Горнайдар Сиинэ пааркатыттан гектар көрдөһөллөр

27.10.2016
Бөлөххө киир:

«Сири билигин ылбатахпытына, атын омуктарга барыаҕа диибит. Сахабыт сирин барытын үллэстэн кэбистэхпитинэ, кэлэр көлүөнэҕэ тугу хаалларыахпытый? – диэн тыл көрдөөн аҕам саастаах дьахтар Горнайга Ил Дарханы кытары алтынньы 27 күнүгэр буолбут көрсүһүүгэ саныыр санаатын быктарда. Бу этии, дьиҥэр ыллахха, кинини эрэ буолбакка, барыбытын да долгутар эбээт.

«Москваттан Солоҕоҥҥо олоро кэлиэхтэрэ суоҕа»

  • Доҕоттоор, бастатан туран, биһиги биир Россияҕа олорорбутун умнумуоххайын, — Егор Борисов остуол уһугар сытар микфрону ылан, саҕалыыр. — Бу сокуон оҥоһулларыгар, арааһа элбэх сайаапка киирэр буолсу дии санаабыппыт да, билиҥҥитэ, төһө да Уһук Илин регионнарга сайабылыанньа биэриитинэн инники күөҥҥэ истэрбит, олус аҕыйах киирдэ. Атын да регионнарга сайаапка киириитэ аҕыйах. Холобур, өҥ сирдээх-уоттаах Амур уобалаһыгар сири былдьаһа-былдьаһа ылыахтара диэн оҥорбутум, оннук буолбата. Онон биир гектар эрэ иһин Москваттан дьон-сэргэ тоҕо анньан кэлиэ суоҕа. Уонна хайа, Сахабыт сирэ тымныытынан үгүс киһини дьаахханнарар.
  • Эмиэ да оннук ээ, — саала иһиттэн эмиэ да үөрбүт, эмиэ да симиттибит саҥалар иһиллэллэр.
  • Сирбитин барытын сокуонунан харыстаан, хааччахтаан олоробут. Хаалбыт 26 %, ол эбэтэр 90 мөл. гектары баҕарбыппыт да иһин, барытын ылар кыахпыт суох. Ол иһин билигин нэһилиэктэн чугас сирдэри ылыы барыаҕа. Биһиэхэ бэйэбитигэр, Саха сирин олохтоохторугар, бу сокуон туһаны аҕалыахтаах. Мантан сиэттэрэн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо анаан 2,5 га сири, ону таһынан сылгы иитиитигэр ыраах сытар сирдэри биэрии туһунан анал ыйаах таһаартардым. Онон туһаныҥ, сири ылан хаалыҥ, — диэт Егор Афанасьевич сааланы кэриччи көрөр.

«Ыалларгыт Улуу Сыһыыны көрө сылдьаллар»

  • Аны маннык боппуруос баар. Улуу Сыһыы диэн сирдээхпит. Онно сылгы иитиитинэн дьарыктаныахпын баҕарабын да, сир көрдөөбүппүн аккаастаан тураллар. Билигин онно сири быстаран ылыахпын сөп дуо? — Ил Дархан хоруйуттан тэптэн ыйытааччы иккиһин боппуруос биэрэр.

img_2945

Манна Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев хоруйдуур.

  • Улуу Сыһыы ураты харыстанар сирдэргэ киирсибэт. Эһиги улуускутугар маннык сирдэргэ Сиинэ, Бэс Күөлэ, Харыйалаах киирэллэр.
  • Үс сыллааҕыта ойуур хаһаайыстыбатын регламенынан, Улуу Сыһыыга тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы диэн киирбэккэ сылдьыбыта. Билигин биир гектар сокуонунан бу мантан төһө баҕарар ылыаххын сөп, — диэн боппуруоһу олохтоох исписэлиис иилэ хабан ылар.
  • Чэ бэрт эбит, оччоҕо күн сарсын баран сайаапкабын биэрииһибин, — диэн аҕам саастаах дьахтар боппуруоһугар барытыгар толору хоруйу ылан астынан миэстэтигэр төттөрү олордо.

«Ураты харыстанар сиртэн таһаарыҥ»

  • Нэһилиэкпит 1,4 мөл. тахса гектар сирдээх буоллаҕына, онтон 60-тан тахса бырыһыана Сиинэ пааркатыгар киирэр. Олохтоохтор туһанарбытыгар онтон сир быстаран ылыахпытын сөп дуо? Тоҥуулаахха билигин дьонноролороллор, кинилэр дьиэлэрин таһыттан биир да гектары ылар кыахтара суох, — диэн Алтаны нэһилиэгин баһылыга Валерий Дьяконов мунаахсыйар боппуруоһун таарыйар.
  • 1996 с. 1мөл. 360 тыһ. гектар ураты харыстанар сирдэр диэн Сиинэ пааркатыгар киирбиттэрэ. Олохтоохтор тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналларыгар анаан дуогабар оҥорсон олоробут, — миниистир Сахамин Миланович билигин, үгүстэр сирдэрин ураты харыстанар сирдэргэ киллэттэрээри докумуонната сылдьар үгэннэригэр, тоҕо тахса сатыылларын өйдөөбөтө.
  • Баҕар нэһилиэнньэлээх пуун таһыгар биэртэлиэххэ сөп буолаарай? — Егор Афанасьевич салгыы туоһулаһар.
  • Сиинэ пааркатыттан таһаарарга публичнай истии наада, – миниистир салгыы хоруйдуур.
  • Тоҥуулаах муниципальнай тэриллии буолбатах, — саалаттан тыл кыбыталлар.
  • Бу тиэмэни ылан үөрэтиҥ. Өскөтүн манна дьон-сэргэ олорор, олохсуйар санаалаах буоллаҕына, өйөөҥ, — диэн түмүктүүр боппуруоһу Егор Афанасьевич уонна: «Билигин 930 тыһ. кв м сири ураты харыстанар сирдэргэ киллэрэн турар буоллахпытына, ону биир мөлүйүөҥҥэ диэри тириэрдэр соруктаахпыт, — диэн ыспыраапка быһыытынан этэр.

