Гражданнар доруобуйалара – күндү

Ааптар: 
03.04.2020
Бөлөххө киир:

Владимир Путин Арассыыйа олохтоохторугар туһаайан этиитэ болҕомтону тарта.

edersaas.ru

“Гражданнар доруобуйалара, кинилэр олохторугар куттал суоһаабата хаһааҥҥытааҕар даҕаны тыын суолталаах”, — диэтэ бэрэсидьиэн. Онон эрэгийиэннэр эбии ылынар дьаһалларыгар итинэн сирдэтиэхтээхтэр уонна, биллэн турар, санитарнай сулууспалар сүбэлэрин ылынан, бары дьайыыларын сөбүлэһиннэрэн оҥоруохтаахтар.
“Үлэ миэстэтин харыстааһыны, хамнас төлөбүрүн туһунан умнуо суохтаахпыт. Экэниэмикэ туруктаах буолуохтаах”, — диэтэ В.Путин.
Владимир Путин бу ыарахан, ыгым күннэргэ хардарыта өйдөһүү-өйөһүү үөскээбит балаһыанньаттан сибээстээх сүтүктэри аччаппытын бэлиэтээтэ. Төһө да уустугун иһин, урутааһыны тутуһуохтаахпытын санатта. Ол аата дьаҥы бохсууну урутаан ыытыахтаахпыт, экэниэмикэбит туруктаах буоларын ситиһиэхтээхпит.
“Чэгиэн буолуҥ!”, — диэн бу киэһээҥҥи этиитин түмүктээтэ дойду Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин.

Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0