Хаҥаласка ньиэмэс технологиятынан дьиэ туттулар

14.10.2015
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Дьокуускайга “Дьиэ. Аныгы тиэргэн” диэн регионнар икки ардыларынааҕы быыстапка ыытыллыбытын туһунан ааспыт таһаарыыбар сырдатан турабын. Ол быыстапка түмүгүнэн тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарыынан дьарыктанар “АлМас” дьоҕус тэрилтэ “Салаа лидерэ” номинацияҕа кыһыл көмүс мэтээли ылла. Германия МХМ технологиятын тыйыс-тымныы айылҕалаах Саха сиригэр тэнитэр үлэтин иһин.mhm

“Биһиги МХМ-технологияны киллэриигэ бэһис сылбытын үлэлиибит. Ол үрдүнэн дьоҥҥо дьэ тиийэн эрэр быһыылаах. Үйэлэр тухары олохсуйбут өйү-санааны уларыта охсор ыарахан эбит”, — диир “АлМас” ХЭУо дьиэни тутар сыаҕын начальнига Вячеслав Малардыров. Быыстапка кэнниттэн архитектура уонна тутуу комплексын министиэристибэтин көҕүлээһининэн олохтоох салайыныы сэбиэтигэр кэлэ сылдьар улуустар баһылыктара маннык технология баарын дьэ өйдөөн-дьүүллээн көрөннөр, соһуйуу-өмүрүү бөҕө буоллулар. Улууһу тутан олорор салайааччы хараҕа саҥа аһыллар буоллаҕына, эгэ, уһук, суола-ииһэ суох нэһилиэктэр олохтоохторо түһээн даҕаны баттаппаттара бааламмат даҕаны.

Белай Гора бөһүөлэгин (Абый) баһылыга Порфирий Слепцов тутуу маһа суох, кылгас сайыннаах дойду киһитин быһыытынан бу технологияны биһирээбитин эттэ: “Биһиги ыстаал ылтаһынынан (ЛСТК) таҥыллар тутууну билэбит. Биһиэхэ дьаһалта дьиэтин түргэн үлүгэрдик тутан-таҥан биэрбиттэрэ. Ол гынан баран, кыһын тымныыта бэрт буолан, эбии хаттыгастаан биэрбиппит. Биһиги инникитин эдэр ыалларга олорор дьиэни тутууга күүскэ ылсар былааннаахпыт. Онно анаан түөлбэ бэлэмниибит. Ол иһин билигин ханнык технология ордугун, табыгастааҕын үөрэтэ сылдьабыт. МХМ киһи этигэр-хааныгар куһаҕан сабыдыала суоҕунан, түргэнник тутулларынан уонна өрөспүүбүлүкэ бэйэтин иһигэр оҥоһулларынан  ордук кэрэхсэбиллээх эбит диэн санааҕа кэллим”.

mhm2

Оттон Покровскай куорат олохтооҕо, үс оҕолоох эдэр ыал аҕата, тутуу инженерэ идэлээх Игорь Николаев икки этээстээх, 128 кв. м. иэннээх МХМ дьиэни быйыл сайын аҕыйах күн иһигэр туттаран ылбыта. Куорат таһыгар эдэр ыалларга анаан быһыллыбыт түөлбэҕэ сүүстэн тахса дьиэ кэккэлиэхтээх. “Биһиги бөһүөлэкпит чэрчитин судаарыстыба көмөтүнэн туһанар туһуттан тыа сиригэр киллэттэрдибит, — диир бэйэтэ дьоҕус тутуу тэрилтэлээх, саҥа түөлбэ тутуутун көҕүлүүр эдэр киһи. – Бырайыакпытын тутуу министиэристибэтэ уонна “Туймаада” ҮХАПК өйүүллэр. Субсидия боппуруоһа быһаарылыннаҕына, аны сайын манна МХМ дьиэлэр тэллэй курдук тахсыахтара. Бу эдэр ыаллар кырата 2-лии оҕолоохтор. Билиҥҥи туругунан, 300-чэ кырачаан баар. Онон үрдүттэн оҕо саадтаах, оскуолалаах буолуохпут”.

Хаартыскаларга: 1. Игорь Николаев (уҥаттан бастакы) МХМ технологиянан дьиэ тутар “ЦентрДомСтрой” ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Николай Андреевтыын быыстапка кыһыл көмүс мэтээлин уонна дипломун тутан тураллар. 2. Госдума депутата Михаил Николаев Покровскайга эдэр ыаллар түөлбэлэригэр Игорь Николаев МХМ дьиэтин күөнүгэр.

 Василий НИКИФОРОВ 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0