Горнайга полиция отделыгар киһи өлбүт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Куһаҕан дьыала: Горнай улууһун Ис дьыалаҕа отделыгар, административнай сокуону кэһэн тутуллубут дьон камераларыгар киһи өлбүт. Бу туһунан РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрдэ. 

edersaas.ru

Силиэстийэ сабаҕалыырынан, бу дьыл кулун тутар 24 күнүгэр Горнай полициятыгар улуустааҕы балыыһаттан 39 саастаах киһини аҕалбыттар. Медиктэр бу итирик киһини анаммыт процедуралары, бэрээдэги тутуспат, айдаарар-хайыыр диэн эппиттэр.

Эр киһини отделга аҕалан, административнай сокуону кэспит дьон камераларыгар укпуттар. Сарсыныгар камераҕа кини өлүгүн булбуттар.

Экспертиза көрдөрбүтүнэн, бу киһи өлбүт биричиинэтинэн төбөтүгэр бүтэй эчэйии буолбут.

Бу чахчынан силиэстийэ уорганнара РФ Холуобунай кодексатын 111-с ыст. 4-с чааһынан холуобунай дьыала тэрийбиттэр. Ол эбэтэр, киһи доруобуйатыгар ыарахан эчэтиини соруйан оҥорон, сэрэҕэ суохтан өлүүгэ тиэрдии бэлиэтэ баарынан.

Киһи полиция дьиэтигэр өлбүтүнэн, Ис дьыала министиэристибэтэ бэйэтин сулууспанан бэрэбиэркэтин ыытар.

Оттон СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 39 саастаах киһини полиция дьуһуурунай чааһыгар кини ийэтин сайабылыанньатынан аҕалбыттар. Ийэтэ эппитинэн, уола балыыһаҕа арыгытын эмтэтэ киирэн баран, балыыһаттан бэйэтэ тахсан барбыт.

Бу киһини уопсастыбаннай сиргэ итирик сылдьыы иһин административнай эппиэккэ тардыбыттар уонна административнай сокуону кэспиттэр камераларыгар укпуттар.

Сарсыарда 06.00 чаас саҕана оперативнай дьуһуурунай бу киһи туруга мөлтөөбүтүн видеокамеранан көрөн, бастакы көмөнү оҥорбут, ону тэҥэ, «суһал көмөнү» ыҥырбыт.

«Суһал көмө» медиктэрэ реанимационнай миэрэлэри оҥоруу кэнниттэн «сүрэҕэ тохтоон өллө» диэн быһаарбыттар («острая сердечная недостаточность»).

Тутуллубут киһи дьиҥ туохтан өлбүтүн силиэстийэ быһаарыаҕа.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0