Густав Яковлев алмаастаах баахтата

08.07.2021
Бөлөххө киир:

АЛРОСА бэтэрээнэ Густав Яковлев өрөспүүбүлүкэ хайа-хостуур салаатыгар

46 сылын анаата. Кини үлэлиир сылларыгар  эрэгийиэн алмаастаах салаата үөскээһинин, АЛРОСА хампаанньа тэриллиитин уонна сайдыытын сыллара  түбэспиттэрэ.

edersaas.ru

Густав Афанасьевич, тыа сирин олохтооҕо киһи хайа үлэһитэ буоларга хайдах  бы­­һаарыммыккыный?

1953 сыллаахха мин Ньурбаҕа үөрэнэр кэммэр Амакааннааҕы геологическай-чинчийэр  эспэдииссийэ олохсуйбута. Биһиги эдэр ыччаттарбыт бары  геолог уонна хайа үлэһитэ буолар баҕа санаанан умайбыттара. Ол түмүгэр  мин кылааспын бүтэрбит 19 ыччаттан  16-та тиэхи­ньиичэскэй үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирбитэ уонна бүтэрбитэ.

Баҕа санааны олоххо киллэрэ киин куоракка кэлэр оннук чэпчэки этэ дуо?

Биллэн турар, чэпчэкитэ суоҕа. Аҕам миигин бэйэтин утумнааччытын быһыытынан  – тыа хаһаайыстыбатын механизатора буоларбар ииппитэ. Кини «Үлэ Кыһыл Знамята” уордьан­нааҕа, БСНХСБ (ВДНХ) аһыллыытыгар атын эрэгийиэннэр уопуттарын көрө-билэ бара сылдьыбыта. Ол иһин, мин хайа инженерин идэтигэр киирэр баҕабын билэн баран, үөрэххэ барарбар айаным орос­куотун биэрэртэн аккаастаммыта.

Онуоха Эн?  

Урут оҕолоругар көмө­лөһөөрү, сүөһүлэрин өлөрөллөрө, этин атыылыыллара, оччоҕо ол харчынан барыахха сөп этэ. Мин кыһалҕаны быһаарар атын суолу булбутум: Антоновка оройуонугар ньиэп баазатыгар баржаны сүөкүүргэ үс суукка үлэлээбитим. Өлөрбүт харчым сөмөлүөт төлөбүрүгэр тиийбэтэҕэ, онон киин куоракка диэри борохуотунан барарга күһэллибитим. Хаһан борохуотунан устан кэлиэхпэр диэри киирии эксээмэннэр номнуо бүппүт этилэр. Мин дьолбор, ити сыл Саха судаарыстыбаннай университета тэриллибитэ, онно киирбитим.

Күүһү эһэр  үлэ

Аҕаҥ эн быһаарыныыгын кэлин да  ылымматаҕа дуо?

Биэс сыл «Туһалаах баайдар бытархай уонна төрүт сирдэрин оҥоруу» идэҕэ хайа инженеригэр үөрэммитим. Үөрэҕим иккис сылыгар аҕам сүрэҕэ сымнаабыта уонна  ый аайы уоннуу солкуобайы ыытар буолбута. Кырдьыкпынан эттэххэ: оччолорго ити олус үчүгэй харчы этэ.

Быраактыкабытын Баатаҕайга, Забайкальеҕа чох шаахталарыгар барбыппыт. Үлэбит ыарахан этэ – тобуккар эбэтэр курданаргар диэри ууга сылдьарбыт. Ол гынан баран, мин ыарахаттартан куттамматаҕым, тоҕо диэтэххэ, тыа сириттэн сылдьарым уонна сэрии ыарахан сылларыгар улааппытым. Маннык быраактыка хайа үлэтэ төһө ыарахан буоларын өйдүүрбэр көмөлөспүтэ.

Суол саҕаланыыта

Густав Афанасьевич үлэтин 1961 сыллаахха Ольчан диэн Индигиир бириискэтигэр хайа маастарыттан  саҕалаабыта.

Онтон кинини Мииринэй куоракка көһөрбүттэрэ, манна биэнсийэҕэ тахсыар диэри 46 сыл үлэлээбитэ. 

Мир” кимберлит туруупкаҕа хайа маастарынан саҕалаабыта, сэттэ сыл бууру дэлби тэптэрэр  үлэлэргэ начаалынньыктаабыта. Ити кэмҥэ  фабрикалар урууданы үлтүрүтэргэ уонна үлэ тэтимин күүһүрдэргэ  шаровайа суох миэлиҥсэлэргэ көспүттэрэ. Эргэ шаровай миэлиҥсэлэри хомуйарга дьоҕус тэптэриилэри оҥоруохха наада этэ. Мындыр буолууну эрэ­йэр үлэ, атын кабеллары таарыйбат курдук толкуйдуохха наада этэ.

Яковлев элбэҕи ситиспитэ:

Үһүс фабрикаҕа тоҕо тэптэриилэринэн мин эрэ дьарыктанарым, дэлби тэбэр биэссэстибэ хас биирдии кыраамын мин кытаанах кэтээн көрүүбүнэн  эрэ уурарбыт. Ханнык да быһылаана суох ааспыта, биир да кабелы уонна биир да паныалы таарыйбатахпыт. Дьиҥэр, биһиги таспытыгар сыбаайаҕа олохсуйбут куорат турара, куттал улахан этэ.

ССРС ыһыллыыта

Густав Афанасьевич дьалхааннаах 90-с сылларга Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээти салайбыта.

Салаа Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыытын хайдах аһарбытай?

