-
Ґгµстэр со±уруу дойдуга аІаардас сынньанар, кµµлэйдиир соруктаах бараллар. Хаґыаппыт бµгµІІµ дьоруойдара Корея курдук сайдыылаах, кэрэ дойдуга µлэни, сынньалаІы дьµірэлии тутан, икки ый устата 260-нуу тыґ. солк хамнастанан кэллилэр.
«Быйылгы сайыным миэхэ бэрт уратытык ааста», — диэн сэргэх кэпсээннээх уол Вадим Максимов санаатын µллэстэр. Кини бииргэ тіріібµт быраатынаан, Эрэллиин интэриниэт ніІµі «Корея±а µлэ±э ыІырабыт» диэн биллэриини кірін, тута барарга соруммуттар.
Кинилэр Горнай улууґун Бэрдьигэстээ±иттэн тірµттээхтэр. Вадим Дьокуускайдаа±ы уу транспорын институтун 2013 с., оттон Эрэл ХИФУ технологическай институтун бµтэрбиттэрэ. Ол туґунан, убай киґи санаатын бу курдук этэр:
—Айаннаан тиийэрбитигэр агент кірсµбµтэ. Ханнык µлэ миэстэтэ баарын билиґиннэрбитэ, тиийиэхтээх сирбитигэр сирдээн илдьибитэ. Дьэмчон куоракка биэс кµн бетон оІорор собуокка µлэлээбиппит. Кэлин Янджуга о±уруот µлэтэ баарын истэн, онно барбыппыт. Манна о±уруокка сыґыаннаах µлэ барыта киирэр. Холобур, теплица кірµµтэ, о±уруот аґын олордуу, хомуйуу, уу кутуута, тутуу о.д.а. Бастаан µлэлииргэ ыарахан этэ. Кэлин киґи µірэнэн хаалар эбит, кыґаллыбаккын. Кыргыттарга, уолаттарга µлэтэ тус-туспа буолар. Нэдиэлэ±э биэс кµн толору, субуота±а кµн аІаара µлэлээн баран, ірібµлгэ сынньанабыт.
— Ґлэлиир кэмІитигэр олорор сиргитин, аґыыр аскытын бэйэ±ит булуна±ыт дуо?
— Корея±а кэлэр, барар айаммытын бэйэбит тілµµбµт. Оттон µлэлиир кэммитигэр олорор сирбитин, кµІІэ µстэ аґыыр аґылыкпытын µлэлэтэр киґибит хааччыйар. СынньалаІмыт кэмигэр µлэлээбит куораттарбытын, Сеулу кэрийэн кірдµбµт. Олох ураты менталитеттаах, сайдыылаах, кэрэ дойду. Остуоруйа дойдутугар сылдьыбыт курдук сананан, астынан а±ай кэллибит.
— Оттон бэрээдэк хайдаҕый?
— Бэрээдэк ітті µчµгэй. Бу µлэлиирим тухары биир да±аны этиґиини, охсуґууну кірбітµм. Албыннааґын, тµікµннээґин да суох. Ба±ар сокуоннара кытаана±ар буолуо. Ол эрэн, кореецтар бэйэлэрэ ыалдьытымсах, эйэ±эс дьоннор. СаІа кэлбит киґиэхэ кіміліґіргі, сµбэлииргэ бэлэмнэр. Эбиитин сахалары µлэґиттэр диэн сібµлµµллэр.
— Ґлэлии барар дьоІІо туох ирдэнэрий?
— Биллэн турар кыраныысса таґынаа±ы паспорт наада. Болдьо±о уґун буолуохтаах. АйаныІ тілібµрэ бэйэ±иттэн. Биґиги сири-дойдуну кіріірµ Владивостогунан барбыппыт. Онон айаммыт ороскуота син балайда буолбута. Хайаан да±аны туттар тэрилгин, уларыттар таІаскын, суунар тээбириІІин ыла±ын. Тиийдэххинэ агент кірсір. Ґлэлиир сирдэргэ барытыгар нууччалыы саІарар, тылбаастан биэрэр дьоннор бааллар. Эрдэттэн кітµіІ иннинэ, µлэ±ин булуоххун эмиэ сіп. Сорохтор µксµн тиийэн баран кэпсэтэллэр. Чааґынай тэрилтэлэргэ, фабрикаларга, собуоттарга µлэ миэстэтин тэрийэллэр. Холобур, тутуу, ферма, плантация, тыа хаґаайыстыбатын курдук µлэлэр бааллар.
Бэйэм іссі кыґын барар санаалаахпын. Дьон ханнык ба±арар тµгэІІэ билбэтиттэн, сатаабатыттан мунаахсыйар. Кыраныысса таґыгар тахсарбар английскай тылы билэрим олус туґалаата. Киґи атын сири, дойдуну кірін, ордук сайдар, туґалаа±ы иІэринэр дии саныыбын. Онон туохтан да ча±ыйбакка, аныгы олох тэтиминэн хардыылаан иґиэххэ наада. Барыта бэйэ±иттэн тутулуктаа±ын умнума. Тµмµкпэр Сахам дьонугар туґаайан, сайдыылаах дойдуну кірі таарыйа, µлэлээн, хамнастанан кэлиІ диэн ыІырабын. Ба±алаах дьон миигиттэн 89681577819 нµімэргэ эрийэн билсиІ.
Вера НОВИКОВА