«Гражданскай өрөбүл» дьон санаатын тапта

Ааптар: 
03.02.2019
Бөлөххө киир:

Сомоҕолоһуу сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ дьону түмэр араас тэрээһиннэр ыытыллан эрэллэр.

 edersaas.ru

Биир оннук чаҕылхай тэрээһининэн СӨ Ыччат уонна социальнай коммуникация министиэристибэтэ көҕүлээбит «Гражданскай өрөбүл» диэн бырайыак буолла.

Субуота күн Нам улууһугар бу тэрээһин аан бастакытын сүрэхтэннэ. Ол курдук, оройуон уопсастыбаннаһын түмэн, оҕо былаһааккатын хайдах оҥоруохха, кырдьаҕастарга, кыамматтарга  уонна тулаайахтарга туох көмөнү оҥоруохха сөбүн уо. д. а.  күннээҕи  боппуруостары ырытыы, санаа атастаһыыта буолла. Миниистири бастакы солбуйааччы Руслан Платонов «Гражданскай өрөбүл» бырайыак туһунан санаатын бу курдук үллэһиннэ:

Урукку сылларга ыытыллар лиэксийэ ааҕар ньыманы тохтотон, саҥа бырайыак чэрчитинэн дьон интэриэһинэн биэс анал былаһааккаҕа хайдыһан үлэлээтибит.  Дьон ордук коммерческайа суох тэрилтэлэр үлэлэрин интэриэһиргииллэр эбит. Онон тэрилтэни регистрациялааһын, үбүлээһиннээх куонкурустар ис хоһооннорун, үбү туттуу отчуоттарын туһунан Юстиция министиэристибэтиттэн тиийбит исписэлиистэри тутан олорон кэпсэттилэр.  

Нам улууһа коммерческайа суох тэрилтэлэри тэрийиигэ актыыбынайдык үлэлэһэр, араас хайысхалаах уопсастыбаннай түмсүүтэ элбэҕинэн холобурга сылдьар улуус буолан, бырайыакпыт бастакы суолун бу улууска тэллибит. Граннары ылыыга аһаҕас куонкурустары тэрийэри былаанныыбыт. Онно хамыыһыйалар састааптарыгар уопсастыбанньыктар, суруналыыстар, блогердар кыттыһан, норуоту кытта ыкса сибээстээх буолуохпут.

Өрөспүүбүлүкэ дьахталларын уопсастыбаннай тэрилтэлэрин сойууһун салайааччыта Анжелика Андреева олус үрдүк таһымнаах тэрээһин ыытыллыбытын бэлиэтээтэ:

Биһиги сиэксийэбитигэр дьахталлар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ, аҕалар түмсүүлэрин салайааччылара, саастаах дьон «үрүҥ көмүс волонтердарын» түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрэ — барыта араас нэһилиэктэн отуттан тахса киһи  кыттыыны ылла. 

Дьиэ-кэргэн боппуруостарыгар араас чэпчэтиилэри быһаарыыга, дьахталлар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин сойуустарын, өрөспүүбүлүкэ аҕаларын түмсүүлэрин, чөл олоҕу пропагандалыыр тэрилтэлэр үлэлэрин сырдаттыбыт, саҥа уларыйыылары билиһиннэрдибит. Биһиги Намҥа чаастатык сылдьар буолан, уопсастыбынньыктары үгүстэрин   сирэй көрөн да, чугастык алтыһан да билэбит. Кинилэри кытта атах тэпсэн олорон иһирэхтик кэпсэттибит.

Кэпсэтии сүнньүнэн Сомоҕолоһуу сылыгар улуустааҕы Дьахталлар  уонна Аҕалар сэбиэттэрэ быйылгы тэрээһиннэрин биир сүбэнэн ыытыах буоллулар. Ол курдук, «Уол уонна аҕа» уонна «Кыыс уонна ийэ» куонкурустары,  өбүгэ үгэстэрин тутуһууга туһуламмыт тэрээһиннэри бу икки бөдөҥ уопсастыбаннай тэрилтэ бииргэ тэрийэн ыытыахтара. Биллэн турар, биһиги онно улахан өйөбүлү оҥоруохпут.  Быйыл Намҥа Олоҥхо Ыһыаҕа уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи дьахталлар «Автоледи» күрэхтэһиилэрэ  ыытылларынан улахан болҕомто, биллэн турар, бу тэрээһиннэргэ ууруллуоҕа. «Гражданскай өрөбүл» бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт «төгүрүк остуолга» улуус дьахталлара номнуо бэлэмнэнэн эрэллэр эбит. Ол курдук, сибэкки олордуута, ыһыах  таҥаһын-сабын тигии саҕаламмыт . Аҕалар сэбиэттэрэ субуотунньуктары тэрийэргэ санааларын эттилэр.  «Биһиги улахан үлэни күн аайы оҥорор кыахпыт суох. Ол эрээри күннээҕи түбүктэн ордон, дьоммут-сэргэбит туһугар күүспүтүн холбоон үлэлиэхпит», — диэн эппиттэрин мин тус бэйэм олус сөбүлүү ылынным. 

Биһиги, «Гражданскай өрөбүл» бырайыак кыттыылаахтара, үлэ бу сонун көрүҥүн олус сөбүлээтибит. Эдэр дьон диэх курдук, саҥа көрүүлээх дьон министиэристэбэҕэ кэлбиттэрэ биллэр.  Дьон санаата кэлэн актыыбынайдык кыттыбытыттан, бырайыагы биһирээбиттэрин истэн, санаабыт көтөҕүллэн, кынаттанан кэллибит.  Бу курдук улуустарынан сылдьан бастыҥ холобурдары хомуйан, уопут атастаһыытын быһыытынан, дьон билиитигэр таһаарыахпыт. Дьиҥэр нэһилиэктэргэ төһөлөөх элбэх интэриэһинэй үлэ ыытыллара буолуо да, кэмигэр биллибэккэ  уонна сырдатыллыбакка хаалар.Онон өрөбүллэри туһанан дьону түмэр тэрээһиннэргэ биһиги, дьахталлар уопсастыбаннай түмсүүлэрэ, бырайыакка актыыбынайдык кыттарга бэлэммит.

Нам улууһугар ыытыллыбыт сонун тэрээһиҥҥэ олохтоохтор үрдүк сыанабылы биэрдилэр.

Киин куораттан отучча исписэлиис кэлэн, Арассыыйаҕа уонна Сахабыт сиригэр ыытыллар социальнай, экэнэмиичэскэй сайдыы хайысхаларын, уопсастыбаннай үлэ  араас көрүҥнэрин  сырдаттылар, сонун бырайыактары, бырагыраамалары билиһиннэрдилэр.

Саха сирин дьахталларын уопсастыбаннай тэрилтэрин сойууһун салайааччыта Анжелика Андреева дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа Дьахталларын Сойууһугар судаарыстыбаннай статуһу иҥэрбитин үөрүүлээх быһыыга-майгыга иһитиннэрбитин олус үөрэ ылынныбыт. Ону тэҥэ, кини өрөспүүбүлүкэбитигэр «Үрүҥ көмүс волонтёрдар» диэн саҥа хамсааһын соругун сырдатта. Биһиги улууспутугар уопсастыбаннас ыытар үлэтэ үрдүк таһымнаах, көхтөөх. Онон Нам улууһун Аҕаларын түмсүүлэрин, «Дьүөгэлэр» дьахталлар улуустааҕы форумнара уопуттарын атастаспыттарын ыалдьыттарбыт олус сэҥээрэ иһиттилэр. Эбиэттэн киэһэ 1-кы №-дээх оскуола аактабай саалатыгар Москва куораттан Бүтүн Арассыыйатааҕы «Уопсай дьыала» диэн чөл олоҕу пропагандалыыр уопсастыбаннай түмсүү лектора Олег Моисеев оҕону, ыччаты кытта үлэҕэ сэминээр ыытта. Сэминээргэ сылдьыбыт дьон анал сэртипикээт ыллыбыт. Олус наадалаах «Гражданскай өрөбүл» бырайыагы тэрийбит салайааччыларга уонна тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыт уопсастыбанньыктарга биһиги, намнар, барҕа махталбытын тиэрдэбит, — диэн Нам улууһун дьахталларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Ирина Находкина санаатын үллэһиннэ.

Улуус уопсастыбанньыктарын аатыттан  Клавдия Сивцева:

Бу маннык аһаҕас кэпсэтии олус интэриэһинэй эбит.  Бэл, эр дьон бэрт актыыбынай кыттыыны ылан, санааларын атастастылар, олох ирдэбилигэр сыһыаннаах тустаах этиилэри киллэрдилэр. Өйдөөбөт, мунаарар боппуруоспут үгүс да эбит. Онуоха анал идэлээх исписэлиистэртэн сүбэлэтэн, саҥалыы толкуйдаах үлэлиэхпит буоллаҕа, — диэн анаан бэлиэтээтэ.

«Гражданскай өрөбүл» бырайыагы тэрийээччилэр уопсастыбаннас санаатын истэн, актыыбынаһын үрдэтэн, оройуон, өрөспүүбүлүкэ уонна дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан хамсааһын тахсарыгар эрэнэллэр. Бырайыак «өрөбүлэ» Дьокуускай куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ, бөдөҥ тэрилтэлэргэ уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар ыйга иккитэ ыытыллыаҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — социальнай ситимнэртэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0