Хаһааччыйа орто оскуолата – оҕолор Арассыыйатааҕы хамсааһыннарын тирэх оскуолата
Усуйаана улууһун Хаһааччыйа орто оскуолата өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах куонкурустарга өрүү кыттар, миэстэлэһэр. Былырыыҥҥыттан ыла оҕолор Арассыыйатааҕы хамсааһыннарын тирэх оскуолатын кэккэтигэр киирбитэ.
edersaas.ru
Ол курдук, үгүс докумуону бэлэмнээн, күрэхтэһиигэ кыттан, Хаһааччыйа оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы Р.Н.Горохова Москваҕа тиийэн анал үөрэҕи ааһан, үөрэнээччилэр Арассыыйатааҕы хамсааһыннарын кураатара буолбутун туоһулуур сэртипикээти туппут. Арассыыйа бары тирэх осуолаларын кытта көрсөн хайдах үлэлииллэрин туоһуласпыт, уопуттарыттан бэриһиннэрбит. Тустаах оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит, ХИФУ инженернэй-техническэй бакылтыатын 1 кууруһун устудьуонунан буолбут, лидер Алина Макарова эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы мунньахха тыл эппитэ.
—Үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕар хаһыс даҕаны сылбын кыттабын. Биһиги үөрэнээччибит ити курдук таһымнаах улахан мунньахха аан маҥнайгытын тыл эттэ. Пилотнай уонна тирэх оскуола буоларбыт быһыытынан, үгүс үлэни ыыттыбыт. Уларыйыы элбэх. Оскуолабытыгар “Дьулуур” диэн оҕо хамсааһына уруккуттан баар. Россиятааҕы хамсааһын итинтэн уратылаах, ол эрээри, “Дьулууру” хайдах даҕаны күөмчүлээбэт, үтүрүйбэт. Сэбиэскэй Сойуус саҕана Бүтүн Арассыыйатааҕы пионердар тэрилтэлэрэ (Всесоюзная пионерская организация) баара. Ол курдук, бу хамсааһын Арассыыйа иһигэр баар оҕо тэрилтэлэрин барыларын түмэр сыаллаах. Биллэн турар, үлэтэ үгүс. Ол эрээри, киһи дууһатын ууран туран үлэлиир буоллаҕына, улахан таһаҕас оҥостубат, — диэн Розалия Николаевна кэпсиир.
Хаһааччыйа оскуолатыттан талыллыбыт лидер Алина Макарова, Айна Рожина, Маша Макарова быйыл Биробиджаҥҥа ыытыллыбыт I сөлүөккэ кыттан кэлбиттэр. Атыттар эмиэ араас бырайыактары оҥортоон, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымнаах куонкурустарга кытталлар. Күн бүгүн Айна Рожина “Орленок” лааҕырга сынньана сылдьар.
Үчүгэйэ диэн — тустаах хамсааһыҥҥа дьиэлэригэр олорон үөрэнэр, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор оскуолаҕа кэлэн кытталларыгар усулуобуйа олохтууллар эбит. Ол курдук, быйыл 7 кылааһы бүтэрбит, айылҕаттан уруһуйдуур талааннаах Милена Гороховаҕа анаан хамсааһын оҕолоро түмсэн, кэнсиэр тэрийбиттэрэ. Кэнсиэртэн киирбит харчыны Милена эпэрээссийэлэнэ барарыгар биэрбиттэрэ. Оччолорго кыысчаан Санкт-Петербурга эмтэнэ бараары сылдьар кэмэ эбит. Үөрэнээччилэр Арассыыйатааҕы хамсааһыннарыгар киириэн баҕалаах оҕо уопсастыбаннай олоххо көхтөөх, дьоҥҥо туһаны оҥорорго баҕалаах, онно бэлэм буолуон наада эбит.
“Хамсааһын алта хайысханан үлэлиир: информационнай-медийнэй, байыаннай-патриотическай, гражданскай актыыбынас, айар дьоҕуру сайыннарар, баһаатайдар этэрээттэрэ, экологическай. Нэдиэлэ аайы былааннарын оҕолор бэйэлэр оҥостон баран биһиэхэ киллэрэллэр, биһиги ол үлэлэрэ олоххо киириитигэр усулуобуйа олохтуубут, чочуйабыт. Атына диэн — үлэни барытын оҕолор бэйэлэрэ көҕүлүүллэр. Холобура, бу кырдьаҕас бэйэтэ олорор эбит, киниэхэ муус аҕалыахха наада дииллэр. Оҕо бурааны ыытара көҥүллэммэт, онон биһиги булан биэрэбит, оҕолор көмөлөһөллөр. Ол эрээри, куттал суох буолуутун эмиэ хааччыйабыт. Быйыл экологтар сайыны быһа үлэлээтилэр. Кырдьаҕастарга уу да тастылар, бөһүөлэк иһинээҕи бөҕү-сыыһы даҕаны хомуйдулар. Улахан үлэни ыыттылар”, — диэн Розалия Николаевна үөрэ кэпсиир.
Манна даҕатан эттэххэ, быйылгы сылга Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка математикаҕа орто баал 62,5 эбит буоллаҕына, Хаһааччыйа (Усуйаана улууһа) орто баала 70-ҥа тэҥнэспит. Ити туһунан ХИФУ ректора Евгения Михайлова атырдьах ыйынааҕы үөрэх үлэһиттэрин мунньаҕар иһитиннэрэн турар. Ол чаҕылхай туоһутунан, быйыл оскуоланы бүтэрбит 16 оҕоттон үһэ кыһыл көмүс мэтээлинэн түмүктээбит, биэс оҕо үрдүк үөрэххэ киирбит. Онон Хаһааччыйа оскуолата чахчы даҕаны атыттарга холобур буолар оскуолалартан биирдэстэрэ диир кыахтаахпыт.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.