Госдума бастакы оҕоҕо төлөбүрү бигэргэттэ

14.12.2017
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, ахсынньы 13 күнүгэр, Госдума бастакы оҕоҕо төлөбүрү биэрэр туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыытыгар бигэргэттэ. edersaas.ru

2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан төрөөбүт (иитиэх ылыллыбыт) бастакы оҕоҕо тиийинэн олоруу алын кээмэйин саҕа төлөбүр олохтонно. Оҕо балтараа сааһын туолуор диэри ый аайы төлөнөр. Бу көҕүлээһини РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сэтинньи 28 күнүнээҕи этиитигэр киллэрбитэ.

Регион аайы тиийинэн олоруу алын кээмэйэ араастаһар. Холобур, Москваҕа 10,5 тыһ. солк. буоллаҕына, Саха сиригэр 16,3 тыһ. солк. Саамай кыра төлөбүр Белгородскай уобаласка, саамай үрдүк Чукоткаҕа  олохтонно. Бу туһунан РФ үлэҕэ, социальнай көмүскэлгэ миниистирэ Максим Топилин этэн турар. Онон Саха сиригэр 16 тыһыынчаттан кырата суох буолуохтаах.

Игирэлэр төрөөтөхтөрүнэ, бу төлөбүрү  бастакы төрөөбүт оҕо ылар, иккис оҕо — Ийэ хапытаалын.


Босуобуйа федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр, сыллата 340 тыһ. тахса киһи ылара сабаҕаланар. Сыл аайы кыралаан (үстүү мөһөөх) эбиллиэхтээх. Онон 2018 сылга 21 миллиард солк., 2019 сылга 55 миллиард солк., 2020 сылга 68 миллиард солк. ороскуоттаныахтаах.


Ону тэҥэ бу сокуон барыла иккис оҕоҕо Ийэ хапытаалыттан ый аайы төлөбүрү ылары көҥүллүүр.

Төрөппүттэр социальнай көмүскэл управлениеларыгар, эбэтэр элбэх өҥөнү оҥорор кииннэргэ баран сайабылыанньа суруйуохтаахтар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, еdersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0