Эбээннэр “Сээдьэ”, дьүкээгирдэр “Лондол”, эбэҥкилэр “Гудээ Дуннэ”, онтон да атыттар – бу барыта киһи эрэ олус сэргии, сэҥээрэ, сөбүлүү көрөр үҥкүүлэрэ.
edersaas.ru
Чуолаан бу, хотугу норуоттар култуурунай нэһилиэстибэлэрин сөргүппүт “Гулун” норуодунай ансаамбыл баазатыгар 2014 сыллаахха, СӨ бэрэсидьиэнэ Егор Борисов дьаһалынан, Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар судаарыстыбаннай тыйаатырдара төрүттэммитэ. Маннык уратылаах тыйаатыр, Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, дойду, аан дойду да үрдүнэн, арааһа, соҕотох буолуо.
Хотугу норуоттар хатыламмат ураты култуураларын, үгэстэрин уонна тылларын араҥаччылыыр, сайыннарар сыаллаах-соруктаах тыйаатыр бу 5 сыл иһигэр хотугу омуктар тылларынан 8 хореографическай испэктээги туруорда — Николай Курилов либреттотынан дьүкээгирдии “Үрүҥ бөрөлөр тустарынан номох”, Баһылай Харысхал либреттотынан эбэҥкилии “Гаса Хунаат” – “Кыталык Кыыс” испэктээгэ, эбээннэр уонна чукчалар үһүйээннэринэн “Таптал туһунан номох”, эбээн омук нимкан-эпоһа “Нөлтөк”, онтон да атыттар. Бу испэктээктэри барытын талааннаах режиссер, СӨ үтүөлээх артыыһа Матрена Корнилова туруорбута.
Оттон бу күннэргэ кэлэктиип, Тыйаатыр сылынан, Аан дойду төрүт олохтоох норуоттарын тылларын сылынан, уус-уран салайааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Любовь Никитина салалтатынан, Сахалин уобалаһыгар гостуруоллаан кэллэ. Южно-Сахалинскайтан саҕалаан, саамай ыраах сытар Оха куоракка тиийэ, Сахалины биир гына икки нэдиэлэ устата 6 испэктээги, 5 кэнсиэри үрдүк таһымҥа көрдөрдүлэр. Түмүккэ Улахан кэнсиэр буолла. Гостуруоллуур биригээдэҕэ, уруккуттан бииргэ үлэлэһэр доҕотторо — этно-мусукааннар Клавдия, Герман Хатылаевтар киирэн сырыттылар.
Аны атырдьах ыйын 31 күнүгэр “Гулуннар” Владивосток куоракка айанныыллар. Манна кинилэр, сыллата ыытыллар Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум култуурунай бырагырааматыгар кыттыахтара. Форуму үөрүүлээхтик аһыы балаҕан ыйын 4 күнүгэр буолуоҕа.
Сахалиҥҥа барыан эрэ иннинэ Хотугу норуоттар тыйаатырдара Соҕуруу Кореяҕа Кентджу куоракка ыытыллыбыт Уу успуордун көрүҥнэригэр аан дойду чөмпүйэнээтин култуурунай бырагырааматыгар анаан-минээн ыҥырыллан, ону өрөспүүбүлүкэбит салалтата өйөөн, улахан ситиһиилээхтик кыттан кэлбитэ.
Бу 16 артыыстаах, уопсайа 20-тэн тахса үлэһиттээх дьоҕус кэлэктииби билигин хайыы-үйэҕэ, өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, дойдуга, омук сирдэригэр тиийэ билэллэр, ыҥыраллар. 2016 сыллаахха тыйаатыр Соҕуруу Кореяҕа “Мааска бэстибээлигэр” кыттан, Гран-при буолбута. Манна кинилэр “Кыталык Кыыс туһунан номох”-тон быһа тардыыны көрдөрбүттэрэ.
Оттон быйыл Сахалиҥҥа ыытыллыбыт Норуоттар икки ардыларынааҕы кыһыҥҥы “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулары үөрүүлээхтик аһыыга, тэрийэр кэмитиэт ыҥырыытынан. тыйаатыр уус-уран салайааччыта Любовь Никитина “Хотугу этюдтары” анаан туруоран биэрбитэ. Манна кэлэктиип уонна “Тэтим” бөлөх – уопсайа 50 киһи кыттыбыта. Олохтоохтор көрдөһүүлэринэн, улахан кэнсиэрдэри көрдөрбүттэрэ.
Василий Слепцов: “Тылбытын араҥаччылыыбыт”
Тыйаатыр Дьокуускайга Хотугу норуоттар дьиэлэригэр үлэлиир, манна дьоҕус сценалаахтар, 70 миэстэлээх саалалаахтар. Ол иһин, биир испэктээги 4 төгүл көрдөрдөхтөрүнэ эрэ былаан туолар кыахтанар. Тыйаатыр “Култуура” национальнай бырайыагы тутуһан үлэлиир. Быйыл, Тыйаатыр сылыгар, айар үлэ тосхоло, биллэн турар, хаһааҥҥытааҕар даҕаны киэҥ уонна араас көрүҥнээх.
Хотугу норуоттар тыйаатырдарын дириэктэринэн 2017 сыл алтынньы ыйга СӨ култууратын туйгуна Василий Романович Слепцов анаммыта. Василий – уус-уран салайааччы Любовь Никитина үөрэнээччитэ. Любовь Алексеевна өр сыл бэйэтэ уһуйан, сүбэлээн-амалаан, дириэктэри бэлэмнээтэ. Ол курдук, маҥнай, култуура, искусство эйгэлээх Васяны кыра эрдэҕиттэн эбэтэ Елена Иннокентьевна үҥкүү куруһуогар сырытыннарбыта. Оттон уол 2002 сыллаахха АГИКИ-гэ үөрэнэ киирбитигэр, кууруһун кураторынан “Гулун” ансаамбыл салайааччыта Любовь Никитина буолбута. Онон, үөрэҕин бүтэрээт, атын ханна да аралдьыйбакка, 2007 сыллаахха Василий Слепцов “Гулуҥҥа” үлэлии кэлбитэ. Айылҕаттан талааннаах уонна дьүккүөрдээх, үлэһит уол, ансаамбыл бастыҥ солиһа буолбута, үгүс дьон чуолаан кинини көрөөрү “Гулун” кэнсиэригэр талаһара диэтэхпинэ сыыспаппын. Василий олоҕун аргыһын – таптыыр кэргэнин эмиэ бу ансаамбылыгар көрсүбүтэ. Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан Хореографическай колледжы ситиһиилээхтик бүтэрбит Вилена Слепцова билигин Хотугу норуоттар тыйаатырдарын биир бастыҥ солистката.
Мин, дириэктэр Василий Слепцову көрсөн, кэпсэтэ түстүм.
—Тыйаатыр тэриллэригэр, Култуура министиэристибэтэ, үҥкүүнү таһынан, бэйэбит искусствобытынан хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар фольклордарын, үгэстэрин уонна тылларын сайыннарыыга сыал-сорук туруорбута. Онон, биһиги билигин Сахабыт сиригэр олорор хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар барыларын тылларын араҥаччылаан, сайыннарыыга үлэлэһэбит. Онон, мусукаалынай-драматическай тыйаатыр диэххэ сөп биһигини… 2014 сылтан, холобур, эбээннэр “Нөлтөк” эпостарынан испэктээк туруорбуппут. “Гаса Хунаат” – “Кыталык Кыыс” эбэҥки норуотун олоҕуттан либреттоны Баһылай Харысхал суруйбутун туруордубут. Дьүкээгирдии “Үрүҥ бөрөлөр тустарынан номох” баар репертуарбытыгар. Оттон быйыл долганныы, Ольга Фалькова “Мертвое стойбище” диэн драматическай испэктээгин туруордубут. Итиэннэ күһүн чукчалар айымньыларын туруорар баҕалаахпыт. Матырыйаал көрдүү сылдьабыт.
— Оччотугар, артыыстар хотугу омуктар тылларын үөрэтэр буоллахтара?
— Исписэлиистэри ыҥыран, тылы үөрэттэрэбит. Биһиэхэ ити өттүнэн ХИФУ хотугу филология хаапыдырата олус көмөлөһөр. Итиэннэ, Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциациялара мэлдьи өйүүр. Сүбэлэһэргэ-амалаһарга, биир дьиэҕэ баарбыт эмиэ үчүгэй, табыгастаах.
Эрэл кыыма
—Матырыйаал көрдүүбүт диэтиҥ. Уустуктардаах дуо? Уопсайынан, туох кыһалҕалааххытый?
—Ордук улахан кыһалҕабыт – сөптөөх матырыйаал аҕыйаҕа. Баар айымньылары, бэйэҕит билэҕит, үксүн Саха тыйаатыра, атыттар даҕаны туруордахтара. Ол иһин анаан сакаастаһабыт, архыыптары хасыһабыт… Холобур, “Тус хоту” диэн режиссербут Матрена Корнилова тиһэх үлэтин Мария Нулгынэт анаан суруйбута. Ааптардар үлэлэрэ үксэ остуоруйа, номох, үһүйээн буолар. Хайа баҕарар испэктээк режиссер, ааптар, уус-уран салайааччы, артыыстар барыбыт уопсай сүбэбитинэн, туох эрэ эбиллэн-көҕүрэтиллэн, туох эрэ көннөрүллэн, чочуйуллан, улахан үлэ түмүгэр күн сирин көрөр.
Матрена Владимировна тэриллиэхпититтэн испэктээк бөҕөтүн туруоран, олус айымньылаахтык үлэлээбитэ, биһиги киниэхэ махталбыт муҥура суох… Билигин, кини суох буолбутун кэннэ, режиссердары ыҥыран, үлэлэһэбит. Ол курдук, Петр Баснаевы (“Кустук” испэктээк), Александр Титигировы (“Чучунаа”), Сергей Потаповы, Петр Скрябины, о.д.а. кытта сибээспитин тутуһабыт. Быйыл оҕолорго анаан чукча норуотун остуоруйатын туруорар баҕа санаалаахпыт, матырыйаалы үөрэтэ сылдьабыт.
Итиэннэ, тыйаатырга штаппыт аҕыйах. Холобур, уот-күөс оператора, сцена оробуочайа, иистэнэр сыах, бутафор диэн биһиэхэ суох. Ити эбээһинэстэри барытын артыыстарбыт бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, толороллор.
— Оттон, бастатан туран, сценарий, матырыйаал тиийбэт кыһалҕатын хайдах быһаарыахха сөбүй?
— Судаарыстыбаннай сакаас оҥорон, сценаристары, холобур киин вузтарга анаан-минээн үөрэттэрдэххэ эрэ кыһалҕа быһаарыллыан сөп дии саныыбын.
ХХХ
Хотугу норуоттар тыйаатырдара, түһүмэхтэринэн салгыы сайдыыга Кэнсиэпсийэ ылыммыта. Онон, хаһан эрэ, инникитин, толору штаттаах, бэйэтэ анал дьиэлээх-уоттаах, киэҥ-сырдык тыйаатырдаах буолуоҕар эрэл кыыма баар. Ол эрэл оруннаах, тоҕо диэтэххэ, саамай сүрүнэ – тыйаатыр бэйэтэ көрөөччүлээх!
Татьяна МАРКОВА.
Хаартыскалар тыйаатыр архыыбыттан.