Хаһаайын хайдаҕа тиэргэниттэн биллэр

16.08.2017
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун Тулуна бөһүөлэгин олохтооҕо Гаврил Сергеев дьиэ кэргэнэ туруу үлэһит, минньигэс астаах, кыһыҥҥыга элбэх хаһаастаах, дьоҥҥо үтүө холобур буолар сэниэ ыалынан биллэллэр.

edersaas.ru 


Аҕа баһылык Гаврил Гаврильевич 10 ыанар ынаҕын, сылгыларын, кууруссаларын соҕотоҕун көрөр-харайар. Дьокуускай куорат ыаллара Сергеевтэр идэһэлэрин сөбүлээн, сыл аайы эрдэттэн үлэһэн атыылаһаллар, махтал тылларын этэллэр.

Ийэлэрэ, оҕо саадын иитээччитэ Мария Сергеева-Табунанова бүгүрү үлэһитин, дэгиттэр талааннаах Далбар хотунун бу хаартыскалар туоһулууллар.

Оҕуруоттарын аһыттан араас кэнсиэрбэлэри, бүлүүдэлэри оҥорон, ыал хаһаайкаларыгар үтүө сүбэһит буолаллар. Түөлбэ уонна нэһилиэк куонкурустарыгар мэлдьи инникилэр кэккэлэригэр сылдьаллар.

Сергеевтэр уоллаах-кыыс оҕолоро туспа дьиэлэнэллэригэр төһүү күүс буоллулар. Сиэн минньигэһин билэн, кырачаан дьон тапталлаах эбэлэрин-эһэлэрин аатын ылан сылдьаллар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0