«Интернет олус бытаан»

  • Интернеппыт бытаан буолан, үгүс киһи «Госуслуги.ру» киирэн регистрациялана илик, — диэн Солоҕон нэһилиэгин землеустроителэ Туйаара Федорова ыйыталаһар.
  • Нэһилиэккэ баар интернет күүһүн барытын биир сиргэ мунньан, сылын аайы биир кэлим эксээмэни ыытабыт. Ол тэҥэ бытаан интернеттээх нэһилиэктэргэ биир күнү анаан регистрацияны ааһалларыгар, сайабылыанньа биэрэллэригэр оҥоруохха сөп, — диэн Сибээс миниистирэ Александр Борисов кыһалҕаттан хайдах тахсары быһаарар.
  • Сайабылыанньаны кумааҕынан эмиэ биэриэххэ сөп, — диэн Сир сыһыаннаһыытын миниистирэ Евгения Григорьева эбэн этэр.
  • Александр Ильич, маннык гыныахха. РФ миниистирин Николай Никифоровы өссө төгүл Саха сиригэр ыҥыран нэһилиэктэринэн сылдьан интернет хайдах үлэлиирин көрдөрүөххэ. Билэбин, биһиги сибээскэ наһаа элбэҕи оҥордубут, миниистиргэ да элбэҕи туруорустубут, ол эрээри интернеппытын түргэтитиэхпитин наада, хайа кыалларынан түргэнник, — диэн Ил Дархан санаатыр этэр.

«Кадастровай инженер суох»

  • Улууска үс кадастровай инженер кэлэн үлэлиэҕэ диэбиккит. Кинилэр ханна баалларый? — диэн ыйыталлар Бэрдьигэстээх олохтоохторо.
  • Оройуоҥҥа үс инженер баар, — диэн улуус баһылыга Никита Андреев саҕалыыр. Ол эрээри миниистир Евгения Васильевна тыл көрдөөн маннык хоруйдуур.
  • Биир гектарга сайабылыанньа биэриитигэр ити кадастровай инженердэр наадата суохтар. Манна даҕатан этиим, бу сокуон олоххо киирэн муниципальнай тэриллиилэр ханна бэлэмэ суохтарын көрдөрдүлэр. Онон билигин сирдэрин-уоттарын докумуонната илик дьон барытын ситэриҥ, — диэн этэр миниистир.
  • Сайабылыанньа биэрбит киһи уруһуйдаан биэрбит схемата электроннай систиэмэ көрдөрөр дааннайдарыттан атын буоллаҕына, сайабылыанньа биэрбит киһи баҕа санаата учуоттаныллыаҕа, — диэн түмүккэ Егор Афанасьевич эбэн этэр.

«Ойуурга тугу гынабын»

Онтон сирбитин ойуурга ыллахпытына тугу гынабытый? — диэн салгыы саалаҕа олорор дьон туоһулаһаллар.

Бу ыйытыыга Ойуур сыһыаннаһыытын департаменын салайааччыта Дьулустан Хон хоруйдуур: «Билигин киирбит сайаапкаларынан көрдөххө, сүрүннээн сынньалаҥҥа, бултка-алка, тыа хаһаайыстыбатыгар анаан ылаллар. Манна даҕатан эттэххэ, сири ылбыт киһи биир сыл устата тугунан дьарыктаныаҕын толкуйдуон сөп. Ойуур кодексынан, өскөтүн сиргин тыаҕа ыллаххына, 14 көрүҥтэн биирин талан дьарыктаныаххын сөп. Ойуур фондата бас билиигэ бэриллибэт, биэс сыл кэнниттэн киһи 49 сыл арендаҕа ылыан сөп. Уонна ойууру аҥаар кырыытыттан кэрдэн кэбиһии көҥүллэммэт. Өскөтүн бу сир кураанах маһынан туолбатах буоллаҕына. Билиҥҥи туругунан, биһиэхэ 700-чэкэ сайабылыанньа киирбитэ».

Ыспыраапка: сэтинньи 2 күнүнээҕи туругунан, биир гектары ылыыга Саха сиригэр уопсайа 4773 сайабылыанньа киирбит. Ол иһигэр федеральнай информационнай ситим нөҥүө — 4582, кумааҕынан — 191. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0