Граф Алексей Игнатьев: “Сахалар улуу омук эбиккит…”

Ааптар: 
25.04.2022
Бөлөххө киир:

Түҥ былыргы устуоруйаҕа сигэннэххэ, сэбиэскэй кэмнээҕи бөдөҥ учуонай, академик А.П.Окладников бигэргэтэринэн, сахалар Өлүөнэ орто сүүрүгэр икки түһүмэҕинэн, бастакылар X-XI үйэҕэ, иккис түһүмэхтэр, бэйэлэрин Эллэй удьуордарынан ааттанааччылар, XIV-XV үйэ бүтүүтэ кэлиэхтэриттэн аҕа уустарынан сирдэнэн-уоттанан арахсан, салаллан, дьаһаллан олорбуттара. Ол аата, сахалар олохторугар сүрүннэнэр судаарыстыбаннас бэлиэлэрэ оччоттон баарын көрдөрөр.

II Камчаткатааҕы эспэдиис­сийэ састаабыгар тылбаасчыт быһыытынан киирсэн, 1741-1745 сыллардаахха Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыт швед киһитэ Яков Линденау “Сахалары ойуулаан суруйуу” бөдөҥ үлэтигэр “Эллэй Боотур уола Алтан Тиийик уола Тойон Бадьай уола Мунньан Дархан өлбүтүн кэннэ уола Тойон ууһа Тыгын солбуйбута. Бу Тойон ууһа диэн үрдүк аат (титул) Эллэй Боотур удьуордарыгар эрэ иҥэриллэрэ. Атын аҕа уустара кинээс­тэрин өскүөрү Тойон диэн ааттыыллара” диэн бэлиэтиир. Бу чахчыттан көстөрүнэн, баһылык буолуу нэһилиэстибэ быһыытынан, аймаҕынан утумнаһан, аҕаттан уолугар бэриллэр эбит. Ити оччотооҕу сахалар салаллыыларын, судаарыстыбаннастарын да диэххэ сөп, биир бэлиэтэ буолар.

Нууччалардыын көрсүһүү

Тыгын Тойон ууһа буолбутун убайдара сөбүлээбэккэлэр иирсээни тардаллар. Бу иир­сээн саха омугу барытын аймаан, нууччалар Өлүөнэҕэ кэлиэхтэригэр диэри өр кэмҥэ барбыта, устуоруйаҕа “кыргыс үйэтэ” диэн ааттаммыта. Тыгын Дархан бы­­лаас былдьаһыылаах кырыктаах хапсыһыыларга бары атын уустары кыайан, хам баттаан, нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ күүһүнэн сахалары түмэргэ, биир кэлим судаарыстыбаннаһы тэрийэргэ холоммута.

Түҥ өбүгэлэрбит түҥ былыр­гыттан дириҥ устуоруйа­лаах, сайдыылаах, баай материальнай, духуобунай култуура­лаах, суруктаах-бичиктээх, итэ­ҕэллээх, үгэстэрдээх, төрүт дьарыктаах омук буолалларын уос номоҕо сэһэннэр, үһүйээннэр кэпсииллэр, Орхон таастарыгар, Өлүөнэ туруук хайаларыгар, Амма, Буотама өрүстэр хапчааннарын сырайдарыгар суру­йан хаалларбыт суруктара-би,чиктэрэ туоһулууллар, билим да бигэргэтэр. Болгуо тааһы уулларан, тимири уһаараллара, уһаналлара. Нуучча сирин ыраахтааҕыта тэрийэн ыыталаабыт хаһаахтара салгыы хоту, илин сирдэри “арыйа, баһылыы” айаҥҥа усталларыгар тимир оҥоһуктарынан, оскуоматыгар тиийэ хааччы­йаллара. Дэлэҕэ, аныгы сахалар “ биһиги сүөһүгэ, сылгыга бааллыбыт өбүгэлэрбит хотугу эргимтэҕэ аан дойдуга суох циркумполярнай сайдыыны (цивилизацияны) олохтообуттара” диэн киэн туттуохпут дуо. Сайдыылаах, ис кыахтаах эрэ омук итинник кыахтааҕа биллэр.

