Ыраах Эдьигээн быыһынааҕы, Дьииҥдьэ чугаһынааҕы, Төҥүргэстээх нэһилиэгэр иккис сылын учууталлыы сылдьар үрдүк уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх эдэр киһи начаалынай оскуола биир сырдык кылааһыгар сарсыҥҥы уруоктарыгар бэлэмнэнэ олорбута. Ол олордоҕуна, остуорас оҕонньор оргууй киирэн кэлбитэ. “Оройуонтан киһи кэлбит, сэбиэт эйиэхэ бу сурук ыытта”, — диэн баран, учууталга кыракый лиис кумааҕыны туттаран кэбистэ. Ити курдук 1941 сыл атырдьах ыйын бүтэһик күнүнээҕи киэһэ Прокопий Алексеевич Павлов армияҕа барарга бэбиэскэ туппута.
Егор ВАСИЛЬЕВ, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, edersaas.ru анаан.
Сарсыныгар оскуола таһыгар, армияҕа барааччылары атаараары, элбэх киһи мустубута. Хаалааччыларга холоотоххо, барааччылар бары, муҥха балыгыттан мууска туспа талыллыбыт бөдөҥ соболор курдук, толуу доруобай уолаттар этилэр. Дьоннорун-сэргэлэрин кытта быраһаайдаһан баран, аттаах аҕыс киһи аргыстаһан, айан суолун тутуһан, “Атарыкаан” күөл илин кэриитинэн, улам түргэтээн, хаппыт тураҥ буору өрүкүтэн, сиэллэрэн дибдитэ турбуттара. Балаҕан ыйын бастакы күнүгэр учуутал П.А. Павлов кылааска оҕолору үөрэтэ киирэрин оннугар, Ийэ дойдуга уоран саба түспүт уодаһыннаах өстөөҕү утары уоттаах сэриигэ барбыта.
Ол күһүн Сунтаартан армияҕа барбыт биллэр поэт Николай Сергеев Бүлүү оройуонун “Колхоз суола” хаһыатыгар өрдөөҕүтэ бэчээттэппит ахтыытынан, фроҥҥа баран иһээччилэр улуу Лена баһыттан салгыы массыынанан айаннаабыттар. Кинилэри арыаллаан илдьибит нуучча киһитэ — командир арахсарыгар сахаларга туһаайан: “Эһигини тииҥи харахха табаллар дииллэр. Көрөн итэҕэйиэҕи ол тиит төбөтүн тосту ытан түһэриҥ эрэ”,- диэбит. Бүлүүттэн баран иһээччилэр эдэр учуутал Прокопий Павловтан ытарыгар көрдөспүттэр. Онуоха кини бинтиэпкэни баҕарбатах курдук аа-дьуо ылан, балачча уһуннук кыҥаан баран ыппытыгар, тиит төбөтө тостон, таҥнары кэлэн, кырпай хаардаах сиргэ тура түспүт. Командир сахалары хайҕаабыт уонна: “Фашистары эмиэ бу курдук бэргэнник кыргыҥ”,- диэн алгыы хаалбыт.
П.А.Павлов, кытаанах байыаннай үөрэҕи ааһан, минометнай расчет наводчигын идэтин баһылаан, ефрейтор званиетын ылан, фроҥҥа тиийбитэ. Бастаан батальон штабын харабыллааһыҥҥа уонна минолетунан ытыалааһыҥҥа байыастары үөрэтиигэ сылдьыбыта. Онтон кинини младшай лейтенаннары бэлэмниир артиллерийскай-минометнай кууруска ыыппыттара. Курсаннары Ленинград таһынааҕы Всеволожскай станцияҕа үөрэппиттэрэ. Ыксаллаах кэм этэ. Фашистар үгүс сүтүктэрин аахсыбакка, Ленинградка дьулуһаллара. Онон үөрэх икки сыллаах бырагырааматын үс ый иһигэр бүтэрбиттэрэ. Павлов экзаменнары “4”, “5” сыаналарга туттартаабыта, ол иһигэр үөрэх практическай өттүгэр, минометунан биирдиилээн ытыыга, километртан ордук сиргэ турар харыйаны соҕотох снарядынан табан “5” сыананы ылбыта.