1990-с сылларга хайа үлэтэ эрэлэ суох туруктаммыта. Сэбиэскэй сылларга кэпэрээссийэ баара, биһиги Сойуустан барытыттан материальнай-тиэхиньии­чэскэй  кыахтары  ыла олорбуппут, арай эмискэ бэйэбит бэйэбитин быһаарынар буолан хаалбыппыт. 1991 cыллаахха  хайа-байытар үлэ кээмэйэ икки төгүл кыч­чаабыта.

Уопуттаах исписэлиистэр дойду киин уобаластарыгар көһөн киирэн барбыттара. Үлэһит дьону тохтотор уонна хайа үлэтин кээмэйин улаатыннарар сорук турбута. Уустук этэ, ол гынан баран, мин кыайбытым. 1992 сыл бүтүүтэ, аҥаардас уон ый иһигэр кэриэтэ оҥорон таһаарыы кээмэйин 35% үрдэтэн, былааны  102% толорбутум.

Ол хайдах этэй?

Бастатан туран, оҥорон та­­һаарыы үлэтигэр дьиссипи­лиинэнэн. Сыахтар начаалын­ньыктара бэрээдэги кэһээччилэргэ суруйбут араапардарын бэйэм көрөн бы­­һаарар буолбутум.  Кыайан көнөр кыаҕа суох 3 эрэ киһи биир сыл иһигэр бириэмийэтэ быһыллыбыта, атыттар харчыларын сүүс бырыһыан ылбыттара. “Былаан толоруллубатаҕына, хамнас икки төгүл кыччыыр”, – диэн судургутук быһаарбытым. Оттон былааны толордохпутуна, хамнаһы эмиэ кэмигэр төлүүр эбээһинэстээхтэр, мин маны туох баар күүспүнэн ситиспитим.

Эргиэн тэрилтэлэрин уонна аэропортары кытта ыкса үлэлээбитим, тоҕо диэтэххэ, ити сылларга кинилэргэ эрэ уу харчы баара. Иэс ыламмын үлэһиттэрбэр хамнастарын төлөөбүтүм. Олох куһаҕан буоллаҕына, оробуочайдарга бородууктаны испииһэгинэн иэс биэрэллэригэр дуогабардаспыппыт. Алдьархайдаах кэм этэ. Онно биһиэхэ Анаабыр оройуона уонна Өлөөн олус көмөлөспүттэрэ, ол курдук, кинилэр ыытар эттэрин биһиги испииһэгинэн түҥэппиппит. Оччолорго Удачнай бөһүөлэгэр 20 тыһыынча кэриҥэ киһи олороро, кинилэргэ барыларыгар мин эппиэтинэстээхпин билэрим. Ити курдук, биһиги дьалхааннаах 90-с сыллары тоҕо анньан тахсыбыппыт.

Саҥа олох

1997 сыл от ыйыттан Густав Афанасьевич АЛРОСА хампаанньа Саха сиринээҕи бэрэстэбиитэ­листибэтигэр үлэлии көспүтэ.

Чунуобунньугунан үлэлиир миэхэ олох судургута суох этэ. Бастакы сылбар үлэм күнүн 9 чаас оннугар үөрэммиппинэн 7 чаастан саҕалыырым. Биир өттүттэн көрдөххө, олох арыый судургутуйбутун курдук буолбута, ол эрээри, атын түгэннэр баар буолбуттара. Туох да диэбит иһин, мин саныырбынан, улахан үөрүйэҕим уонна хампаанньа үлэтин ис-иһиттэн билэрим  өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта үлэлиирбэр көмөлөспүттэрэ.

АЛРОСА Саха сирин экэниэмикэтигэр оруолун хайдах сыаналыыгын?

Билигин АЛРОСА  –  өрөспүүбүлүкэҕэ регистра­циялаах соҕотох хостуур хам­­паанньа. Хампаанньа төрүттэниитигэр ин­­тэлигиэнсийэ бүтүн бөлөҕө турбута. Бу – биһиги бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев, хампаанньа бастакы бэрэсидьиэнэ Валерий Владимирович Рудаков уо.д.а. Кинилэр үлэлэрин көмөтүнэн биһиги олорор, таптыыр өрөспүүбүлүкэбит акылаата ууруллубута. Билигин АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн үбүлээһинин 40% оҥорор, онуоха үлэлиир оройуоннарыгар бэйэтин социальнай эбэһээтэлистибэлэрин умнубат.

Биһиги көлүөнэбит табыллыбыта, биһиги суохтан саҕалаабыппыт. Социальнай эйгэни, гражданскай уонна бырамыысыланнай эби­йиэктэри тутууну барытын бэйэбит эт илиибитинэн оҥорбуппут. Билиҥҥи уонна кэлэр көлүөнэ биһиги дьыалабытын салҕыахтаахтар.

Эдэр исписэлиистэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

Билиҥҥи ыччаттарга уонна эдэр исписэлиистэргэ бэйэ үөрэниитин  туһунан хаһан да умнубаттарыгар сүбэлиэм этэ. Киһи хас күн аайы, хас чаас аайы үөрэниэхтээх, онон туох эрэ саҥаны уонна эҥкилэ суоҕу оҥоруох­таах дии саныыбын. Чэпчэкитэ суох үлэлэртэн биирдэстэрэ, ол оннугар дьиссипилиинэҕэ уонна бэйэни хонтуруолланарга үөрэтэр – бу үөрүйэхтэр күннээҕи да олоххутугар туһалыахтара, дэгиттэр дьон буолуҥ!

Мин туһалаах баайы хостуур салааҕа 46 сыл үлэлээтим уонна хампаанньа салгыы өссө сайдыахтаах дии саныыбын.

«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан АЛРОСА пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0