«Мин — аан дойду Гражданинабын» профильнай смена үөрүүлээхтик аһылынна

Ааптар: 
06.07.2017
Бөлөххө киир:

Бу дьыл от ыйын 5 күнүгэр “Бэс Чагда” киин стадионугар “Мин – аан дойду Гражданинабын” диэн профильнай смена үөрүүлээхтик аһылынна. Сменаҕа Гонконтан, ХАЭ-тан, Чехияттан, Соҕуруу Кореяттан кэлбит дэлэгээссийэлэр, итиэннэ Омскай уобаластан, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтиттэн, Братскай, Москва, Пермь куораттартан ЮНЕСКО Ассоциацияламмыт оскуолаларын үөрэнээччилэрэ уонна салайааччылара кыттыыны ылаллар. edersaas.ru
Сменаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн 21 оскуола кыттар. Итинтэн 3 оскуола ЮНЕСКО Ассоциацияламмыт оскуолаларын бырайыагар хандьыдаат буолар. Быйыл “Мин — аан дойду Гражданинабын” смена 12-с төгүлүн ыытыллар. Итинтэн 6-с төгүлүн “Бэс Чагда” кииҥҥэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ЮНЕСКО Ассоциацияламмыт оскуолаларын тирэх былаһааккатыгар.
Смена үөрүүлээх аһыллыытынан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева, СӨ наукатын уонна үөрэҕин миниистирин бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева, “Бэс Чагда” киин дириэктэрэ Яна Иванова уонна ЮНЕСКО Ассоциацияламмыт оскуолаларын уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Розалия Сандакова бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр.
Омскай уобалас ( салайааччы Наталья Князева, Омскай к. “Детский ЭкоЦентр” БОУ ДО эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога), Братскай куорат (салайааччы Светлана Залесова, “В.Г.Распутин аатынан 12 №-дээх оскуола МБОУ педагог-тэрийээччитэ), Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин ( салайааччы Жаргалма Бальжанова, Улан-Удэ куорат “1 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи бурят национальнай лицей-интернат” ГОУ иитээччитэ) дэлэгээссийэлэрэ куораттарын, дойдуларын билиһиннэрдилэр, эҕэрдэлээн туойдулар. Оттон Дубайтан, Чехияттан, Соҕуруу Кореяттан уонна Москваттан ыалдьыттар бэйэлэрин туһунан кэпсээтилэр, үҥкүүлээн тэйдилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин дэлэгээссийэтин чилиэннэрэ аан дойду араас судаарыстыбаларын хатыламмат култуураларын уратыларын чаҕылхайдык көрдөрөн флешмобтаатылар. Норуоттар икки ардыларынааҕы Атастаһыы оскуолатын кыттыылаахтара — Гонконг уонна Дьокуускай куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрэ “Мин — аан дойду Гражданинабын” смена аһыллыытыгар анаан үөрэппит саха үҥкүүтүн толорон былааһы ыллылар. Тэрээһини саха эстрадатын сулустара Айсен Аммосов доҕордоһуу тиэмэтигэр, биллэр “Snow voiсe” бөлөх англиялыы, сахалыы ыллаан сэргэхситтилэр. Смена кыттыылаахтара, Киин үлэһиттэрэ, төрөппүттэр, доҕоттор оһуокайдаан дьиэрэттилэр. Бырааһынньыгы оҕолор кустук өҥүнэн кыыһар буруолаах-тараалаах флешмобунан түмүктээтилэр.

Ангелина КУПРИЯНОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0