Младшай лейтенант званиетын ылан, Волховскай фроҥҥа тиийбитэ. Онно кинини стрелковай дивизия 405-с туспа минометнай дивизионун батареятыгар взвод командирынан анаабыттара. 1942 сыл сайыныгар бадарааннаах, торфалаах сирдэринэн кимэн киирэн, Ленинград блокадатын тоҕо көтөргө холонуу оҥоһуллубута. Ол кыаллыбатаҕа. Өстөөх да олус күүстээх этэ. Итиннэ П.Павлов, ыараханнык бааһыран госпиталга киирбитэ. Үс ый эмтэнэн үтүөрэн, волховскай фроҥҥа бэриллибит иккис Ударнай армияҕа сыһыарыллыбыт 230-с туспа минометнай полкаҕа взвод командирынан анаммыта.
1942 сыл кыһыныгар Волховскай фронт Ладожскай күөлтэн Ильмень күөлгэ диэри үс сүүсчэ километрдаах сиргэ обороналанан турара. Ленинградскай уонна Волхоскай фроннар, өстөөх оборонатын тоҕо көтөн, утарыта көрсүһүөхтээхтэрэ. Фроннар икки ардылара баара-суоҕа 12-15 эрэ километр этэ. Ол эрээри, манна өстөөх Ленинграды блокадалааһыныгар саамай күүстээх бөҕөргөтүнүүтэ фронт Шлиссельбургско-Синявинскай учаастага, генерал- полковник Линдеман 25 дивизиялаах 18-с армията баара. Бу армия Гитлертэн Ленинграды сир сирэйиттэн суох гынар сорудахтааҕа.
Биһиэннэрэ блокаданы тоҕо көтөргө эрдэттэн күүскэ бэлэмнэммиттэрэ. Волковскай фронт устатын тухары хас биирдии километрга ортотунан 140-160, сорох учаастактарга 250-360 пушка уонна миномет туруоруллубута, ол Сталининград аннынааҕы контрнаступлениеҕа туттуллубутунааҕар икки төгүлүнэн элбэҕэ.
Павлов хамаандалыыр взвода Ладожскай күөлтэн балачча ыраах баара. Иннилэригэр икки километр кэриҥнээх сиргэ Синявинскай үрдэллэр маҥан хаар булгунньах буолан көстөллөрө. Фронт былааһын тухары буолуохтаах артиллерийскай бэлэмнэниигэ катюшалар сигнал биэриэхтээхтэрэ.
1943 сыл тохсунньу 12 күнүгэр кэтэһиилээх кэм дьэ кэлбитэ. Сарсыарда 9 чаас 30 мүнүүтэҕэ халллааҥҥа катюшалар снарядтарын сырдык уоттара өстөөхтөр диэки көтөн субуруҥнаспыттара. “За город Ленина огонь!”- диэн хамаандалар сатараабыттара. Волховскай фронт артиллериянан ытыалааһыныгар анарааттан Ленинградскай фронт холбоһон, өстөөх үрдүгэр алдьархайдаах уот кутуллубута. Икки фронт түөрт аҥар тыһыынча орудиетын уонна минометун тыастара холбоһон, үгүс сүллэр этиҥ тэҥҥэ этэн эрэллэрин курдук ньирилээбитэ. Артиллерийскай бэлэмнэнии 2 чаас 20 мүнүүтэ устатыгар салҕанан барбыта. Сотору Синявинскай үрдэллэргэ ханан да хаар баара көстүбэт хап-хара буолбута. Халлаан балачча тымныытын үрдүнэн, артиллеристар итииргээн үгүстэрэ гимнастерканан сылдьыбыттара. Артиллерияҕа эбии штурмовой авиациябыт бомбардировщиктара фашистар тирэх пууннарыгар модун охсуулары оҥортообуттара.
Артиллерийскай бэлэмнэнии кэнниттэн алларанан пехота халҕаһалыы анньан иннин диэки дьулуспута. Өстөөх ордубут бөҕөргөтүүлэриттэн утары күүстээх уоту аспыта. Ити кимэн кииригэ биэс сууккалаах кырыктаах кыргыһыы түмүгэр аҕыс оробуочай бөһүөлэк босхоломмута. Өстөөх үгүс киһитин сүтэрбитэ. Фашисткай саллааттар уонна офицердар тыһыынчанан өлүктэрэ тоҥмут торфалаах бадарааҥҥа киһи хараҕа кыайан ылбат ырааҕар диэри сылбах курдук сыталларын көрөн, Павлов улаханнык сөхпүтэ.Техниканы да өстөөх элбэҕи сүтэрбит этэ.
