Нам олохтооҕо, эмдэй-сэмдэй улаатан эрэр уоллаах кыыс оҕолоох амарах аҕа Григорий Попов “Оҕону гаджета суох иитиэххэ сөп” диэн өйдөбүллээх. Хайдах? “Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр Поповтар дьиэ кэргэн аҕа баһылыга оҕону гаджета суох иитиигэ кистэлэҥин үллэстэр.
«Саха сирэ» хаһыат
Умнуллубат оҕо саас
Григорий Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх нэһилиэгэр биэс уоллаах, биир кыыстаах Поповтар дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Дьиэлэрин иһэ толору уол аймах буолан, ханнык даҕаны үлэттэн туора турбакка улааппыттара. Иһити да сууйаллара, оту да охсоллоро, дьиэни даҕаны туталлара. Быһатын – үлэни өрө туппут дьон.
— Аҕабыт батыһыннара сылдьан дэриэбинэҕэ туох үлэ баарын барытын үлэлэтэрэ. Мэҥэ Хаҥаласка аҕабытын кытта элбэх дьиэни туппуппут. Бэһиэн тустуунан дьарыктанарбыт. Этэргэ дылы, тустууга хас ыйааһын аайы Поповтар кыттар этибит. Тустууга бастыы охсон баран, көлөһүммүн соттоот, сахалыы таҥаспын кэтэн, аны сыанаҕа тахсан хомустаан дьиэрэһитэрим. Ийэбит ыллыыр, аҕабыт байааҥҥа оонньуур. Онон төрөппүттэрбит бары сатабылларын иҥэрэ сатаабыттара. Кэргэним Мария Спартаковна А.Ф.Шестаков аатынан Намнааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр “Ньургуһун” кэлэктиип балетмейстера. Билигин оҕолорбутун эмиэ бары өттүнэн сайыннарарга дьулуһабыт. Уолбут Муусука оскуолатыгар байаан кылааһыгар үөрэнэр. Кыыспыт кыралаан фортепианоҕа оонньуур. Быйыл оскуолаҕа киирэр. Үнүстүрүмүөҥҥэ оонньоотоххутуна, ийэҕит үөрэр, аҕаҕыт үөрэр, дьиэҕит үөрэр диэн быһаарабыт. Бэйэлэрэ даҕаны үөрүүнэн оонньууллар.
Дьиэ кэргэн суруллубатах сокуона
Аҕыйах сыллаахха диэри сиэп төлөпүөнэ суох олорбуппут. Билигин төлөпүөнэ суох киһи олохтон хаалбытын курдук өйдөбүл баар. Оҕо саҥа тылланаатын, бастакы хардыылары оҥороотун кытта, төлөпүөнү кытта доҕордоһор. Григорий Романович оҕо уһуйааныгар үлэлиир буолан, оҕолоро төрүөхтэриттэн гаджекка сыһыарбаппын диэн бигэ санааны ылыммыт. Дьиэ кэргэҥҥэ ити суруллубатах сокуон күн бүгүҥҥэ диэри тутуһуллар.
“Хас биирдии күммүт “үтүө сарсыарданан!” диэн уу сахалыы эҕэрдэнэн саҕаланар. Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн “ийээ”, “аҕаа” диэн үөрэппиппит.
Оҕо диэн оҕо, төлөпүөҥҥэ ымсыырара кэмнээх буолуо дуо… Сороҕор: «Оҕолор төлөпүөннээхтэр, биһиэхэ тоҕо суоҕуй?»— диэн ыйытан, ирдэһэн тураллар. Оччоҕо төлөпүөн дьон өйүн-санаатын бутуйарын, толкуйдуур дьоҕуру намтатарын, дьиҥнээх олохтон тэйитэрин быһааран биэрэбин. Чахчыта даҕаны оннук. Билигин аныгы технология нөҥүө дьон өйүн хайа баҕарар диэки уларытар кыахтаахтар. Аҥаардас ойуу киинэлэри (мультфильм) да ылан көрүҥ. Туох кыыл-сүөл буолара биллибэт, хастыы даҕаны төбөлөөх, илиилээх-атахтаах араас кыыллар бааллар. Фантастика эрэ, дьиҥнээх эрэ — оҕо арааран ылара уустук. Ол иһин ити барыта дьиҥнээх олох буолбатаҕын өйдөтө сатыыбын. Төлөпүөн оннугар уолбут смарт-чаһылааҕа. Ханна сылдьарын онон көрө олорорбут”, — диэн Григорий Романович кэпсээнин саҕалыыр.
