Горнайга оптоволокно бастакы сүһүөҕэ уурулунна

27.10.2016
Бөлөххө киир:

«Оптоволокно тутуутун олохтоохтор көрө сылдьан хонтуруоллаатыннар диэн Бэрдьигэстээхтэн саҕалаатыбыт», — диэн иһитиннэрдэ Ил Дархан Егор Борисов алтынньы 27 күнүгэр Горнайга сырыытын кэмигэр. Бу күн Бэрдьигэстээххэ оптоволокно бастакы сүһүөҕүн ууруу бэлиэ түгэнэ буолан ааста.

Эһиил бу ситим «Манчаары оонньууларын» көрсө Бүлүүнэн Үөһээ Бүлүүгэ тиийиэхтээх. «Онон бу ситим суол тэҥэ суолтата улахан», — диэн этэр Егор Афанасьевич. Манна сыһыаран эттэххэ, бу соторутааҕыта оптоволокно Уус Алдаҥҥа Бороҕоҥҥо киирбитэ. Мэҥэ Хаҥаластан Чурапчынан, Тааттанан, Томпонон ууруллубут ситим быйыл Өймөкөөҥҥө диэри тиийэн, салгыы Магадаҥҥа ааһыахтаах.

Сибээс миниистирэ Александр Борисов бэлиэтииринэн, бэрдьигэстээхтэр номнуо Саҥа Дьылга түргэн-тарҕан интернет ситиминэн туһанан барыахтаахтар. «Быйылгыттан Бэрдьигэстээх иһигэр сибээһи тупсарыыга үлэлэр бараннар, эһиилгиттэн сибээс хаачыстыбата өссө тупсуоҕа. ИТ-телевидение, түргэн интернет, хаачыстыбалаах суотабай сибээс киириэҕэ. Бэрдьигэстээҕи таһынан Маҕараска эмиэ үлэ ыытыллыаҕа», — диэн бэлиэтиир Александр Ильич.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0