Тохсунньу 18 күнүгэр Волховскай уонна Ленинградскай фроннар көрсүспүттэрэ. Ленинград уон алта ыйдаах блокадата дьэ тоҕо көтүллүбүтэ. Ладожскай күөл соҕурууҥу кытылын кыйа 8-10 километр кэтиттээх кыараҕас көрүдүөр үөскээбитэ. Онон тутуллубут тимир суол уонна шоссе устун Ленинград аччыктаабыт нэһилиэнньэтигэр ас-үөл быыстала суох таһыллан барбыта. Ити көрүдүөрү бобор туһугар өстөөх тохсунньу 19 күнүттэн ыла быыстала суох атаакалаабыта. Иккис ударнай армия чаастара ол атаакалары барыларын төттөрү охсо турбуттара.
Ити 1943 сыл сайыныгар Павлов сулууспалыыр полката гвардейскай диэн ааттаммыта. Оттон киниэхэ лейтенант званиетын иҥэрбиттэрэ. Дивизия 1944 сыл олунньу 1 күнүгэр Ленинградскай фронт чаастарын кытта Кингиссеп куораты босхолообута уонна Кингиссепскэй диэн бочуоттаах ааты ылбыта. Гвардия лейтенана П.Павлов үһүс Прибалтийскай фронт ахсыс армиятын Кыһыл знамялаах 189-с Кингиссепскэй дивизиятын 891-с полкатыгар сэрии бүтүөр диэри сулууспалаабыта.
1944 сыл күһүөрү сайын дивизия Эстонияны босхолуурга туруммута, атырдьах ыйын 10 күнүгэр Петсери, итинтэн икки хонон баран, Выру куораттары босхолообута. Эстонияҕа кимэн киирии кэмигэр 891-с полк өстөөх күүстээх тоһууругар түбэспитэ. Ыаллыы полкалар уонна тыыл кэнники ыраах хаалбыт кэмнэрэ этэ. Бу тоһуурга полк батальоннарын байыастарыттан үксүлэрэ өлбүтэ. Инники испит үс самоходнай установка умайбыта. Дивизия командира генерал-майор П.А.Потапов өстөөх минатын оскуолагыттан өлбүтэ. Политотдел начальнига подполковник П.В. Ковешников ыараханнык бааһырбыта. Минометнай рота сэриилэһэр кыаҕын сүтэрбитэ.
Полк командира полковник П.Г.Овчар, орпут күүһү мунньан, оборона оҥостуммута. Онуоха П.Павлов батареятыттан сүүрбэ байыаһы уонна рацияны ылбыта. Онон лейтенант Павлов түөрт минометугар аҕыс киһилээх, уон үс эрэ миналаах хаалбыта. Онтунан круговой оборона оҥостубута. Фашистар тохтоло суох аҕыста атаакалаабыттара. Ону утары биһиэннэрэ биирдии-иккилии эрэ миномету туттар кыахтаахтара. Мүччүргэннээх мүнүүтэлэргэ минометунан даҕаны снайпердыы ытыалыахха сөбө көстүбүтэ. Атаакалартан биирдэстэригэр алта уонча немецтэн аҥардарын соҕотох минанан охторбуттара. Фашистар атаакалыылларын тохтотон түүн куоппуттара. Гвардеецтар сарсыныгар кинилэри аҕыс уонча километрдаах сиргэ ситэн кыргыһан кыайбыттара.
П.А.Павлов гитлеровскай Германияны кытта сэрии бастакы сылыттан бүтүөр диэри фроҥҥа сылдьыбыт кэмигэр Ленинградскай уобалаһы, Эстонияны, Латвияны босхолоспута. Сэриини Латвияҕа Курляндскай тумул арыыны босхолооһунунан түмүктэспитэ. Минометнай батареяҕа огневой позиция старшайын быһыытынан бары минометтар бойобуой бэлэмнэрин хааччыйбыта, өстөөх техникатын уонна тыыннаах күүһүн бэргэнник ытыалааһыны тэрийбитэ. Командалаабыт минометтарын уоттарыттан немецтэр аатырбыт алта стволлаах реактивнай минометтара, автомашиналара, уоту аһар элбэх точкалара урусхалламмыттара, сүүһүнэн саллааттара уонна офицердара кыргыллыбыттара. Биир тылынан эттэххэ, фроҥҥа баран истэхтэринэ, нуучча командира сахалары алгыы хаалбытын курдук, бэргэнник ытыалаан уонна командалаан ытыалатан, үчүгэйдик сэриилэспитэ.