Уһуйааҥҥа — төлөпүөннээх
— Оҕо уһуйааныгар үлэлиир буолан көрөбүн ээ, кырачааннар сарсыарда төлөпүөннэрин кыбыммытынан киирэллэр, киэһэ дьиэлэригэр баралларыгар эмиэ оннук, төлөпүөннэрин туппутунан тахсаллар. Оҕо ийэтин да кытта кэпсэппэт, тулалыыр эйгэтигэр буолар уларыйыыны даҕаны өйдөөн-дьүүллээн көрбөт. Этэргэ дылы, ардах түһэр эрэ-түспэт эрэ, саас эрэ-күһүн эрэ – улахан болҕомтолорун уурбаттар. Айылҕа уларыйыытын эттэринэн-сииннэринэн буолбакка, төлөпүөнтэн, тэлэбиисэртэн билэллэр. Мин оҕолорум дьиэттэн тахсан иһэн: “Аҕаа, бүгүн тоҕо таһырдьа олус сибиэһэй салгыннааҕый?” — диэн ыйытыахтарын сөп. Ити курдук ыйыттахтарына, сэмээр үөрэбин. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр тулалыыр эйгэлэрин барытын эттэринэн-хааннарынан билэ-көрө сылдьаллар.
Аныгы төрөппүт үксэ үлэни өрө тутар. Үлэттэн кэлээт, тута төлөпүөннэрин үрдүгэр түһэллэр, социальнай ситимнэргэ “олороллор”. Оҕолоро кэлэн, тугу эмэ интэриэһиргээн ыйыталастаҕына: “Мэһэйдээмэ, мин сылайдым, төлөпүөҥҥүн ылан оонньоо”, — диэн бэйэлэриттэн тэйитэн кэбиһэллэр. Хомойуох иһин, ити бүгүҥҥү олохпут хобдох көстүүтэ. Мин иллэҥ бириэмэбин төһө кыалларынан оҕолорбун кытта атаара сатыыбын. Онто да суох төрөппүттэр оҕолорбутун кытта киэһэ икки-үс чаас эрэ алтыһабыт. Аһылык кэмигэр тэлэбиисэр арахсар, хайабыт даҕаны төлөпүөнүн ылбат, остуол тула олорон, күннээҕибитин кэпсэтэбит, сарсыҥҥыбытын былаанныыбыт.
“Төрөппүт артыыс буолуохтаах”
“Кэргэниҥ гаджета суох иитиигэ сыһыана хайдаҕый, өйүүр дуо?” — диэн туоһулаһабын.
— Төһө кыалларынан өйүүр. Сөпсөспөт даҕаны түгэҥҥэр,» бэйэбит эрэ хааллахпытына быһаарсыахпыт, ырытыһыахпыт» диибин. Биллэн турар, мин этиим өрүү сөп диэбэппин. Ханнык эрэ түгэҥҥэ сыыһыахпын эмиэ сөп буоллаҕа. Ол эрээри, ону оҕолор баалларына: “Эс, оннук буолбатах, эн сыыһаҕын”, — диэн этиһэ, мөккүһэ олорбокко, оҕо ылынарын курдук, ким сөбүн ырытан көрүөҕүҥ эрэ диэн хоруйун бииргэ көрдөөн буларга салайыллыахтаах. Ол эбэтэр, дьиэҕэ аҕа оруола үрдүктүк тутуллуохтаах. Ол иһин төрөппүттэр, түгэниттэн көрөн, артыыс буолаллара ирдэнэр. Эр киһи сөптөөх суолу тобулуохтаах, түргэн-тарҕан туттунуулаах, барытыгар быһаарсар буолуохтаах. Дьиэ кэргэҥҥэ ийэ киһи “бардыбыт-кэллибит”, “турдубут-олордубут” диирэ, баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылара төһө бэрт эбитэ буолла… Бука, оҕо ийэтин бас-көс, оттон аҕатын мөлтөх киһинэн ааҕара чуолкай.
Хайдах тэйитэбит?
