Горнайга түргэнник сапараапкалыыр, айанньыттар сынньанар хостордоох ыстаансыйа үлэтин саҕалаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ  «Туймаада-ньиэп» НХ АУо саҥалыы уларытыллан оҥоһуллубут сапараапкалыыр  ыстаансыйата үлэҕэ киирдэ.


Үөрүүлээх түгэҥҥэ  «Туймаада-ньиэп» генеральнай дириэктэрэ Степан Чепалов, «Сервис-Ойл» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Сергей Тихонов, Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга Марк Парфенов, бэдэрээтчиттэр, улуус олохтоохторо кытыннылар.

Бэлиэтээбиттэринэн, бырайыагы «Регион» хампаанньа «Туймаада-ньиэп» исписэлиистэрин кытары көмөлөөн оҥорбуттар. «Интер» уонна «Ректайм» хампаанньалар үлэлээбиттэр.

Степан Чепалов нэһилиэк олохтоохторун бу күүтүүлээх бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Саҥа ньыманан тутуллубут эбийиэк улууһу бүтүннүүтүн уонна  «Бүлүү» федеральнай суол ааһар нэһилиэнньэлээх пууннарын  хаачыстыбалаах уматыгынан хааччыйыаҕын эттэ. Маннык бэртээхэй ыстаансыйаҕа үлэлэрин толору баһылаабыт исписэлиистэр  баалларын, көлөлөрү түргэнник сапараапкалыахтарын Сергей Тихонов бэлиэтээтэ. Никита Андреев  бырайыагы олоххо киллэриигэ, ыстаансыйаны тутууга көмөлөспүттэргэ барыларыгар махтанна. Кини: «Ыстаансыйа хаачыстыбалаахтык уонна кылгас болдьох иһигэр саҥардыллан үлэтин саҕалаата. Маныаха хампаанньа кэлэктиибэ улууспутугар экэнэмиичэскэй уонна социальнай бигэ тирэх баар буоларыгар, олох-дьаһах хаачыстыбатын тупсарарга  улахан кылаатын киллэрсэр«, — диэтэ.

Улуус олохтоохторо экологическай нуормаҕа эппиэттиир ыстаансыйаҕа  дьон-сэргэ уонна үлэһиттэр сынньана түһэллэригэр анаан толору хааччыллыылаах хостордооҕун сөҕө-махтайа көрдүлэр. Бэртээхэй эбийиэктэммиттэриттэн үөрдүлэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0