Ол да иһин, сахалар нууччалар манна кэлиилэрин, бэйэлэрин былаастарын соҥнооһуннарын араастык көрсүбүттэрэ. Дьаһаах хабалатыгар киириилэрин, “туора урдустар” аатыран атаҕастабылга-сэнэбилгэ тэбиллиилэрин утарбыттара. Арассыыйа импиэрийэтин Саха кыраайыгар, уобалаһыгар олохсуйбут былааһын үрдүк соло­лоох тойотторугар, Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэригэр, Күн судаар ыраахтааҕыга бэйэтигэр тиийэ Арассыыйа олохтоох омуктары нолуоктааһынынан, түһээнинэн, Тус Хоту, Уһук Илин айаннарга сылгылары-бэйэлэри тиэ­йии-таһыы үлэлэригэр олус ыар хабалаҕа ылбытын төлөрүтэргэ, сахалар бэйэлэрин дьаһанан олорууларын боппуруостарын быһаарарга хорсуннук, ахсаабакка туруорсубуттара.

Устуоруйа чахчылара

Ылан көрүөҕүҥ, оннук ту­­руорсуулар болҕомтоҕо ылыллан, олохтонон испит холобурдарын:

1640 сыллардаахха сахалар аҕа уустарынан төбүрүөннээн олорор сирдэринэн буоластар диэн баар буолбуттара. Кэлин буоластар оннуларыгар 1770 сылтан нэһилиэк диэн тиэрмин туттуллар буолбута уонна 1830 сыллаахха бүтэһиктээхтик олохсуйбута.

1789 сыл балаҕан ыйын 18 күнэ. Сэһэн Ардьакыап (Бороҕон улууһун кулубата, 40-ча саастаах Алексей Аржаков) нуучча ыраахтааҕыта Екатерина II сирэй көрсөн 2,5 чаас кэпсэтэн, “Сахалар тустарынан былаан” (“План о якутах”) диэн ааттанар суругун туттаран тахсыбыта дьиҥ-чахчы буолбут суол. Сэһэн Ардьакыап саха бэйэтин бэйэтэ салайынан, ол аата, судаарыстыба тэринэн олороругар сыһыаннаах маннык үс этиилээх: ыспыраабынньыктары саха олоҕун, тылын билэр дьонтон аныахха; уобаласка саха баһылыгын (кулуба биитэр баһылык) дуоһунаһын олохтуурга; суобас суутун тэрийэргэ: оннук суукка уобаласка саха баһылыга, улууска кулуба, нэһилиэк кинээстэрэ киллэриллиэхтээхтэр диэн.

1790 cыллаахха ыраах­тааҕыттан Иркутскай күбүрүнээтэригэр анал рескрипт кэлбитэ. Онно Саха сиригэр олохтоох омук оҕолорун үөрэтэр (Сэһэн Ардьакыап туруорсуутунан) училищены аһары, ыспыраабынньык­тары саха тылын билэр дьонтон аныыры тэҥэ, саха баһылыгын талар сөбүн туһунан этиллибитэ.

1822 сыллаахха ыраахтааҕы бырабыыталыстыбатын “Сибиир инородецтарын салайар туһунан Устаап” быһыытынан Саха сирин уобалаһын сахаларын бэбииннэс биэрэр уонна бэйэни салайынар көс омуктарга киллэрэллэрэ. Нэһилиэктэргэ ородобуой диэн кинээс, аҕа уустарын чаччыыналара састааптаах салалта баар буолбута.

1852 сыллаахтан Саха сирэ күбүөрүнэ бырааптаах уобалас ыстаатыһын ылан, дьиҥнээх статскай советник К.Н.Григорьев диэн бастакы күбүрүнээтэрдэммитэ. 1760 сылга улуус кулубатын дуоһунаһа киириэр диэри тойоттор былаастара нэһилиэстибэннэй этэ: аҕатыттан уолугар көһөрө.Бу кэмтэн саҕалаан улуус, нэһи­лиэк тойотторун (Сэһэн Ардьакыап туруорсуутунан) быыбарынан талар буолбуттара.

