90-с сыллар ортолоругар сырдык чаҕылхай сулустуу Александр Самсонов-Айыы Уола ырыаһыт быһыытынан бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ биллибитэ. Дьон кини ырыалардаах альбомун кассетаттан кассетаҕа уһултаран магнитофоҥҥа истэллэрэ, ырыаларын нойосуус үөрэтэн уостан түһэрбэккэ ыллыыллара, ырыанньык ахсын кини ырыаларын суруйаллара.
«Эдэр саас» ыччат хаһыатыгар оннооҕор Айыы Уолун былдьаһан кыргыттар хаһыат нөҥүө суруйсар, Александр Самсоновка тапталга билинэр этилэрэ. Оттон эдэркээн Александр ыарахан ыарыыны тулуйа сылдьан Чурапчыга кэлэн гостуруоллаан барбыта. Оччолорго кинини кытта полароид, кодак фотоаппарааттарга хаартыскаҕа түһүү, оннооҕор кэтэн турар таҥастарыгар автограф ылар хорсун кыргыттар бааллара. Баара-суоҕа 20 эрэ саастаҕар Айыы Уола олохтон олус соһумардык барбыта.
Сыл-хонук төһө да уһуннар, Айыы Уолун сырдык аата үйэтийэн, кинини билбэт кэлиҥҥи ыччат ырыаларын ыллыыр буолбута. Айыы Уолун туһунан сахалыы киинэ уһуллан бар дьон биһирэбилин ылбыта. 2018 cыллаахха Айыы Уолун сырдык кэриэһигэр төрөөбүт-үөскээбит Хаҥалаһын Улахан Ааныгар пааматынньык-искибиэр тутуллубута.
Оттон бу соторутааҕыта, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Улахан Ааҥҥа Айыы Уола төрөөбүт дьиэтигэр ийэтэ Марфа Иннокентьевна Самсонова уолун аатын үйэтитэр мусуойун аһыллыыта буолла.
Биһиги Александр Самсонов ийэтэ Марфа Иннокентьевналыын кэпсэттибит:
— Бу мусуойу тэрийии туһунан санаа миэхэ киирбитэ ыраатта. Икки сыллааҕыта оҕом пааматынньыгын аһыллыытыгар «Муусука уонна фольклор» мусуоуйун үлэһиттэрин ыҥырбытым. Дириэктэринэн Мария Ильинична Корнилова үлэлиир. Кинилэр өйөөннөр, сүбэ-ама буоланнар оҕом үөскээбит, улааппыт дьиэтигэр мусуой тэрийиитин туһунан толкуйум тобуллубута. Оҕом мала-сала да аҕыйах диэн утуйбут хоһугар уонна саалаҕа тэрийэргэ быһаарыммытым. Оҕом оҕо сааһыттан, оскуолатааҕы сылларын, айар үлэтин, алтыспыт дьонун барыларын хабан хас да истиэндэ оҥоттордум. Ити истиэндэлэрбэр успуонсардары, оҕобун өйөөбүт дьон-сэргэ, эһиги, «эдэр саастар» эмиэ киирбиккит.
Утуйар хоһугар Шурик пианинота, гитарата, оонньуур инструменнара, уруһуйдара киирбиттэрэ. «Цинновер» диэн хампаанньа успуонсардаан үс улахан уонна үс кыра манекеннары оҥотторбутум. Оҕом урут кэтэ сылдьыбыт таҥастарын манекеннарга кэтэрдэн туруортаатыбыт.
Мусуой аһыллыыта ардахтаах тымныы күн буолта. Куораттан ырыаһыттар Игорь Егоров, Петр Кулаковскай, Егор Слепцов кэлбиттэрэ. Ону сэргэ Покровскайтан култууралар эмиэ кэлбиттэрэ. Мин мусуойбун тэрийиибэр сүбэ-соргу буолбут “Муусука уонна фольклор” мусуойун кэллэктиибигэр махталым муҥура суох. Дьокуускайтан алгысчыт тахсан аал уоппутун алҕаан сиэри-туому толорбута. Мин ырыаһыттартан, кэлбит ыалдьыттартан тугу да түһээбэтигит дуо диэн ыйыппыппар, бары олус бэркэ хонон турбуттарын эппиттэрэ. Онон оҕом Шурик мусуойа тэриллэн, этэҥҥэ дьаҥ аастаҕына кини олорон ааспыт сырдык олоҕун, айар үлэтин көрө-истэ үгүс дьон кэлэ сылдьыаҕа диэн эрэнэбин.
Ульяна ЗАХАРОВА.
Надежда Прохорова хаартыскалара.