Кини, 1946 сыл сэтинньи саҥатыгар диэри армияҕа сулууспалаан баран, түөһүгэр Кыһыл сулус орденнаах, хас да бойобуой медаллаах, Верховнай Кылаабынай командующай И.В.Сталинтан түөрт махтал суруктаах төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кэлээт, сэрии иннинэ саҕалаан испит үлэтин салҕаан, начаалынай оскуола учууталынан үлэлээн барбыта. Үөрэҕин эмиэ салҕаан, Бүлүүтээҕи педагогическай училище иккис, үһүс куурустарын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэртээбитэ. Онтон 1952-1953 үөрэх дьылыгар төрдүс кууруска үөрэнэн, государственнай экзаменнарын барыларын “5” сыаналарга туттартаабыта. Ити кэнниттэн, Бүлүү оройуонуттан ханна да барбакка, I уонна II Күүлэттэр аҕыс кылаастаах оскуолаларыгар уһуннук учууталлаабыта. Киниэхэ 1965 сыллаахха Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учууталын бочуоттаах аата иҥэриллибитэ.
Төҥүргэстээххэ начаалынай оскуолаҕа үөрэппит учууталым, сэрии ветерана Прокопий Алексеевич Павлов бэрт аҕыйах саҥалаах, холку майгылаах киһи. Мин киниттэн сэриигэ кыттыытын туһунан кэпсииригэр көрдөстөхпүнэ ”уһулуччу хорсун быһыыны оҥорбутум суох”,- диэн сэмэйдик хоруйдааччы. Кэлин эмиэ фроҥҥа сырыыларыттан ахтыы оҥороругар көрдөһөн сурук ыыппытым. Онно кини “Өлө сыспыт түбэлтэлэрим” диэн төбөлөөх ахтыытын ыыппытта. Ону тугу да уларыппакка тылыттан тылыгар суруйдахха маннык: “1942 сыллаах балаҕан ыйын саҥатыгар Волховскай уонна Ленинградскай фроннар блокаданы быһаары кимэн киириилэрэ бара турара. Онон биһиги 405-с туспа минометнай дивизиоммут саҥа огневой позицияҕа тиийбитэ. Өстөөх техника, авиация өттүнэн оччолорго быдан баһыйара. Балаҕан ыйын 4 күнүгэр немецтэр сарсыарда халлаан сырдыаҕыттан киэһэ хараҥарыар диэри 40-50 самолет бөлөҕүнэн кэлэн быыстала суох бомбалаабыттара. Кимэн киирэр сирбит 4-5 эрэ километр кэтиттээх буолан, өстөөхтөр иннибититтэн уонна икки ойоҕоспутуттан курдаттыы ытыалыыллара.
Киэһэлик огневой позициябытын бөҕөргөтүнэ сырыттахпытына, биир снаряд батарея турар сиригэр түһэн эстибитэ. Миигин үрдүбүнэн ааһан уонча метр кэннибэр түспүт. Иннин диэки барбыт оскуолактара массыына кузовын, икки ойоҕоһун курдаттыы дьөлүтэ көтөн, управление взводун уонна маҥнайгы взвод командирдарын, дивизия парикмахерын харыларын, старшина атаҕын тоһуталаабыттара. Оттон кэннин диэки барбыттар мин моонньум хаҥас өттүгэр, уҥа санным аллараатыгар түспүттэрэ. Кэннин диэки барааччылар мөлтөх буоланнар, көҥүтэ көппөккөлөр, тыыннаах хаалбытым.
Биирдэ батареям командирыттан ыйыы ылан баран истэхпинэ, туох эрэ кэтэхпэр күүскэ охсорун кытта, кааскам тыаһа чаҥ гына түстэ. Тобуктуу түһэн баран, устунан туора сыыллым. Дьоннор саҥалара “киһини өлөрдө” дэстилэр. Өйдөөн көрбүтүм, эмиэ биһиги курдук 120 мм полковой минометтаахтар огневой позиция оҥосто тураллар эбит. Кинилэр итинник немец снайпера бултаһарын кэпсээтилэр. Пехота инники кирбиитигэр барарбар сэрэххэ кэппит кааскам өлөр өлүүттэн быыһаабыттаах. Ыраах буолан, буулдьа кааскабын хоппотох этэ.
