«Госуслуги» порталга 10 тыһ. солк. төлөбүргэ сайаапканы ылыы саҕаланна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

От ыйын 11 күнүттэн Госуслуга портала төрөппүттэргэ оскуола саастаах оҕолорго 10 тыһыынча биир кэмнээх төлөбүр ылыытын туһунан иһитиннэриини ыытан саҕалаата. Иһитиннэриини туппуттар тута сайабылыанньаны ыытыахтарын сөп.


Төлөбүргэ сайабылыанньаны портал бэйэтэ толорор. Төрөппүттэр тус сирэйгэ киирэн наадалаах дааннайдары бэрэбиэркэлииллэр, көннөрөллөр, эбии толороллор.

Иһитиннэриини туппатах төрөппүттэр от ыйын 15 күнүттэн сайабылыанньаны бэйэлэрэ толоруохтара. Госуслуга порталынан туһаммат дьон олорор сирдэринэн биэнсийэ пуондатын салааларыгар сайаапка түһэрэллэр.

Босуобуйаны алтатыттан 18-гар диэри саастаах оҕолорго төлүөхтэрэ.

Дойду үрдүнэн көмө харчыны 17 мөлүйүөнтэн тахса дьиэ кэргэн ылара сабаҕаланар. Маныаха докумуон хомуйсар наадата суох.

СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0