Хаҥалас улууһун Дьоруой ийэлэрин харчынан наҕараадалаатылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 2022 сылы Ил Дархан Айсен Николаев Ийэ сылынан биллэрбитэ. Мантан сиэттэрэн сүүрбэттэн тахса улууска дьиэ кэргэн сыаннастарыгар анаммыт сыллары биллэрбиттэрэ. 

Хаҥалас улууһугар олорор Дьоруой-ийэлэргэ 100 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх харчыны туттардылар. Улуус баһылыга Олег Иринеев 1-кы Малдьаҕарга, 2-с Малдьаҕарга, Тиит Арыыга уонна Мохсоҕоллооххо олорор биэс ийэҕэ бу үбү туттарда.

Итиэннэ Хаҥалас улууһугар «Дьоруой-ийэ» уордьаннаах, «Ийэ Албан аата», Ийэ буолуу мэтээллэринэн наҕараадаламмыт элбэх оҕолоох ийэлэр туһунан кинигэ таҕыста. Манна анал бэлиэлэри ылбыт 600-тэн тахса ийэ туһунан сурулунна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0