Быйыл саас эрдэ кэлэр чинчилээх. Бүгүн Өлүөнэ өрүскэ өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах Хаҥалас (Кангаласс) – Суотту кыһыҥҥы суолга бэлиэр тарыҥ уута таҕыста диэн РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениета биллэрдэ. Билигин бу тарыҥы тумнар сир оҥоһулла сылдьар.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Онон РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениета тустаах кыһыҥҥы суолга суоппардар анал бэлиэлэри көрөн-истэн болҕомтолоохтук айынныыргытыгар сүбэлииллэр.
Семен Сметанин, СӨ массыыналар суолларыгар управлениетын эксплуатацияҕа отделын начаалынньыга:
– Тарыҥы тумнар суолу бүгүн оҥорон бүтэриэхпит. Икки МТЗ-82 тыраахтар, икки анал тиэхиньикэ уонна управление исписэлиистэрэ үлэлии сылдьаллар. Сарсыҥҥыттан ити анал суолунан 30 т уйуктаах тимир көлөлөр сылдьаллара көҥүллэнэр.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru