Хаҥалас улууһа: быһыыны ылыы туруга

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хаҥаластааҕы киин балыыһа иһитиннэрэринэн, Хаҥалас улууһугар 10 тыһыынча кэриҥэ киһи коронавирус дьаҥын утары быһыыны ылбыт.

Атырдьах ыйын 7 күнүнээҕи туругунан, быһыыны туруоруу былаана 73% (9 848 киһи) туолбут.

Тиит Арыы, Чкалов, Тумул, Сиинэ, Үөдэй, Кыһыл Үрүйэ уонна 1-кы Дьөппөн нэһилиэктэрин олохтоохторо 100% бары быһыыны ылбыттар.

Оттон Төхтүр 48,7 %, Булгунньахтаах 49,4% толордулар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0