«Кистэл буолбатах, гаджета суох аныгы оҕо сороҕор, төрөппүт тылын истибэккэ, хаһыытатыан даҕаны сөп, үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр», — диэн Григорий санаатын аһаҕастык үллэстэр. Атын оҕолор курдук күнү күннээн төлөпүөҥҥэ оонньообот, тэлэбиисэр иннигэр олорбот. Онон оонньууртан, уруһуйдууртан сороҕор хал буолар түгэннэрэ кэмнээх буолуо дуо?.. Итинник түгэҥҥэ төрөппүт оҕотун сөпкө өйдүүрэ наада диэн этэр.
— Бастатан туран, төһө кыалларынан оҕоҕо болҕомто ууруохха наада. Дьиэҕэ соҕотохтуу хаалларбат туһуттан, сороҕор үлэбитигэр илдьэ барабыт. Тэҥҥэ батыһа сылдьан, тугунан дьарыктанарбытын, хайдах үлэлиирбитин көрөллөр. Саамай сүрүнэ – оҕо аралдьыйар дьарыктаах буолуохтаах.
Иккиһинэн, оҕолорум ыйытыыларыгар төһө кыалларынан сиһилии хоруйдуу, тэҥҥэ ырыта, быһааран биэрэ, элбэхтэ кэпсэтэ сатыыбын. Массыынанан айаннаан иһэн, холобур, былыт туохха майгынныырын, үүнээйи тоҕо сайын күөҕүн эҥин туһунан кэпсиибит. Аны поликлиникаҕа уочарат кэтэһэр оҕо үксэ планшекка, төлөпүөҥҥэ умса түһэн баран олорор. Биһиги ити оннугар тыл, тарбах араас оонньууларын оонньуубут, төһө кыалларынан аралдьыта сатыыбыт.
Үсүһүнэн, оҕо айылҕаны кытта алтыһыахтаах, тулалыыр эйгэҕэ буолар уларыйыыны барытын илэ көрөн, истэн, этинэн-хаанынан ылынан билиэхтээх.
Google оннугар эт мэйии
«Аныгы тиэхиньикэҕэ сыстыбатах оҕо билиитэ-көрүүтэ намыһах буолар» диэн учуонайдар түмүк оҥорбуттарын ааҕан турабын. Ону өйдүү биэрэн, кини санаатын туоһулаһабын.
—Биһиги саҕана сиэп төлөпүөнэ, көмпүүтэр диэн суоҕа эрээри, бэйэбин олохтон хаалбыт курдук санаммаппын. Уонна аныгы оҕо аныгы тэрилгэ түргэнник быһаарсар, ылынар. Аны, биһиэннэрэ хаһан даҕаны харахтаан көрбөтөх оҕолор буолбатахтар. Син биһиги төлөпүөммүтүн көрөллөр, хайдах үлэлиирин, социальнай ситим диэн тугун билэллэр.
Баҕар, көмпүүтэр оонньуутугар эҥин саастыылаахтарынааҕар баһыйтараллара буолуо эбитэ дуу… Ол оннугар гаджекка “ылларбатах”, олоҕу саҥа билэн эрэр киһи тулалыыр эйгэтин хайдах баарынан билэригэр-көрөрүгэр, эт мэйиитинэн толкуйдууругар саарбахтаабаппын. Холобур, Гуглтан бэлэм хоруйу ылбакка, бэйэтэ хасыһан билэрэ даҕаны үчүгэй. Сорох оҕолор бэлэм эппиэт баарын иһин толкуйдуу да сорумматтар, төбөлөрүн үлэлэппэттэр.
Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх
Поповтар улахан оҕолоро номнуо үһүс кылааска үктэммит. Аны күһүҥҥүттэн үөрэҕэр, дьарыгар бэйэтэ барыа-кэлиэ, онон сибээһи тутар инниттэн төлөпүөн ылан биэрэргэ сананныбыт дэһэллэр. Оскуолаҕа уруок кэмигэр төлөпүөҥҥэ оонньуур көҥүллэммэтэ биллэр, оттон дьиэҕэ төрөппүт хараҕын далыгар сылдьаллар. Онон төлөпүөнү оонньуур курдук көрбөккө, туһалаах, кэпсэтэр тэрил быһыытынан туһаныахпыт диэн ыал аҕата бигэ эрэллээх.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат.
Дьокуускай – Нам – Дьокуускай.