Хаҥаласка дьаҥы бохсуу хайдах ыытылларый?
Бүгүн «Саха» НКИХ “Талбан” биэриитигэр куораттан чугас сытар Хаҥалас улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Ньургун Степанов уонна кылаабынай бырааһы солбуйааччы Мария Исакова кыттан, коронавирус дьаҥар, каадырдарынан хааччыллыы, о.д.а. ыйытыыларга хоруйдаатылар.
Ньургун Степанов этэринэн, билигин стационарга 22 киһи эмтэнэ сытар. Кини эмчит быһыытынан анаалыс көрдөрүүтэ 100 бырыһыан чуолкай буолбат диэн санаатын үллэһиннэ. Онно муннуттан мазогу ылыыттан эмиэ улахан тутулуктаах буолар эбит. Ол да буоллар, улууска ыалдьыбыт дьону анал боротокуол быһыытынан эмтии олороллорун эттэ. Биллэн турар, ыарыыны бохсууга, эмтээһиҥҥэ нэһилиэктэргэ сөптөөх усулуобуйа олохтонуохтаах. Ол эрээри, Булгунньахтаахха балыыһа стационара сабыллан, күнүскү стационар аһыллыбыт.
Быраас тоҕо тиийбэтий?
Бачча чугас улууска каадырынан хааччыллыыга эмиэ кыһалҕалар бааллар. Уулаах Ааҥҥа, Улахан Ааҥҥа, Үөдэйгэ быраас, эмчит тиийбэт диэн үҥсэргээтилэр олохтоохтор. Онуоха кылаабынай бырааһы солбуйааччы Мария Исакова Улахан Аан бырааһа уоппускаҕа сылдьарын, Уулаах Аан бырааһа “Земскэй луохтуур” бырагырааманан Эдьигээҥҥэ үлэлии барбытын эттэ. Кини Үөдэйгэ эмчити ыҥырабыт, кэлэр буоллаҕынна бырагырааманан “биир мөлүйүөҥҥэ” кэлэр диэтэ уонна интэриэһиргээбит эмчиттэри кэрэ айылҕалаах дойдуга үлэлии кэлэллэригэр ыҥырда.
Үчүгэй сонун — КТ баар!
Үчүгэйэ диэн улууска былырыыҥҥыттан КТ үлэлээн абыраабыт. Икки симиэнэнэн 15 ковидтаабыт киһини күҥҥэ көрөр эбит. Ол эбэтэр нэдиэлэҕэ 100-тэн тахса киһини көрөн, тыҥата төһө сиэммитин быһаарар. Бу чахчы үчүгэй сонун.
Улуус, нэһилиэктэр дьаһалталарын, суһал ыстаабы кытта ыкса үлэлээһин тэриллибит. Күн сарсын улуус баһылыгар дьаҥы бохсор үлэ туһунан кылаабынай быраас дакылааттыахтаах. Дьон субуокка тахсыбат диэн үҥсэргээһиннэрэ олоҕо суох диэн буолла. Кинилэр ханнык аадырыска, кимнээх ыалдьыбыттарын билэ олоруохтарын баҕараллар эбит. Оннук иһитиннэриини оҥоруу көҥүллэммэт диэн быһаарда.
Ыарыы сибикитэ хайдах биллиэн сөбүгэр улуус балыыһата ыйынньык (памятка) оҥорон бассаабынан тарҕаппыт.
Литература көмөтө
Ньургун Степанов ковидка сыһыанаах үгүс литератураны ааҕарын эттэ. Усуйаанаттан Галина Аммосова: “Хаһан бүтэр ыарыыный?”—диэн төлөпүөнүнэн ыйыппытыгар кини вирусологтар бу хамсык, эпидемия хаалыа, ону эмтэнэ үөрэниэҕиҥ дииллэр диэн хоруйдаата хоту дойду олохтооҕун ыйытыытыгар.
Покровскай олохтооҕо кыыһа дьаҥнаан (ОРВИ) баран туттарбыт анаалыһа утилизацияланан хаалбытын туһунан хомолтотун эттэ. Ону Мария Исакова сарсын кэллэххинэ, тоҕо итинник ыытыллыбытын сиһилии быһаарыам диэн эрэннэрдэ.
Дьэ, Хаҥалас улууһугар билиҥҥи балаһыанньа итинник.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова