Горнай Маҕараһын олохтооҕо Мария Мыреева СГТХА-ны бүтэрбит. Технолог идэлээх. Быйылгыттан ыҥырыа иитэн, дьонун мүөтүнэн хааччыйда. «Бастакы сырыыга 10 киилэ мүөтү биэрдилэр», — диэн «Саха сирэ» хаһыакка астына кэпсиир:
— Үлэтэ суохтарга аналлаах бырагырааманан социальнай хантараак түһэрсэн, 100 тыһ. солк. көрүллүбүтэ. Ол харчынан бу саас анал пчелопакет (ыҥырыа дьиэ кэргэнэ) Өктөмтөн атыыласпытым. Онно мүөтүнэн дьарыктанар агро-оскуола баар. Карпатскай боруода. Кыһыны тулуйумтуо, Саха сиригэр иитэргэ барсар. Тигээйилэрим дьиэлэрин Дьокуускай ууһуттан атыыласпытым.
— Ыҥырыа иитэр санаа хантан кэлбитэй? Маҕараска ким эмит дьарыгырар дуо?
— Тугунан дьарыктаныахпын сөбүн элбэхтэ толкуйдуурум. Хаһыакка, сурунаалга ааҕан, толкуйун тобуллум. Атын улууска мүөтүнэн дьарыгырар дьон холобурун көрөн, ыҥырыа иитэн эрэбин.
— Үс уйа төһө мүөтү биэрэрий?
— Бу сайын 10 киилэни ылбыппыт. Кыратык атыылыыбын, уоннааҕытын бэйэбит сиирбитигэр аныыбыт. Улахан дохуот суох буолан, чааһынай предприниматель буола иликпин.
— Мүөтү арааран ыларгар тигээйилэр тикпэттэр дуо?
— Мүөтү бэйэм араарабын. Хас даҕаны хос үтүлүк кэтэн. Сыыһа туттан хаста даҕаны тиктэрбитим. Интернетинэн пчеловод анал таҥаһын сакаастаан ылбытым.
— Маны таһынан, атын үлэлээххин дуо?
— Атын үлэм суох. Бырагыраамаҕа үлэтэ суохпунан киирбитим. Кэргэннээхпин, икки оҕолоохпут. Кэргэним вахтовайынан үлэлиир. Оҕолорум күөмэйдэрэ ыалдьарыгар эҥин сибиэһэй мүөт ааттаах.
— Инникитин эбэтэр былааннааххын дуо?
— Кыһыны хайдах туоруулларыттан көрүөм. Өктөмҥө кыстыахтара Ордук от ыйыгар мүөттүүллэр. Атырдьах ыйа бүтүөр диэри кыралаан бэрсэллэр. Төһө мүөтү биэрэллэрэ дьылыттан эмиэ тутуулктаах. Билигин 5 км. ыраах сиргэ, оттуур алааһым таһыгар, тутабын. Хаҥаттахпына, баҕар, нэһилиэктэн чугас көһөртүөм.