Ийэ айылҕа барахсан ситиэҕинэн ситэн, тупсуоҕунан тупсан турар кэмигэр Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгэр Хахсыктан төрүттээх уһулуччулаах судаарыстыбаннай бэлитиичэскэй, уопсастыбыннай диэйэтэл Алексей Широких төрөөбүтэ 135 сааһын, “Хаксык” ТХПК тэриллибитэ 25 сылынан уонна нэһилиэкпитигэр Өбүгэ сылын чэрчитинэн Үрүҥ тунах ыһыах ыһылынна.
edersaas.ru
Ыраахтан чугастан ыҥырыллан, аймах-билэ дьон түһүлгэлээн түмсэн, Төхтүрбүт төлкөлөөх ытык ыһыаҕын үрдүк таһымнаахтык ыыттыбыт.
Нэһилиэк олохтоохторо Алексей Широких, Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов киириилэрин театрализованнай дьүһүйүү гынан оҥорбуттара, олус сонуннук көһүннэ.
Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан түһүлгэлээн түмсүбүт бар дьонун нэһилиэк аҕа баһылыга Кэскил Иванов ытык ыһыах күнүнэн эҕэрдэлээтэ.
— Ыһыах былыр былыргыттан сомоҕолуур, или, эйэни түстүүр күүстээх, — диэн бар дьонугар махтанан баран, баһылык педагогическай үлэ бэтэрээнигэр Александра Зыковаҕа нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕун бэлиэтин туттарда.
Саргы дьаалы салаллар үрүҥ тунах дэлэйэр саргылаах ыһыаҕар ыраахтан чугастан ыҥырыллан кэлбит ытык ыалдьыттарбыт СӨ Конституционнай суутун бэрэссэдээтэлэ Александр Ким (Ким-Кимэн), улууспут баһылыгын көмөлөһөөччүтэ Борис Протодьяконов, дьаамнар түмсүүлэрин сомоҕолуур бэрэссэдээтэлэ Анатолий Добрянцев, Константин Аргунов, Хотугу норуоттар төрүччүлэрин үөрэтэр институт директора, Николай Барамыгин СӨ Уопсастыбаннай палататын чилиэнэ, Ил Түмэн уонна улууспут дьокутааттара уйгу быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээтилэр. Түһүлгэлээн түмсүбүт ыһыахпыт аналлааах ыалдьыттара Алексей Широких төрүт сыдьааннара Амматтан, Дьокуускай куораттан түмсэн соргулаах ыһыах мааны ыалдьыттарынан буоллулар. Федор Широких, физико-математическай наука кандидата , “АЛРОСА” үлэһитэ, Амматтан учуутал идэлээх Алена Доброскокина Алексей Дмитриевич хос сиэнэ. Людмила Васильева, Амма улууһун баһылыгын солбуйааччынан үлэлээбит, чугас аймахтартан Ольга Широких уонна Дьокуускай куоракка олорор үлэлиир уонна да сиэннэр, хос сиэннэр эһээлэрин дойдутун көрө-истэ сэргии кэлэн ыалдьыттаан, махтанан бардылар. Инникитин Алексей Дмитриевич Широких, хос эһээлэрин аатын үйэтитиигэ үлэлэһиэхпит диэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр.
Ыһыах буолан баран кыынньар кымыс утахтаах, үтэһэлэммит эмис эттээх. Баһылык түһүлгэҕэ кэлбит ыалдьыттары, бар дьонун босхо эттээх иһинэн күндүлээтэ. Алгыс тылын анаан нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, үлэ тыыл бэтэрээнэ Семен Заморщиков арыылаах кымыс үрдүн охтордо, маанылаата. Түһүлгэни тула олорон кымыс иһиитигэр алаадьынан саха маанылаах астарынан түөлбэ талба мааны хотуттара күндүлээтилэр.
Үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэбит кытылыгар былыр былыргыттан Дыгын Дархан сыдьааннара үмүөрүһэ түмсэн, өбүгэ ситимин быстыбат аҕа уустарынан олорон кэллэхтэрэ. Өбүгэ сылын чэрчитинэн “Дьиэ кэргэн — өбүгэ ситимэ” көрүү түһүмэҕэр түөлбэлээн олорор түөрт аҕа ууһа кытынна. Арҕаа Хаҥалас Маалтаанытын Эмэйэ Сыраанаап аҕа ууһун Мурун Ыстапаан сыдьааннара Ильиннэр, ийэлэрин өттүнэн Мааппый Дорогуунаап диэнтэн Кириллиннэр үөскээбиттэр, аҕаларынан Перфильевтэр “Кыһыл сулус” холкуос, Арҕаа Хаҥалас улууһун Хахсык нэһилиэгэ Молтуун аҕа ууһа Куонаан Сэмэн сыдьааннара Шадриннар уонна Ефремовтар. Дьөппөн уус төлкө төрүттээх дьоммут аал луук мастарын оҥорон, көлүөнэ ситимин быстыбат аҕа уустарын үөрэтэн билбиттэрин сүрдээх үчүгэйдик кэпсээтилэр.
Алгыстаах ыһыах ырыатын тойугун Кыһыл Сулустан сыдьааннаах Уһун Кыһыллай сыдьааннара кыайа-хото бириистээн ыыттылар.
Күн иккис аҥаарыттан түһүлгэ көрө-нара, быыппастар быһый быччыҥнаахтар күөн күрэстэрэ эдэрдэри түмтэ. Манна кими да туораппакка, ыалдьыт, табаарыс диэбэккэ, ким туох көрүҥҥэ дьоҕурдааҕынан кыттан, кыайыы өрөгөйүн ситистэ, үөрүүтэ үксээтэ.
Эдэр ыччакка чэгиэн чэбдик олоҕу көҕүлүүр, сырдыкка кэрэҕэ дьулууру үөскэтэр сыаллаах нэһилиэк оҕолоругар “Төхтүр Боотур” бэрт тыҥааһыннаахтык буолла.
Өбүгэ үгэстэрин үйэтитэн аҕам да саастаахтар хаалсыбатылар. Түргэн хаамыыга, өтүйэ быраҕыытыгар күөн көрсөн күрэхтэһэн, эдэр саастарын санастылар, эгил-тэгил түһүстүлэр.
Быйыл олохтоох “Хаксык” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кооператива тэриллибитэ 25 сылынан “Хахсык оонньуулара” күөн күрэһигэр түөлбэ олохтоохторо күрэхтэһэн, уйгулаах ыһыаҕы түмүктээтилэр.
Ити курдук саргылаах ыһыахпыт санаа хоту салалынна. Нэһилиэкпит эдэр баһылыгын Кэскил Иванов тула түмсэн ытык ыһыахпытын сомоҕолуур норуот күүһүнэн, аҕа уустара, биир дойдулаахтарбыт, тэрилтэлэр, ытык дьоммут, улуус, нэһилиэк дьокутааттара анал сыаналаах бириистэри туруоран, күөн күрэстэр үрдүк таһымҥа аастылар.
«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru анаан
Мотрена ЕФРЕМОВА, култуура үлэтин бэтэрээнэ, Хаҥалас улууһа, Төхтүр нэһ.