Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ «Горныймясопродукт» кэпэрэтиип ыыһыыр сыахтанна.
—Ил Дархан Айсен Николаев аграрийдары өйүүр мэхэньиисимнэри тэрийэргэ, тыа сирин дьонун-сэргэтин олоҕун уйгутун үрдэтэргэ соруйбута. Үлэбитин ол хайысхаҕа күүһүрдэбит», — диэтэ Андрей Тарасенко.
Салгыы улуустааҕы биисинэс холбоһуктар бэрэстэбиитэллэрин кытта төгүрүк остуолга олохтоох урбаанньыттары өйүүр боппуруостары дьүүллэстилэр. Кэпсэтиигэ урбаанньыттар суол таһынааҕы сервистэргэ түүҥҥү кэмҥэ үлэни хааччахтааһыны сымнатыы, туризм салаатыгар өйөбүл мэхэньиисимнэрин, тиэхиньикэни уонна тэрили атыылаһарга субсидиялар боппуруостарын көтөхтүлэр.
Улуус урбаанньыттара баҕалаахтары үлэлэрин-хамнастарын сайыннаралларыгар, биисинэстэрин кэҥэтэллэригэр үөрэхтэри тэрийэн ыытыыны өйөөтүлэр. Итиннэ сөптөөх сорудах СӨ Урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм министиэристибэтигэр бэрилиннэ.