Гороскоп. Ахсынньы 5-11 күннэрэ

Бөлөххө киир:

Хой. Нэдиэлэ саҥатыгар туох эрэ сонуну истиэҥ, урут билэр киһигин көрсө түһүөҥ. Үлэҕэр саҥаны саҕалыыргар табыгастаах күн. Таптыыр киһигэр туох эрэ үчүгэйи оҥорон, үөртэххинэ, иккиэҥҥитигэр дьоллоох түгэн тосхойуо. Бу күннэргэ мунньуллубут дьыалаларгын үмүрүтэ сатаа. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ, эрэлгин сүтэримэ. Дьон үтүө санаата көмөлөһүө.

Оҕус. Бу күннэргэ дьыала-куолу сатанарын туһугар, ыксыа суохха наада. Түргэнник ситиһии кэлэ охсуон баҕарар дьоҥҥо уустук кэм. Нэдиэлэ ортотуттан барыта орун-оннугар түһэн, уоскулаҥы аҕалыа. Олус интэриэһинэй көрсүһүүлэри сулустар тосхойуохтара. Баҕа санаа туолуута үөрдүө, үрдүккэ кынаттыа. Түмүктэри таһаарарга, былаан оҥострго тоҕоостоох кэм.

Игирэлэр. Дьиэ кэргэҥҥэр барыта үүт-тураан. Үлэҕэ-хамнаска ыарахаттар баар  да буоллахтарына, дьиэҕэр кэлэн ону умна сатаа. Доруобуйаҕын көрүнэ сырыт, тумууга ылларыма, таһырдьа сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтик сырыт. Ис имҥэр итэҕэй, сүрэҕиҥ тугу этэрин иһит. Дохуотуҥ улаатарын туһугар быһаарыылаах хардыылары оҥорор кэм кэлбит. Бу күннэргэ урут быһаарылла илик боппуруостаргынан дьарыктан.

Араак. Ис санааҕын, иэйиигин искэр тута сатаа. Чугас дьоҥҥун кытары тыл-тылга киирсибэккэ, өйдөспөт түгэннэр тахсыахтарын сөп. Ыгымҥар быһымах быһаарыныылары ылынартан туттун. Кыраттан хомойбокко, балаһыанньаны атын өттүттэн көрөн, эйигин туохха үөрэтэрин быһаарсыбыт ордук. Нэдиэлэ бүтэһигэ түбүктэн-садьыктан сынньанарга, үчүгэйи эрэ былаанныырга, дууһаҥ сөбүлүүр дьыалатынан дьарыктанарга табыгастаах кэм.

Хахай. Нэдиэлэ саҥатыгар барыта чэпчэки баҕайытык табыллан иһэр курдук буолуо. Хас да дьыаланан тэҥинэн дьарыктанан, ситиһиилэниэҥ. Саҥаны саҕалыырга, урукку дьыаланы түмүктүүргэ тоҕоостоох кэм. Бу нэдиэлэҕэ кэтэһиилээх үп-харчы кэлиэ. Ол эрээри өрөбүллэргэ уоскуйан, дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтоҕун уурарыҥ ордук. Доруобуйаҕын көрүнэ, эмтэнэ түһэриҥ мэһэйдиэ суоҕа.

Кыыс. Нэдиэлэ саҕаланыыта элбэҕи оҥоруохтааххын. Түбүк, үлэ элбэх. Ол гынан баран, төлөбүрэ эмиэ өлгөм соҕустук эргиллэн кэлиэ. Элбэххэ үөрэнэн, дьоҥҥо үтүө сыһыаҥҥынан ситиһиилэниэххин сөп. Чугас дьоҥҥор болҕомтолоох буол. Нэдиэлэ ортотугар кэтэспэтэх өттүгүттэн үтүө сурах, эбэтэр соһуччу түгэн баар буолуо. Ону тэҥэ өр кэмҥэ быһаарыллыбакка сылдьыбыт дьыалаҥ эн тускар быһаарыллан хаалан, үөрдүө.

Ыйааһын. Дьону кытта бииргэ үлэлииргэ, саҥаны айарга, алтыһарга тоҕоостоох нэдиэлэ. Эн таскар доҕотторуҥ, кэллиэгэлэриҥ, биир санаалаахтарыҥ баар буоллахтарына, элбэҕи кыайыаххыт. Ону тэҥэ ким эрэ эн көмөҕөр наадыйар буолуон сөп. Үп-харчы өттүгэр табыллыы кэлиэ. Дьиэ кэргэҥҥэ этиһиини, кыыһырсыыны суох оҥорон, эйгэни тупсарарга тоҕоостоох кэм.

Скорпион. Нэдиэлэ саҕаланыыта үгүс үөрүүнү, соһуччу түгэннэри тосхойуо. Олоххор барыта орун-оннугар түһэр, быһаарыллар кэмэ кэлбит. Уларыйыы тахсарын туһуттан, бэйэҥ быһаарыныылаах хардыылары оҥоруохтааххын. Өрөбүллэр диэки, чугас дьоҥҥун кытары кыыһырсартан туттуна сатаа. Өскөтүн кинилэр тустарыгар бэйэҥ былааҥҥыттан аккаастанар да түгэҥҥэр, олус хомойума.

Охчут. Бу күннэргэ дьону кытары алтыһарга, дьыалабыай көрсүһүүлэри ыытарга тоҕоостоох кэм. Бэйэҕин табыгастаах өттүттэн көрдөрөргө кыһалын. Үөрүүлээх сонуну истиэххин сөп. Нэдиэлэ ортотуттан кыһалҕалары уталыппакка быһаарарга күүскүн-уоххун бүтүннүү ууруоҥ. Билииҥ-көрүүҥ, мунньуммут уопутуҥ уонна дьон үтүө сыһыана кыһалҕалары быһаарарга көмөлөһүө. Ол иһин саҥа саҕахтар арыллыахтара.

Чубуку. Бу нэдиэлэ уустук соҕустук ааһыа. Хайдах эрэ чараас мууһунан хааман иһэр курдуккун. Дьон албыныгар киирэн биэриэххин сөп. Онон итэҕэйбэт дьоҥҥор кистэлэҥҥин арыйыма, аһыллыма. Төһө да уустук буоллар, нэдиэлэ бүтэһигэр кыһалҕаҕын быһаараҥҥын, күүтүүлээх уоскулаҥҥын булан, тапталлааххын кытары умнуллубат түгэннэри атаарыаҥ. Киниэхэ романтическай киэһэни бэлэхтээ.

Водолей. Тугу оҥороруоххун баҕарбыккын олоххо киллэрэргэр ыарахан соҕус буолуо. Саҥа саҕалаабытыҥ ыһыллан хаалар куттала баар. Онон биир санаалаахтаргын, аймахтаргын кытта алтыс, чугас дьоҥҥун кытта кыыһырсартан туттун. Үп-харчы боппуруоһун быһаарсарга тиэтэй. Сотору кэминэн олоххун уларытар түгэн буолуо. Маннык түгэҥҥэ сүрэҕиҥ тугу этэрин иһит.

Балыктар. Бу ураты нэдиэлэ. Олоххун уларытаргар быһаарыныылаах дьайыылары оҥороргор уолдьаспыт. Таах сүүрүк хоту, долгуҥҥа олорсо сылдьыбакка, ырааҕы көрөн, былаан оҥостон, кэлэр сылгын торумнуоххун наада. Үгүөрү үп-харчы кэлэригэр соһуччу сурах көмөлөһүөн сөп. Доҕотторгун, дьиэ кэргэҥҥин кытта чугастык алтыһан, сынньана түһүөххүн наада. Тапталга табыллыы тосхойуон сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0