Горнайга амфибия-сөмөлүөттэр үлэлиэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Ойуур баһаардарыттан 60-ча нэһилиэнньэлээх пууннарга хойуу буруо бэлиэтэнэр. Кэнники күннэргэ баһаары утары охсуһууну лаппа күүһүртүлэр, хас да улахан баһаардары умуруордулар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕар Айсен Николаев вице-премьер Дмитрий СадовниковкаБе-200” сөмөлүөт Горнай улууһугар үлэлиир былаанын чопчулуурга сорудахтаата. Бу маннык үс амфибия-сөмөлүөт бу күннэргэ Мииринэй аэропордуттан сылдьан, Горнайга үлэлиэхтэрэ. Дьокуускай аэропорда өрөмүөннэнэ турарынан, онно түһэр кыахтара суох.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Мииринэй, Сунтаар, Ньурба улуустарыгар ардаҕы түһэрэр зондировщик сөмөлүөт үлэлээбитин түмүгэр, ардахтаата, онон балаһыанньа тупсара күүтүллэр.

Бүгүҥҥү туругунан, уустук балаһыанньа Горнай, Сунтаар, Хаҥалас улуустарыгар бэлиэтэнэр. Ону тэҥэ, арҕааҥы, киин уонна хотугулуу-илиҥҥи улуустарга ойуур умайар. 31 баһаары умуруорууга бары күүһү түмэллэр.

Ааспыт сууккаҕа 16 баһаары умуруордулар. 2 тыһыынчаттар тахса киһи үлэлии сылдьаллар. РФ ыксаллаах-быһыыга-майгыга министиэристибэтин, Оборона министиэристибэтин авиациятын сөмөлүөттэрэ, “Рослесхоз” исписэлиистэрэ үлэлииллэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска:СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0