Гражданскай уопсастыба миниистирин солбуйааччылара суруналыыстары кытта көрүстүлэр
Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 385 сылын көрсө үлэ тиһиктээхтик ыытыллар. Ол туһунан СӨ Гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытын министиэристибэтигэр суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ кэпсэттилэр. Миниистири солбуйааччылар быйылгы сыл бастакы кыбаарталыгар ыыппыт үлэлэрин туһунан сырдаттылар, сонун сүүрээннэри тобулар наадатын ыйдылар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Гражданскай уопсастыба интитуттарын сайдыытын миниистирин I-кы солбуйааччы Иван Луцкан бэйэтэ салайар хайысхатын — национальнай культурнай түмсүүлэр үлэлэрин туһунан билиһиннэрдэ.
— Кэлиҥҥи кэмҥэ биһиги улуустарынан сылдьан дьону кытта көрсөн, санаа атастаһар буоллубут. Маннык ньыманан үлэлээһин олус наадалааҕын, норуоттар сомоҕолоһууларыгар аналлаах уруоктары ыыта сылдьан өйдөөтүбүт. Холобур, Таатта улууһун биир оскуолатыга «Саха сиригэр олорор норуоттары төһө билэллэрин ыйыппыппытыгар «Сахалар, нууччалар уонна кытайдар» диэбиттэрэ. 129 омук биир дьиэ кэргэн курдук эйэлээхтик олороруттан үс эрэ норуот ааттаммыта хомолтолоох. Онон оҕо саадыттан саҕалаан норуоттар сомоҕолоһууларын туһунан араас тэрээһиннэри ыытыы — кэм ирдэбилэ. Биһиги национальнай общиналар салайааччыларын кытта ыйга биирдэ көрсөн үлэбит былаанын торумнуубут, ким туох этиилээҕин дьүүллэһэбит, сүбэлэһэбит. Үлэ бу көрүҥэ үгэскэ кубулуйда, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар боппуруостарын сүрүннүүр миниистир солбуйааччыта Лена Иванова сыл саҥатыгар буолан ааспыт өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Арассыыйатааҕы таһымнаах табаһыттар уонна чукчалар иккис сийиэстэрин түмүгүн сырдатта.
— Хоту улуустарынан үгүстүк сырыттым. Онно дьон-сэргэ сүрүн туруорсуута биир — аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэйэлэрин тылларын билбэттэр. Бу сытыы кыһалҕаны ыам ыйыгар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев салайыытынан буолар Тыл сэбиэтин мунньаҕар анаан дьүүллэһиэхпит. Биир кэрэхсэбиллээх өрүккэ тохтуохпун баҕарабын. Кэлиҥҥи кэмҥэ аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ олус кэскиллээх дьыалаҕа ылсан, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга үлэлэһэн эрэллэр. Ол курдук, Иенграттан түүлээҕинэн иистэнэр мастарыскыай оҥосторго тэрил ылаары, Өлөөнтөн ыстаадаҕа сайыҥҥы көһө сылдьар лааҕыры тэрийээри граннары ыллылар, — диэн кэпсээтэ Лена Иванова.
Лена Степановна салгыы «Илкэн» хаһыаты босхо сурутуу туһунан боппуруоска сиһилии тохтоото. Итини сэргэ, эбээн суруйааччыта, политическай диэйэтэл Андрей Кривошапкин бэс ыйыгар Дагестан киинигэр Махачкалаҕа тиийэн литэрэтиирэ киэһэтин ыытаары сылдьарын иһитиннэрдэ.
Миниистири солбуйааччы Афанасий Егоров иһитиннэрии-биллэрии боппуруоһугар санаатын эттэ.
— Кэлиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ интернет-таһаарыы, сайт ахсаана, ону тэҥэ социальнай ситим (ватсап, инстаграм, фейсбук), хаһыат арааһа олус элбээн, дьон наадалаах иһитиннэриини кэмигэр тута булан аахпат да, интэриэһиргээбэт да буолла. Үөрэрим диэн, уопсастыбаннай түмсүүлэр биһиэхэ кэлэн сүбэлэһэр, санааларын атастаһар буоллулар. Холобур, соторутааҕыта «Сомоҕо күүс» уопсастыба лиидэрдэрэ кэлэн сүбэлэһэн бардылар, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Гражданскай уопсастыба интитуттарын сайдыытын миниистирин солбуйааччылар суруналыыстары кытта кэпсэтиилэрин: «Ким баҕалаахха биһиги ааммыт өрүү аһаҕас. Кэлэн санааҕытын үллэстиҥ, сүбэлэһиҥ, биир санааны тобулан үлэлиэҕиҥ», — диэн түмүктээтилэр. Бу, биллэн турар, суруналыыстарга эрэ буолбатах, бар дьоҥҥо туһаайыллыбыт этии.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.