«Гринпис» этэрээтэ «Өлүөнэ очуостарын» баһаарын умуруорар

07.07.2021
Бөлөххө киир:

Гринпис” айылҕаны харыстыыр аан дойдутааҕы тэрилтэ Арассыыйатааҕы салаатын хомуур этэрээтэ “Өлүөнэ очуостара” национальнай пааркаҕа күүдэпчилэнэр баһаары умулларыыга көмөҕө кэллэ.

Этэрээккэ атын эрэгийиэннэртэн анал үөрэхтээх ойуур баһаарынайдара, “Гринпис” үлэһиттэрэ, заповедниктар иниспиэктэрдэрэ бааллар. Кинилэр беспилотниктары ыытан, төһө иэннээх сир ханан-хайдах умайарын быһаарыахтара, сири хаһан балаһа оҥорорго көмөлөһүөхтэрэ. Бадарааннаах сир буолан, тиэхиньикэ кыайан киирбэтэ балаһыанньаны уустугурдар.

«Бэҕэһээҥҥиттэн саҕалаан, этэрээт байыастара уоту умуруорууга үлэлии сылдьаллар. Баһаар илин диэки барарын тохтоттулар» диэн “Гринпис” Арассыыйатааҕы салаата иһитиннэрэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ykt.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0