Араас хайысхаҕа үлэлиир эдэр дьону кытта билсэр, алтыһар олус интэриэһинэй уонна сэргэх буолааччы. Бүгүн сырдатар киһим Арассыыйатааҕы фундаментальнай чинчийии пуондатын гранын кыайыылааҕа, эдэр учуонай Василий Григорьев.
РФФИ (Арассыыйатааҕы фундаментальнай чинчийии пуондата) наука сайдыытыгар суолталаах миэстэни ылар. Билигин научнай эйгэ бары өрүтүн хабар ситим буолар. Бу пуонда дойду көхтөөх научнай-тиэхиньиичэскэй сайдыытын үбүнэн өйүүр. Пуонда сүрүн соруга – бастыҥ научнай бырайыактары куонкурус нөҥүө сүүмэрдээн ылар. Арассыыйатааҕы фундаментальнай чинчийии пуондата математика, информатика, химия, физика, астрономия, биология наукаларын уонна инженернэй наукалары өйүүр. Маннык граҥҥа тиксибит эдэр киһини кытта сирэй көрсөн олорон кэпсэтии пандемия кэмэ буолан кыаллыбата. Ол да буоллар, төлөпүөн нөҥүө кэпсэтэн, Сахабыт сиригэр талааннаах уонна инникилээх ыччат элбэҕэр өссө төгүл итэҕэйдим.
ЛАБАРААН ИДЭТЭ СУОЛБУН АРЫЙБЫТА
— Мин Үөһээ Бүлүү улууһун кииниттэн төрүттээхпин. Үөһээ Бүлүүтээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи М.А.Алексеев аатынан гимназияны 2011 cыллаахха бүтэрбитим. Ол кэннэ «Прикладной математика уонна информатика” диэн идэҕэ Математика уонна информатика институтугар бакалавриаты туйгуннук бүтэрбитим. Ол кэннэ салгыы бу идэбин салҕаан, магистратураны эмиэ туйгуннук бүтэрбитим.
Билигин төрдүс сылбын аспиранныыбын. Үлэм сүнньэ “Математическое моделирование, численные методы и комплексы программ” диэн. Мин науканы кытта олохпун ситимниир санаам суоҕа. Ол эрээри, олоҕум хайысхата наука эйгэтигэр бэйэтэ тиэрдибит эбит. 2016 сыллаахха саҥа аһыллыбыт Норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-чинчийэр лабораторияҕа лабараанынан үлэҕэ киирбитим. Онно сылдьан научнай салайааччы Петр Вабищевтыын уонна Германияттан сылдьар Олег Илиевтыын билсибитим. Кинилэр миэхэ научнай үлэнэн ылсан үлэлиирбэр этии көтөхпүттэрэ, билиҥҥэ диэри ол үлэбинэн дьарыктанабын.
2018-2019 сылларга стажировка ааспытым. Ол курдук, Германияҕа Олег Илиевкэ Кайзерслаутерн куоракка Фраунгофер аатынан промышленнай математика институтугар үөрэммитим. Биирдэ Кытайга Сянтаньнааҕы университекка бэрэпиэссэр Инь Янь (Ying Yang) Хунань провинциятыгар Сянтань куоракка тиийэ сылдьыбытым. Бу эбии ылбыт үөрэхтэрим наукаҕа айаммын бигэргэтэн биэрбиттэрэ.
МАТЕМАТИКА ОЛОХ ХАРАҔЫНАН...
— Үлэм туһунан кылгастык быһаардахха, математическэй модель реактивнай көһөрүүнү көрдөрүөхтээх. Мин чинчийэр үлэм сүнньүн наука тылынан тылбаастаан сахалыы быһаарар уустук. Онон судургутук олоххо туттуллар өрүтүн быһаардахха, ууну ыраастыырга туһаныахха сөп. Холобур, оҕуруокка уу кутааччылар пестицидтэри туһаналлар. Оттон пестицидтэр киһиэхэ дьаат курдук дьайыахтарын сөп. Ол иһин пиэрмэлэр тастарынан сир аннынааҕы ууну куруук ыраастыыр наада. Ууну ыраастыыр ханнык баҕарар фильтргэ адсорбеннар бааллар. Боростуойдук эттэххэ, адсорбент диэн актированнай чох.
Бу эспэримиэн көмөтүнэн, кирдээх эттиктэр ааһалларын уонна сотору кэминэн, өскөтүн, фильтр бүөлэннэҕинэ, кирдээх уу ааһарын быһаарыахха сөп. Манан туһанан биһиги сөптөөх кээмэйгэ бэйэбит модельбытын туруоран, чинчийэн, уу фильтрин ханнык бириэмэҕэ уларытар тоҕоостооҕун быһаарар кыахтанабыт.
ЧИЭҺИНЭЙ БУОЛУУНУ БИҺИРИИБИН
Мин иллэҥ кэммэр гитараҕа оонньуурбун астынабын. Урут элбэх бириэмэбин 3D-ны моһуоннуурга барыырым. Билигин бириэмэм улахан аҥаарын үлэбэр барыыбын. Математика уонна информатика институтун «Прикладной математика уонна информатика” кафедратыгар учууталлыыбын. Устудьуоннары кытта үлэлиир буоламмын, курсобуой үлэлэригэр научнай сорудахтары биэрэбин.
Дьоҥҥо чиэһинэй буолууну ордук сыаналыыбын. Кэлэр сылга хандьыдаат буолар диссертациябын көмүскүүр санаалаахпын.
Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru