Гостиницаларга «нулевой» нолуок диэн киирдэ

Ааптар: 
02.07.2022
Бөлөххө киир:

От ыйын 1 күнүттэн гостиницаларга уонна туристическай тэрилтэлэргэ нолуок «нулевой» ставката киирбитин туһунан Ростуризм иһитиннэрэр. 

Ол курдук, бэҕэһээҥҥиттэн гостиница уонна туризм өҥөтүнэн дьарыктанааччылары өйүүр сыалтан  нолуоктарыгар «нулевой» ставка (НДС) диэн киирдэ. Бу судаарыстыба быһаччы өйөбүлэ  буолар. Ростуризм быһаарбытынан, маннык көмө оҥоһуллубутугар, гостиницалар оҥорор өҥөлөрүн хаачыстыбата өссө тупсуохтаах. Судаарыстыбаннай  көмө миэрэ быстах кэмҥэ дьону олордорго эбии миэстэни тэрийэр гостиницаларга уонна туристическай эбийиэги арыандаҕа ылааччыларга  аналлаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0