Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Алексей Широких төрөөбүтэ 135 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэри түмүктүүр дьоро күн Хаҥалас улууһун чулуу уолун төрөөбүт дойдутугар Төхтүр сэлиэнньэтигэр олунньу 18 күнүгэр буолуоҕа.
edersaas.ru
Алексей Широких 1884 с. Арҕаа Хаҥалас Хаксык нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Хаҥалас улууһун нэһилиэктэрин ахсааныгар Хаксык, Өктөм, Дьэр, Нөмүгү, Эргис уо.д.а. — барыта 28 нэһилиэк киирэр. 20-с үйэ саҕаланыытыгар 1900 с. Хаксык нэһилиэгэр 3 аҕа ууһа баар эбит (270 киһи, ол эбэтэр 57 ыал). Олохтоохтор сүөһү- сылгы ииттэн, хортуоппуй олордон, бурдук ыһар эбиттэр.
Бэлитиичэскэй диэйэтэл туһунан нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Матрена Ефремова кэпсиир:
— Историктар чинчийэн суруйууларыттан холобурдаатахха, Хаксык-Хаҥалас улууһун кырдьаҕас нэһилиэктэриттэн биирдэстэрэ. Тыгын Дархан Бас Төрөрөй диэн уолуттан төрүттээх. Алексей Широких — Хаксыктар Эриэн аҕа ууһуттан тахсыбыт чулуу дьонноруттан биирдэстэрэ.
Үөрэхтээх учуутал быһыытынан үлэтин Өктөм оскуолатыгар саҕалаабыта. 1912 с. туттарбыт оскуолата билигин да турар. 1917 с. Дьокуускайга «Земскэй управа» салайааччыта. 1923 с. ЯЦИК бэрэссэдээтэлэ. П.А. Ойуунускай солбуйааччытынан талыллар.
Бу кэмнэргэ саха чулуу дьонун кытта бодоруһан, саха саргылаах олоҕун салайсар. Г.В. Ксенофонтов, А.П. Рязанскай, А.И. Софронов, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, М.К. Аммосов курдук төлөннөөх тыллаах-өстөөх дьоннордуун алтыһан, сүдү суолталаах үлэни тэрийсибитэ.
Алексей Широких үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин түмүктүүр дьоро күн уопсастыбаннай диэйэтэл аатын сүгэр орто оскуолаҕа күнүс 13 ч. буолуоҕа. Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгин олохтоохторо биир дойдулаахтарын бу тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥыраллар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru