Григорий Попов: «Кыайыыбын саха норуотугар аныыбын”

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, Ил Дархан кубогар аныгы панкратиоҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы турнир саамай сүрүн киирсиитигэр биир дойдулаахпыт Григорий Попов Корея байыаһын эрэллээхтик кыайан, 59 киилэҕэ Азия чөмпүйүөнүн аатын ылла. Наҕараадалааһын кэнниттэн өрүү буоларыныы, саҥа чөмпүйүөнү элбэх ахсааннаах эҕэрдэлиир, хаартыскаҕа бииргэ түһэр ыалдьааччылартан нэһиилэ мүччү туттаран, аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүм. Григорий бэйэтин киирсиитин, тоҕо маннык хараарбытын, төһө ыйааһыны түһэриммитин быһааран биэрдэ, дьиэ кэргэнигэр ыксыырын туһунан кэпсээтэ.

Петр Павлов, «Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru

-Григорий, кыайыыгынан эҕэрдэлиибин! Көрөөччүлэри, эйиэхэ ыалдьа кэлбит дьону барыларын астыннардыҥ. Киирсииҥ туһунан тугу этиэҥ этэй?
-Бастатан туран, Ил Дархан Егор Афанасьевичка махтанабын, маннык күрэхтэһиини тэрийбитигэр! Утарсааччыбар эмиэ махтанабын. Кини маладьыас. Ити ахтатын анныгар кини кыайан көмүскэммэккэ хаалан, алҕас күүстээхтик табан кэбистим. Былырыын били португалецтыын киирсиибин өйдүүр буолуохтааххыт, эмиэ итинник балаһыанньаҕа олох даҕаны таппатаҕым үрдүнэн, киһим сымыйанан, омуннана-омуннана ыалдьыбыта буолбута. Оттон кореец эдэр, кытаанах хараахтардаах уол эбит.
Уопсайынан, кореецтар спорт бу көрүҥэр куруук күүстээхтэр. Ити UFC даҕаны ылан көрүҥ, кыра ыйааһыннарга бастыҥнар. Бүтэһиккэ диэри киирсэллэр.
Бу күрэхтэһиигэ миэхэ утарсааччынан ким буоларын син өр соҕус көрдөөбүттэрэ. Кырдьык, Ким Сунг Чже рейтининэн миигиттэн намыһах соҕус байыас. Менеджерим казах уола, Саят диэн, кини Пхукетка баар. Киирсиилэрбэр кини бэлэмниир. Миэхэ ис сүрэҕиттэн ыалдьар, кыһаллар.

-Үчүгэйдик бэлэмнэммитин таайда.
Бу киирсиигэ анаан Таилаҥҥа биир ый дьарыктанным. Онно “Урааҥхай” кулууп салайааччыта Тургун Поповка махтанабын. Кини барытын тэрийэн, үбүлээһинин быһаарбыта. Ону ити дьоннор күлэллэр, бэйэҥ негр курдук, хап-хара буолбуккун диэн. Таилаҥҥа биһиги бэлэмнэнэр кэммитигэр 32 кыраадыс итии этэ. Онно тиийэн күн аайы 8-тыы килэмиэтири сүүрэн көр эрэ. Син биир хараараҕын буоллаҕа дии.

-Кистээбэккэ эттэххэ, бу күрэхтэһиигэ кыттаргар төһө киилэни түһэринниҥ?
-Бу турнирга дьиҥинэн кыраны түһэрдим, 9 киилэни. Ону дьон омуннаах баҕайытык кэпсэтэллэр, хайдах эрэ мин наһаа элбэх ыйааһыны үүрэн баран, сатаан урукку чөлбөр киирэ охсубатым курдук. Оттон эһиги киирсиини бэйэҕит көрдүгүт дии, мин өссө даҕаны тэтиммин эбэн биэрэр кыахтаах этим. Функциональнай өттүнэн бэлэмим үчүгэй этэ.
Ааспыкка, балаҕан ыйыгар киирсиибэр 15 киилэни бырахпытым. Оттон билигин үбүлээһин кэмигэр оҥоһуллубакка, икки суукканы быһа айаннаан кэлбиппит. Былаан быһыытынан, манна кэлэрбэр 62 киилэ буолуохтаах этим, ону икки киилэ ордуктаах этим. Ол да буоллар, төһө даҕаны ыараханын үрдүнэн, болдьохтоох кэмҥэ ыйааһыммын оҥорбутум.

-Григорий, атын уолаттар киирсиилэрин туох дии санаатыҥ?
-Бэйэм кыттаары бэлэмнэнэ сылдьар буоламмын, Мичил Осипов уонна Борис Игнатьев киирсиилэриттэн ураты атын киирсиилэри көрбөтүм. Уолаттар үчүгэйдик кииристилэр, тренердэр кинилэр иннилэригэр туруорбут соруктарын толордулар. Таилаҥҥа сылдьан Мичил казах табаарыстарбын кытта, холобур муай-тай чөмпүйүөнэ Кайрат Ахметовы кытта бииргэ эрчиллэн, сүрдээҕин эбиллибит.

Инники былааннарыҥ.
-Билигин түргэнник дьоммор, кэргэммэр, оҕолорбор тиийэ охсуохпун баҕарабын. Уолум наһаа күүтэр, аҕаа, эн тигргын буолбат дуо, тоҕо улитка курдуккунуй, хаһан кэлэ охсоҕуҥ, биһиги эйигин наһаа аҕынныбыт, диир.

-Кыайыыгын кимиэхэ аныыгыный?
-Бу кыайыыбын тренердэрбэр, “Урааҥхай” кулуупка уонна саха норуотугар барытыгар аныыбын. Саамай сүрүнэ, Азия чөмпүйүөнүн аата-суола, кура манна Саха сиригэр эрэ буолбакка, Россияҕа хаалла. Онон үөрэбин, дьоммор-сэргэбэр кыайыыны аҕалбыппыттан астынабын.

Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ”, www.edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0