1886 сыллаахха от ыйыгар Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэрэ, граф Алексей Павлович Игнатьев Саха сиригэр кэлэ сырыттаҕына, оччолого 20-чэлээх Дүпсүн улууһун сурук та­­һааччыта Василий Никифоров (В.В.Никифоров-Күлүмнүүр) саха бас-көс дьонун сиргэ сыһыан, нолуоктааһын, сахалар бэйэлэрин салайыныыларын боппуруостарынан докладной саппыыскаларын Үрдүк сололооххо илиитигэр туттарбыта.

“Сахалар улуу омук эбиккит…”

Илин Сибиир генерал-күбү­рүнээтэрин Илин Хаҥалас улууһун кулубата Прокопий Филиппович Лепчиков дойдутугар Өлүөнэ эбэ быйаҥнаах уҥа кытылыгар, Ороссолуодаҕа 10 күн устата үрдүк таһымнаахтык ыалдьыттатан быйаҥнаах ыһыах ыспыт. Ыһыах сиэрэ-­туома сахалар олохторун, дьарыктарын, үгэс­тэрин, итэҕэллэрин, култуураларын, ырыаларын-то­­йуктарын көрдөрөргө анал дьаһал быһыытынан барбыт. Бу үрдүк таһым­наах көрсүһүүгэ уобалас күбүрүнээтэрэ, Саха сирин улуус­тарын кулубалара, элбэх тойоттор сылдьыбыттар. Дьыалабыай кэпсэтиһиилэргэ сахаларга сир тиийбэтин, элбэх сыылынайы көскө ыыталларын, сут кэмигэр көмө наадатын туруорсубуттар.

Үрүҥ ыраахтааҕы үрдүк сололооҕо, граф Алексей Павлович Игнатьев Лиэпчикэптэр олорор дьиэлэрин астына көрөн “дворяннар уйалара” диэн сыана­лаабыт. Көрсүһүүттэн, тэрээһинтэн олус астыммыт уонна: “Маннык тымныы дойдуга олус сөптөөхтүк тэринэн олорор дьон эбиккит. Сахалар диэн барыны бары сатыыр улуу омук эбиккит”, –  диэн түмүктээбит.

*  *  *

Граф А.П.Игнатьев манна кэлэ сылдьыбытын кэнниттэн, докумуоннар көрдөрөллөрүнэн, Иркутскай былаастара сахаларга сыһыаннара лаппа тупсубута. Өлүөнэ өрүс кытыытынан олорор бааһынайдарга эрэ буол­бакка, сахаларга сир тиийбэтин өйдөөн, аны сири былдьаспакка, солоон сирдэрин кэҥэттэллэригэр сорудахтыыллар. Верхоянскай уокурукка Элгэс улууһугар, эбэҥки Мэмэл аҕатын ууһугар, Дьокуускай уокуругар күүстээх быыстала суох ардахтар сүөһү өлүүтүгэр тириэрдэннэр итиэннэ икки сыл Индигир өрүһүнэн балык муораттан тахсыбакка, эбэҥкилэргэ уонна ламуттарга сут саҕаланаары гыммытыгар, Дьокуускай күбүрүнээтэрэ көмө көрдөөбүтүгэр, Алексей Павлович Үп министиэристибэтигэр туруорсан 20 тыһыынча солкуобайдаах көмө бэрдэрэр.

Бу Илин Хаҥалас улууһун кулубата Прокопий Филиппович Лиэпчикэп тэрийэн, сахалар тустарынан биэрбит өйдөбүлэ Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэригэр, граф А.П.Игнатьевка дириҥ, үтүө суолу-ииһи хаалларбытын бэлиэтиир наадалаах.

Матырыйаалы Иван Ксенофонтов  бэлэмнээтэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0