Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгэр “Тыа сирин дьахтара – уопсастыбаннай хамсааһын лиидэрэ” диэн уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх актыбыыс дьахталлар форумнарыгар дьахтар доруобуйатын бэрэбиэркэлээһиҥҥэ улахан болҕомто уурулунна.
Кытыл Дьура нэһилиэгин баһылыга Вероника Лотова улуустааҕы киин балыыһа поликлиникатын сэбиэдиссэйэ Мария Осипова дьахтар доруобуйатын чинчийиитигэр тохтоото:
— Гинекология ыарыыларыгар сорох нэһилиэктэргэ араас ыарыыга ылларыы быраһыана намыһах курдук. Дьиҥэр дьахтар ыалдьара кэмнээх буолуо дуо? Бу анал быраас чинчийэн көрбөтүттэн ыарыы бырыһыана кыра курдук. Онон тустаах исписэлиистэр тыа сиригэр чаастатык сылдьалларын ситиһиэххэ наада. Бу тирээн турар боппуруоска киин балыыһа туох үлэни ыытарый? – диэн интэриэһиргээтэ.
Онуоха эмчит: “Сэтинньи 30 күнүгэр улуустааҕы балыыһа быраастарыгар ыытыллар медицинскэй сэбиэккэ эһиги туруорсуугутун тиэрдиэм. Мин санаабар, нэһилиэктэргэ киин балыыһа эмчиттэриттэн турар куратордар үлэлэрин сөргүтэр уолдьаспыт”, — диэн бэлиэтээтэ.
Ити курдук, форум үлэтин түмүгүнэн нэһилиэк дьахталларыгар эмчиттэр тустаах болҕомтолорун ууруохтара.
Елена ПОТОЦКАЯ.