Горнайга аадырыстарынан көмөнү оҥоруу күргүөмнээхтик ыытыллар
Коронавирус дьаҥын бохсор үлэлэр улуустарга салҕаналлар. Бу быыһык кэмҥэ волонтердар төһүү күүһүнэн буолаллар.
Горнай улууһугар ыччат бэлиитикэтин сүрүннүүр исписэлиис, улуустааҕы волонтердар ыстааптарын салайар Сардаана Туралысова:
—Улууспутугар волонтердар ахсааннара 72-гэ тиийдэ. Бэҕэһээ барыта 1112 сайаапка киирэн толорулунна.
Өрөспүүбүлүкэ волонтердарын ыстаабыттан улууспутугар, 65-тэн үөһээ саастаахтарга анаан, биирдэ бэриллэр көмө быһыытынан, ас-үөл 200 набора аҕалыллыбыта. Мантан коронавирус дьаҥнаабыт киһилээх буоланнар, улаханнык долгуйан, куттанан, дьиэҕэ хааччахтанан олорор нэһилиэнньэлээх дьоммутугар, мытаахтарга, аҕам саастаахтарыгар барыларыгар тиэрдилиннэ. Ону таһынан, улууспут аҕыс нэһилиэгэр, 65-тэн үөһээ саастаах соҕотох дьоҥҥо көмө быһыытынан түҥэтилиннэ, — диэн бу күннэрдээҕи үлэлэриттэн иһитиннэрдэ.
Сардаана Баснаева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Горнай улууһун волонтердарын ыстаабыттан