэрэ. Оччону көрбүччэ, үөрбүччэ, иһэн киллиргэттим. Аҕыйах омурдууну иһээт, тимир амтаннааҕын билбитим, омурдубуппун тибиирэн күдээритэн кэбиспитим.
Аҕыйах хоноот, иһим ыалдьан, устунан саһаран барбытым. Байыаннай госпитальга киирбитим.
Ити госпиталь мин сулууспалыыр Бикин куораппыттан чиэски ыраах, Уссурийскай кыраайга баара. Онон онно сытан эмтэммитим. Госпитальга элбэх этибит.
Нэдиэлэ ханнык эрэ күнүгэр медучилище устудьуонькалара быраактыкалана кэлэллэрэ. Оччоҕо нууччалар, сытыы уолаттар, сүргэлэрэ көтөҕүллэрэ. Кыргыттардыын тыл бырахсан, хаадьылаһан ылаллара, ким эрэ, тиэтэл муҥутаан, тапталга билинэрэ.
…Олунньу хонуктара бүтэн, кулун тутар саҕаламмыта балайда буолбута.
Таһырдьа саас кэлбитэ түннүгүнэн көрдөхпүнэ тута биллэр буолбута ырааппыта. Буолумуна, ол дойдуга саас, итии салгын, сылаас күннэр эрдэ кэлэллэрин киһи барыта билэрэ буолуо.
Иһим ыалдьар буолан, үксүн сытан тахсарым. Бастакы күннэргэ турары отой көҥүллээбэт этилэр.
Арай, биирдэ, миигин араспаанньабынан ыҥыраллар. Бу күн нэдиэлэҕэ биирдэ буоста кэлэрин билэрим. Онон ити күнү туохтааҕар да ордуктук күүтэрим.
«Сурук кэллэҕэ!» диэн, үөрэн, баарбын биллэрбитим.
Буоста түҥэтэр саллаат сурук, аккырыыкка биэрдэ. Аны, төҥкөйөн, тугу эрэ таһаарда. Онто баһыылка эбит, миэхэ туттаран кэбистэ. Соһуйдум, үөрүү кэмэ суох. Арай, көрдөхпүнэ, аадырыһын суруга оҕо буочарынан суруллубут.
Дьиктиргии-дьиктиргии ороммор тиийэн баһыылкабын астым. Үрдүгэр суруктаах, ону кэмбиэри аһа баттаан аахтым.
Онтум үс сыллааҕыта үөрэнэн бүтэрбит Мукучум орто оскуолатын сэттис кылааһын оҕолорун суруктара эбит. Миигин, аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар, оскуола выпускнигын, кинилэр шефтэһэллэр эбит.
Миигин Сэбиэскэй Аармыйа күнүнэн эҕэрдэлээбиттэр, ааҕар сахалыы кинигэ, тэтэрээт, уруучука укпуттар уонна собо ыһаарылаан ыыппыттар. Оҕолор барахсаттар ыһаарылаабыт соболоох баһыылкалара миигин дьиҥнээх аадырыспар булбакка, хойутаан да буоллар, госпитальга буллаҕа дии.
«Держать в холоде» диэн суруга ол дойду усулуобуйатыгар сөбө суох буолан, соболор сыттаммыттар этэ. Аттыбар сытар саллааттар мырдыҥнаһыы, сыллаҥнаһыы бөҕөтө этилэр. Мин, чочумча олорболоот, үгүс саҥата суох, соболору ылан таһырдьа чугас баар бөх тоҕор дьааһыкка бырахпытым. Бука, кэннибэр соччо бэрдэ суох саҥалар тахсыбыттарын көхсүбүнэн сэрэйэрим.
Оттон оҕолорго махталым ол кэһиини кытта барсыбатаҕа, олохтоохтук, уһун кэмҥэ, күн бүгүнүгэр диэри хааллаҕа.
Үөрэ-көтө оҕолор суруктарын хаста да аахпытым. Санаабар, ол куһаҕан сыт быыһыгар дойдум салгынын илгиэрэ баарга дылыта.
Мин үтүөрэргэ барбытым. Дойдум сыта туһалаатаҕа…
«Кинигэм сытын сөбүлүөхтэрэ суоҕа» диэн, сыттыгым анныгар угарым. Сыта минньигэс да этэ…
Степан Никифоров-Алаас Уола.
Томпо, Кириэс Халдьаайы.
Кубарев Филипп Вячеславович (1969)
«Сон солдата» уруһуйа