Бүгүҥҥүттэн оскуолаларга тэйиччиттэн (дьиэҕэ олорон) үөрэх саҕаланна.
Бу дойдуга коронавирус дьаҥа туран маннык балаһыанньа буолла. Горнай улууһугар маннык ньыманан үөрэнии хайдах саҕаланна? Бу туһунан улуустааҕы үөрэх управлениетын уопсай үөрэхтээһиҥҥэ салаатын начаалынньыга Анна Степанова иһитиннэрдэ.
—Улууска 2188 үөрэнээччи төрөппүтэ (сокуоннай бэрэстэбиитэлэ) оҕолорун дистанционнай үөрэххэ көһөрөргө сөбүлэҥнэрин биллэрбиттэрэ.
Улууска дистанционнай үөрэтиигэ учууталлары бэлэмнииргэ анаан ыытыллыбыт араас тэрээһиннэргэ уопсайа 344 (95,3%) учуутал уонна оскуолалар администрациялара идэлэрин таһымын үрдэттилэр. Маны сэргэ, РФ үөрэҕин министиэристибэтин методическай рекомендацияларыгар олоҕуран, хас биирдии оскуола төрөппүттэргэ оҕо ыраахтан олорон үөрэниитин туһунан өйдөтүү үлэтин ыытта, анал араспысаанньалар, биридимиэттэринэн үөрэх былааннара, бырагыраамалара оҥоһулуннулар. Манна Роспотребнадзор ирдэбилинэн компьютер экранын иннигэр 1-4 кылаас оҕолоро – 15 мүнүүтэ, 5-7 кылаас үөрэнээччилэрэ — 20 мүнүүтэ, 8-9 кылаастар – 25 мүнүүтэ, 10-11 кылаастар – 30 мүнүүтэ олоруулара учуоттанна.
Маны сэргэ, ханнык дистанционнай үөрэхтээһин платформата ордук табыгастааҕын билэр туһуттан, оскуолалар апробация (боруобалаан көрүүнү) ыыттылар. Ол курдук, Өрт орто оскуолатыгар Zoom, Skype нөҥүө 87 үөрэнээччи, Кировскай орто оскуолатыгар Арассыыйа электроннай оскуолата, «УЧИ.ру», WhatsApp, Youtube ханааллар нөҥүө 100-кэ үөрэнээччи, Маҕарас орто оскуолатыгар «Яндекс.Учебник», «ЯКЛАСС», АИС «Сетевой город» — 160 үөрэнээччи, Дьиикимдэ орто оскуолатыгар 107 үөрэнээччи Zооm, «УЧИ.ру», Статград платформаларга, Күөрэлээх орто оскуолатыгар 72 үөрэнээччи Zoom, ege.esdamgia.ru, платформаларынан кытыннылар. Итиэннэ нэһилиэктэр усулуобуйаларыгар WhatsApp, Zооm, Youtube, Instagram арыый табыгастаах эбит диэн быһаардылар. Оттон Маҕаны орто оскуолатыгар «УЧИ.ру», «Яндекс.Учебник», ОГЭ:oge.sdamgia.ru, ЕГЭ:еge.sdamgia.ru платформалары боруобалаан көрүүгэ сибээс мөлтөҕө билиннэ. Онон үксүн ватсап, видео—уроктарынан үөрэтии барыан сөп эбит диэн буолла. Оттон Бэрдьигэстээх орто оскуолаларыгар ити этиллибит платформалартан атын көрүҥнэр, чуолаан, С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар оскуола сайтын нөҥүө үөрэтии, улуустаа5ы гимназияҕа Zoom, Wiber, Gooqlкласс – Classroom ордук табыгастааҕын, А.Н.Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар онлайн, офлайн, хардары сибээс барарын чуолкайдаатылар.
Уот, интэриниэт сибээс суох эбэтэр итилэр мөлтөх нэһилиэктэригэр туспа көрүҥнэр (моделлар) үлэлииллэрэ быһаарылынна. Улуус баһылыгын анал дьаһалынан үс оскуола: Кэптин орто оскуолата, Семен Иванович Тимофеев-Кустуктаанап аатынан Маҕаны орто оскуола уонна Владимир Дионисьевич Лонгинов аатынан Атамай орто оскуолалара СӨ Ил Дарханын ыйааҕар олоҕуран, оскуолаҕа тиийэн (очнай) уонна дистанционнай көрүҥүнэн үөрэтиигэ киирдилэр.
Улуус үрдүнэн уопсайа 34 үөрэнээччи компьютерынан уонна суотабайынан үөрэнэргэ анаан хааччылыннылар.
Өрөспүүбүлүкэ осуолаларыгар барытыгар «УЧИ.ру» официальнай платформа киирбитинэн, үөрэтии бириэмэтэ хааччаҕа суох босхо буоларыгар бу платформа салалтата уонна министиэристибэ үлэ ыыттылар. Оттон дьиэлэригэр интэриниэтэ суох үөрэнээччилэр испииһэктэрэ чопчуланан «ТЦТР» ГУТ, МТС суотабай оператордары кытта туһааннаах үлэлэр ыытыллаллар.
Бүгүҥҥүттэн дистанционнай үөрэхтээһин саҕаланна. Маныаха хас биирдии оҕо үөрэнэригэр сөптөөх, табыгастаах усулуобуйа тэриллэригэр, билиини-көрүүнү харгыстаммакка ыларыгар, оскуола уонна төрөппүт өйдөһөн, сомоҕолоһон бары кыһамньыларын оҕо үөрэнэригэр ууралларыгар эрэнэбит, — диэтэ Анна Михайловна.
Хаартыска: Горнай улууһун үөрэххэ управлениетыттан