Бу сарсыарда Дьокуускайдааҕы иккис нүөмэрдээх ГРЭС-кэ технологическай саахал тахсан, куорат аҥаара уота суох олорбута. Үгүс тэрилтэ үлэтэ атахтаммыта.
ГРЭС турбинатын үлэтэ харгыстанан, 116-с нүөмэрдээх 110 кВ үрдүк күүрүүлээх ситимтэн электричество уотунан хааччыллан олорор Мэҥэ Хаҥалас улууһа, «Центральнай», «Восточнай» уонна «Хатыҥ Үрэх» подстанциялартан сибээстээх кыбартаалларга уот арахсыбыта. Энергетиктэр саахал тахсаатын кытары, тута чөлүгэр түһэрии үлэтин ыытаннар, сарсыарда 11:09 чааска ГТУ-7 холбообуттара. Онтон ГРЭС-2 үлэлии турар ГТУ-1 итиэннэ ГТУ-6 холбооннор, 110 кВ үрдүк күүрүүлээх уот линиятын үлэтэ сөргүтүллүбүтүн туһунан «Якутскэнерго» пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бүгүҥҥү туругунан, эргэ станцияҕа ст. № 2, 3, 4, 6 нүөмэрдээх гаас турбиналара үлэлииллэр. Оттон 1, 5, 7, 8 нүөмэрдээх станциялар саппаас быһыытынан тураллар. Чочур Мырааҥҥа тутуллубут саҥа станцияҕа бастакы уонна төрдүс турбиналар үлэлииллэр.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru