Ленскэй олохтооҕо, «Фламинго» айар түмсүү чилиэнэ Сергей Шестаков грант көмөтүнэн «Когда плачут деревья» диэн хоһооннорун бөлөҕүн кинигэтэ күн сирин көрдө.
Сергей Шестаков бу номнуо онус кинигэтэ. Бу иннинэ «Таежная азбука Ленской природы» диэн хоһооннорун бөлөҕө биир кинигэҕэ түмүллэн тахсыбыта. Бэлиэтээн суруйдахха, айар үлэһит хоһоон суруйуутунан олоҕун орто омурҕаныттан, 50 сааһыттан саҕалаабыта.
Бу туһунан Сергей Шестаков маннык кэпсиир:
— Мин кинигэбин Москва куоракка таһааттаран баран оройуонум бибилэтиэкэлэригэр босхо түҥэттим, сороҕун Донецкай уонна Луганскай өрөспүүбүлүкэлэр олохтоохторугар бэлэх ыыттым. Манна олорор айар куттаах дьону кытта ыкса сибээһи тутабын.
Ульяна Захарова, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1