Хаҥалас Тиит Арыыта: нэһилиэккэ уот суоһуур куттала суох

Бөлөххө киир:
Хаҥалас улууһун Тиит Арыы бөһүөлэгиттэн  24 км сиргэ  8 гектар  иэннээх сиргэ ойуур баһаара туран, билиҥҥитэ  «Авиалесоохрана»  18 уонна  «Якутлесресурс»  3 үлэһитэ үлэлииллэр.
Ону тэҥэ олохтоох нэһилиэнньэттэн 7 киһи  мобилизацияланна, 3 техника туһаныллар. Баһаар бэс ыйын 4 күнүгэр тахсыбыта. Киһи дьалаҕай сыһыаныттан уот тахсыбыта быһаарылынна.
Баһаар нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна эбийиэктэргэ суоһуур куттал суох. 
edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0