Ыарахан дьаҥтан үтүөрбүт кырдьаҕаһы көрүү-истии кини доруобуйата салгыы чөл буоларын туһугар туһуланар. Онуоха хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?
Билэргит курдук, үгүс кырдьаҕас, ыарыһах киһи дьон көрүүтүгэр-истиитигэр наадыйар. Манна чааһынай тэрилтэлэр эмиэ үлэлэһэллэр. Кинилэр кырдьаҕастар оҕолоро, чугас дьоно үлэлиир кэмнэригэр эбэтэр кинилэр олохторун чэпчэтээри кырдьаҕаһы көрөөччүнэн (сиделканан) уонна ньээҥкэнэн үлэлииллэр. Биир оннук, көрөөччүлэри уонна ньээҥкэлэри талан биэрэр тэрилтэнэн Дьокуускайга “Гувернер” ааҕыныстыба буолар. Бүгүн бу тэрилтэ салайааччыта Анна Федоровна Артамонова хамсык кэмигэр хайдах үлэлииллэрин кэпсээтэ:
— “Гувернер” ааҕыныстыба хамсык кэмигэр бэйэтин сэмэй кылаатын эмиэ киллэрэн, үлэлии олорор. Билигин килийиэннэрбит үксэ ковидтаабыт дьон. Бу ыарыы кырдьаҕас киһи доруобуйатын күүскэ айгыратар, кэбирэтэр эбит. Ыалдьыан иннинэ дьиэҕэ бэйэтэ хаама-сиимэ сылдьыбыт киһи сытынан кэбиһэр.
Дьэ, маннык ыалдьыбыт дьон үксүгэр санаалара түспүт буолар. Оттон эргиччи барыта куһаҕан иһитиннэриилэр кэлиилэрэ доруобуйаҕа наһаа охсуулаах. Ол иһин, биһиги үлэһиттэрбит кинини кытта истиҥ сыһыаны олохтоон, сэргэхситэн, үчүгэй сонуну кэпсээн-ипсээн, инникигэ эрэли уган, санааларын көтөҕөллөр. Санаа күүһэ диэн олус наада. Бу килийиэннэр үтүөрэннэр, олоххо төннөллөрүгэр эми таһынан төһүү, тирэх буолар.
Уонна сууйан-сотон, аһатан-сиэтэн, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрии биһиги үлэбит сүнньэ буолар. Хас биирдии көрөр-истэр кырдьаҕаспыт туһугар кыһамньыбытын, санаабытын бүүс бүтүннүү ууран, көрөр киһибит олоххо төннөрүгэр көмөлөһөбүт.
Килийиэннэрбит да араастар. Сорох майгыта үчүгэй, холку, сорох хаппырыыс, наһаа ирдэбиллээх. Ону биһиги кинилэр санааларын табан, күннэри-түүннэри үлэлиибит.
Ковид ыарыы кэнниттэн киһи хаана хойдор, тымырыгар тромбалар үөскүүллэр эбит. Онтон сылтаан доруобуйа эмсэҕэлээһинэ барар. Ол иһин, биһиги үлэһиттэрбит көрөр дьонун доруобуйалара чөлүгэр түһэрин туһугар элбэх уу иһэрдэллэр, эттэрин-сииннэрин чэбдигирдэллэр, массаастыыллар, туругуттан көрөн сүһүөхтэрин хамсатан-имсэтэн биэрэллэр. Хас биирдии көрөр киһибитигэр ыарыытыттан көрөн тус-туһунан сыһыан олохтонор. Ыарыһах киһи иммунитетын көтөҕөр туһуттан сөптөөх натуральнай аһы аһыахтаах, битэмииннэри кэмигэр иһэн, доруобуйатын тупсарарга дьулуһуохтаах. Биһиги кырдьаҕас, ыарыһах киһи атаҕар турарын туһугар көмөлөһөрбүтүттэн үөрэ-көтө үлэлиибит. Сөптөөх көрүү-истии, болҕомто, кыһамньы билиҥҥи ыарахан дьаҥ кэмигэр олус суолталаах.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова.
Хаартыска: интэриниэттэн