Нарва куораты ылаары 1944 сыллаах сайын кимэн киирии буолбута. Турар сирбит эргиччи бадараан этэ. Онон землянкалары дириҥник хаһар кыах суоҕа. Связистар землянкалара икки эрэ хос мас үрүттээҕэ. Билиитэ курдук айылҕа тааһа элбэх этэ. Таастар бүтэннэр, ону балтараа метр халыҥнаах гына буор куттарбытым. Биһиги аттыбытыгар кэлэн, громкоговорителлаах массыына немецтэргэ агитация оҥорор буолбута. Массыына бараатын кытта немецтэр пушканан ытыалыыллара.
Пехотаҕа баар батареям командирын кытта связистарга киирэн кэпсэтэ олордохпута, тыас мэҥэ саалла түстэ. Быыл көппүтүн кэннэ көрбүппут, землянкабыт икки маһа тостон тураллар эбит. Снаряд тааска түһэн эстибит, онон тыыннаах хаалбыппыт.
Биирдэ били эркинин буорун халыҥаппыт землянкабытыгар эбиэттии олордохпутуна, землянкабыт өрө эккирии түстэ. Тахсан көрбүппүт, халыҥатыллыбыт буору миэтирэттэн ордугу тоҕо сүргэйэн кэбиспит. Землянка эркин мастара синньигэс этилэр. Онон снаряд иһирдьэ эстиэҕин буор быыһаабыта.
1944 сыллаах атырдьах ыйыгар Латвияҕа саҥа огневой позицияҕа көһүү буолбута. Массыынабыт аҕыйах буолан, мин старшай буоларым быһыытынан, бүтэһик расчету кытта көһүспүтүм. Массыынабытыгар миномету состорон, уон дьааһык минаны тиэйэн, аҕыс буолан айаннаан киэҥ баҕайы хонуунан испиппит. Ол истэхпитинэ, өстөөх 18 самолета иһэрэ көһүннэ. Ааһаары гынан иһэн, алта самолет иннибитигэр, алта кэннибитигэр, алта үрдүбүтүгэр пикировкалаан түстүлэр. “Ханаабаҕа түһүҥ!”,- диэн хаһытаат, ханаабаҕа түстүм. Бомбалар түһэн тэйгэһэн иһэллэрэ көһүннэ. Бомба эстэр тыаһа ньиргийэн олордо. Онтон аны пулеметунан ытыалаатылар, онтон тыастара ыраатан барда.
Бомба көмпүт буоруттан нэһиилэ оронон туран көрбүппүт, улахан көһөҥө буор массыынабыт кабинатын хоточчу баттаабыт. Оскуолактар кабинаны, радиаторы хастыы эмэ сиринэн тэһитэ көппүттэр. Кузовы сиидэ курдук оҥорбуттар да, хата, миинэлэри эстэрдии таппатахтар. Итиннэ миномет командирын Мелентьевы бомба күдэҥҥэ көтүппүтэ. Наводчик Барановы булдьа атаҕын тоһуппута. Иитээччи Кочневы булдьа көхсүнэн түһэн баран түөһүнэн курдаттыы тахсыбыта, хата, сүрэҕин, тыҥатын таарыйбатах этэ. Өскө дьааһыктаах миинэлэр эстибиттэрэ буоллар, бары да өлөрдөөх этибит.
Сэриигэ эрэйи харыстаабакка окуопаны хастыы, огневой позицияны землянканы үчүгэйдик оҥостуу улахан көмөлөөх буолаллар этэ. Онтон сэрэҕэ суох, дьалаҕай быһыы сиэртибэлээх буолааччы. Сэрии быһылааннарыгар балартан да атын түбэлтэлэр бааллара.”
Сэрии, үлэ ветерана Прокопий Алексеевич Павлов биир дойдулаахтарын, I Күүлэт олохтоохторун истиҥ ытыктабылларынан туһанара. Булка сырыттаҕына, кэлин да сыыһа-халты туттубат бэргэн ытааччы быһыытынан билллэрэ. Кини 1986 сыллаахха дойдутугар олорон бу орто дойдуттан барбыта.
Егор ВАСИЛЬЕВ, тыыл, үлэ бэтэрээнэ. edersaas.ru анаан.