Гурген Джангирович Бабаян

01.12.2016
Бөлөххө киир:

Ахсыbabayanнньы 16 күнэ – Саха АССР үтүөлээх геолога, геолого-минералогическай наука кандидата Г.Д. Бабаян төрөөбүтэ 100 сыла (1916-1987). Гурген Джангирович 1916 сыллаахха Нагорнай Карабахха Азербайджанскай АССР-га төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха Ереваннааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрээт аспирантураҕа үөрэнэ киирбитэ. Сэрии саҕаламмытыгар баҕа өттүнэн Аҕа дойдутун көмүскүү барбыта. 1946 сыллаахха мобилизацияламмыта.

1946 – 1954 сылларга РСФСР Геологиятын министиэристибэтигэр таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1954–1956 сылларга ньиэп бырамыысылыннаһын академиятыгар үөрэммитэ.

Кини салайыытынан геологтар бөлөхтөрө Саха сиригэр геофизическэй үлэлэри ыыппыта. Гурген Джангирович Бабаян ньиэптээх сири булууга үлэлэспит дьоннорунан биирдэстэринэн буолар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0