Госдуума биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатта

Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Госдуума иккис ааҕыыга биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатар туһунан сокуоҥҥа бэрэсидьиэн Владимир Путин киллэрбит уларытыыларын ылынна.

В.Путин уларытыыларын 326 дьокутаат өйөөтө, 59 – утарда, 1 — туттунна. Сүрүннээн хомуньуустар утардылар. Сокуон барылын бастакы бырайыагар дьахталлар 63 саастарыгар тахсыахтаахтар диэн этэ, онтон билигин 60, эр дьон 65 саастарыгар тахсар буоллулар. Сүрүн уларытыы ити.

Ону тэҥэ биэнсийэҕэ тахсаллара чугаһаабыт дьону үлэттэн уураталлара, үлэҕэ ылартан аккаастаналлара холуобунай буруйга тэҥнэстэ. Эбэтэр, үлэни биэрээччи 200 тыһ. солк. ыстарааптанар, 360 чааска диэри күһэлэҥ үлэҕэ соҥнонор.

Уһук Хоту олорор дьон 5 сыл эрдэ тахсар чэпчэтиилэрэ оннунан хаалла. Ол эбэтэр, Саха сиригэр дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыгар тахсар буоллулар. Бу саастарыттан 3 оҕолоох ийэлэргэ – 3 сыл, 4 оҕолоохторго – 4 сыл, 5 оҕолоохторго – 5 сыл көҕүрүүр.

Ону тэҥэ ыарахан үлэҕэ сылдьар дьон (шахтердар, горняктар, табаһыттар, о.д.а.) эрдэ тахсаллар.

Сокуон барылын иккис ааҕыыга ылыныахтарыгар диэри эрэгийиэннэр араас уларытыылары киллэрэр этиилэрин оҥоруохтаахтар этэ. Госдуумаҕа анал оробуочай хамыыһыйа тэриллибитэ. Онон өссө ханнык уларытыылар киирбиттэрэ биллиэҕэ.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0