Алдан Угайааныгар күн сирин көрбүт кыыс Уһук хотугу сиргэ тиийэн олохсуйуоҕун, дьолун онно булуоҕун ким сэрэйбитэ баарай?
edersaas.ru
Галина улахан убайа үлэҕэ ананан тиийэн, Хаһааччыйа кыыһын кэргэн ылан, хоту дойду эйэҕэс-сайаҕас дьонун, өлгөм булдун-алдын сөбүлээн, олохсуйа хаалбыта. Ол иһин, кыыс 1974 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын историко-филологическай факультетын нуучча тылын уонна литературатын салаатын бүтэрэригэр өр толкуйдуу барбакка, Усуйаанаҕа анаппыта. Дьэ бу кэмтэн ыла Галина Петровна харыс да сири халбарыйбака, 45-с сылын Хаһааччыйа орто оскуолатыгар үлэлии-хамсыы сылдьар. Учууталлыырын таһынан куруһуок салайар, кыраайы үөрэтэр мусуойга дириэктэрдиир. Олунньу 1 күнүгэр ыытыллыбыт «Саха сирин киэн туттуута – 2019» норуот бириэмийэтигэр «Доброволец-эколог» номинациянан кыайыылаахтары быһаарыы бастакы түһүмэҕэр биэс киһи бастыҥ эколог иһигэр киирдэ. Уһук хотугу уонна аҕыйах нэһилиэнньэлээх улуустар олохтоохторун куоластарын ааҕыыга тэҥниир коэффициент туттуллан, кини туһугар бэриллибит куолас ахсаана икки төгүл (1332 х 2) ылылынна, онон киниэхэ 2664 куолас бэриллибитинэн ааҕылынна.
— Мусуойга өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын сырдатар, төрүт дьарыктарын билиһиннэрэр экспонаттар, матырыйааллар түмүллэн сыталлар, — диир Галина Петровна. – Холобур, кырса бэргэһэлэр, таба саҕынньахтар бааллар. Онно тирэҕирэн, кыргыттары иистэнэргэ үөрэтэр көдьүүстээх буолсу диэн түмүккэ кэлбиппит. Биллэрин курдук, дьахтар барыта төрүөҕүттэн иистэнньэҥ буолбат, хайа да уран тарбахтаах маастары бастаан ким эрэ үөрэтиэн-такайыан наада. Ол иһин үлэбитин кыраттан саҕалыырга быһаарынан, эдэр учуутал Александра Барабанскаяны кытары кыттыһан “Тобоҕу — туһаҕа” диэн бырайыагы оҥорбуппут. Иистэнэр ийэлэр таба тыһыттан этэрбэс, күндү түүлээхтэн бэргэһэ тигэллэригэр ордубут тирии быстаҕастарын хомуйан, онон аттаран дьоҕус көбүөрдэри тигэргэ, араас сувенирдары оҥорорго үөрэппиппит. Кыргыттарбыт тириини таҥастааһын уонна тигии бастакы сатабылларын балачча баһылаатылар диэммит билигин күндү түүлээхтэн бэргэһэни, үтүлүгү, таба тыһыттан этэрбэстэри тигэргэ үөрэтэ сылдьабыт.
Оҕолорбут оскуолаҕа, улууска уонна өрөспүүбүлүкэҕэ тэриллэр научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Холобур, 2017 сыллаахха сайын Чурапчыга ыытыллыбыт педагогическай дьаарбаҥкаҕа «Уран уустар түһүлгэлэригэр», былырыын Сунтаарга буолбут “Самсоновскай ааҕыыларга” бастакы миэстэни ылан турабыт. Бу үлэбит «Хаһааччыйа эдэр олохтоохторо» диэн экологическай бырайыак биир сүрүн хайысхата буолар.
Учуутал мэлдьи кэрэҕэ-үтүөҕэ үөрэтэ сылдьар. Галина Петровна Хаһааччыйаҕа биир бастакынан тэпилииссэ оҥорон, оҕуруот аһын арааһын олордон, сыллата өлгөм үүнүүнү хомуйар, нэһилиэгин олохтоохторун оҕуруокка үөрэттэ. Онон урут оҕуруот аһын хартыынаҕа эрэ көрөр Хаһааччыйа хаһаайкалара Алдан эбэ хотун нүөл сиригэр төрөөбүт-үөскээбит учууталы холобур оҥостон, помидору, оҕурсуну, баклажаны, биэрэһи, моркуобу, бэл, дьэдьэни үүннэрэр буоллулар.
Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru