Нэдиэлэтээҕи гороскоп (балаҕан ыйын 24 — алтынньы 1 күннэрэ)

24.09.2020
Бөлөххө киир:

ХОЙ

Бу күннэргэ болҕомтоҕун чугас дьоҥҥор уур, бириэмэҕин кинилэргэ анаа. Ол гынан баран, үлэҕин-хамнаскын үтүрүйүмэ. Ситиһии күүтэр. Доруобуйаҕын чэбдигирдин, хамсан-имсэн. Оттон таптыыр киһигэр соһуччу үөрүүтэ бэлэхтээ.

ОҔУС

Чугас дьоҥҥун кытары хаһааҥҥытааҕар да өйдөһүөҥ. Өрөмүөн саҕалаатаххына, барыта санаабытыҥ хоту салаллан настарыанньаланыаҥ. Оттон сулумахтары олус интэриэһинэй билсиһии күүтэр. Үлэҕэр былааннаабыккын толорорго дьулус.

ИГИРЭЛЭР

Тапталлааҕыҥ күнүүлээтэҕинэ, иирсибэт буола сатаа. Ол туһуттан, дьиэҕэр-уоккар сылаас, истиҥ сыһыаны олохтуурга кыһалын. Ханна эмэ баран кэлииҥ, аҕыйах күннээх командировка сэргэхтик ааһыа. Бэрт элбэх сонуну билбитиҥ туһалаах буолуоҕа.

АРААК

Төрөппүттэриҥ, чугас дьонуҥ өйөбүллэригэр эрэн. Ол гынан баран, олус бэйэмсэх буолума. Кинилэр тугу сэҥээрэллэригэр, туохха наадыйалларыгар болҕомтоҕун эмиэ уур. Үлэҕэр-хамнаскар ситиһии күүтэр. Дьиэҕэр наадалаах малы-салы, бытовой тиэхиньикэни атыыласпытыҥ өр сулууспалыа.

ХАХАЙ

Чугас дьонуҥ болҕомто эрэйэллэрин умнума. Онон өрөбүл күннэргин кинилэри кытары атаарарга кыһалын. Билиигин-көрүүгүн хаҥатынаргар үчүгэй, туһалаах күннэр. Үлэҕэр уларыйыы суох. Ыраахтан үчүгэй сонуну истиэҥ, кэһии тутуоҥ.

КЫЫС

Саҥа билсиһиилэр күүтэллэр. Ол сорох боппуруостаргын быһаараргар көмөлөөх буолуохтара. Дьиэҕэр чугас дьоҥҥун кытары тыл-тылгытыгар киирсимиэххин сөп. Киэҥ көҕүстэнэргэ кыһалын. Сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ күүһүрбүт. Ону болҕомтоҕор ыл.

ЫЙААҺЫН

Туора дьону-сэргэни, ыалларгын кытары алтыһа сатаабатыҥ ордук. Үлэҕэр, дьиэҕэр тугу былааннаабыккын толорорго кыһалын. Нэдиэлэ бүтүүтэ умнубут доҕоргун соһуччу көрсүөххүн сөп. Үлэҕинэн ханна эмэ баран кэлиигиттэн идиэйэ үөскүө. Ол үлэҕэр туһалыа.

СКОРПИОН

Кыһалҕалаах боппуруостаргын быһаарарга дьулус. Онно чугас доҕотторуҥ сүбэлэрэ наада буолуоҕа. Үпкүн-харчыгын мээнэ ыһыма-тоҕума. Үлэҕэр-хамнаскар бу күннэргэ бэрт элбэҕи ситиһиэххин сөп, өскөтүн бытаарбатаххына, атыттарга сорудаҕы найылаабатаххына.

ОХЧУТ

Туохха барытыгар сыта-тура толкуйдаа. Быһаччы быһаарыыҥ иирсээн төрдө буолан туруон сөп. Ордук аймахтаргын кытары. Үлэҕэр ситиһиилэниэҥ, элбэҕи кыа­йа-хото тутуоҥ. Салалтаҥ да ону бэлиэтиэ. Ол түмүгэр, харчынан бириэмийэлэниэххин сөп.

ЧУБУКУ

Саарбахтыыр дьоҥҥун кытары сибээстэһэ сатаабатыҥ ордук. Ханна эмэ бардаххына, саҥа билсиһииттэн тутун. Араас албыҥҥа-көлдьүҥҥэ киирэн биэриэххин сөп. Үлэҕэр бэриллибит сорудаҕы мунньа сатаама. Өрөбүллэргэр тус бэйэҥ интэриэскэр болҕомтоҕун уур.

КҮРҮЛГЭН

Элбэх киһи тоҕуоруһар сиригэр сылдьа сатаама. Араас майгылаах-сигилилээх дьону көрсүөххэ сөп. Ол оннугар үлэҕэр-хамнаскар бүкпүтүҥ ордук. Онуоха билиигин-көрүүгүн хаҥатыыҥ үлэҕэр туһаны аҕалыа. Өрөбүллэргин дьиэ кэргэҥҥин кытары атаар.

БАЛЫКТАР

Тус олоххор ситиһии, табыллыы күүтэр. Онон чугас доҕоргор болҕомтолоох буол. Ол эрээри, доруобуйаҕын таһы-быһа умнума. Сөптөөх хамсаныы-имсэнии сэргэхситиэ, күүһү-уоҕу биэриэ. Өрөбүллэргэр сибиэһэй салгынынан тыын. Ыраахтан үчүгэй сонуну истиэҥ, кэһии тутуоҥ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0