«Швейцария айылҕатын уратытын хайдахтаах курдук инники күөҥҥэ тутарый? Бу дойдуга сир баайа суоҕун кэриэтэ да, аҥаардас чаһытынан, сыырынан хайдахтаах курдук аан дойдуга аатырарый? Горнай эмиэ производствотынан ити курдук тахсара буоллар», — диэн сэһэргэһээччим Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев үөрэммит дойдутун Швейцария туһунан кэпсии олорон, ымыы оҥостубут санаатын билсиһиннэрдэ.
Ити этэрэ оруннаах. Тоҕо диэтэргин, Швейцария, төһө да биһигиттэн ырааҕын, уратытытын иһин, хайа эр өттүнэн биһиэхэ олус майгынныыр. Холобур, Швейцария курдук тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, сыырын бренд оҥостубут дойду өссө суоҕа буолуо. Аны Горнайы кытта тэҥнээтэххэ, сирдэрин иэннэринэн (Горнай – 45,6, Швейцария – 41,2 тыһ. кв м сирдээхтэр) иккиэн араа-бараа сылдьаллар. Биһиги дойдубут курдук эмиэ федеративнай тутуллаахтар, 26 кантоҥҥа (региоҥҥа), муниципальнай таһымҥа коммуналарга (общиналарга) арахсаллар. Бу туһунан кэпсэтэ олорон, Никита Викторовичтан, онно олорон үөрэммит, дойду күннээҕи олоҕун билсибит киһи быһыытынан, муниципальнай былаас миэстэтигэр хайдах үлэлиирин, онно тугу ордук бэлиэтии көрбүтүн туһунан ыйыталаһабын.
Олохтоох былаас аптарытыата улахан
Сэһэргэһээччим өр толкуйдуу барбакка, хоруйдуур: «Швейцарияҕа муниципальнай былаас (коммуна) олус күүскэ үлэлиир. Бу чааһыгар биһиги кинилэртэн үгүскэ үөрэниэхпитин сөп. Холобур, сири атыылааһыннарын ылан көрүөххэ. Швейцарияҕа сир, учаастак сыаната ыарахан. Тоҕо диэтэргин, бу манна аҥаардас сир эрэ сыаната буолбакка, инфраструктуратын, туох баар техническэй докумуонун оҥоруутун төлөбүрэ барыта киирэ сылдьар. Киһи учаастагы атыылаһан баран, гааһы, уоту киллэрээри уон араас тэрилтэни кэрийбэт, кини оннугар олохтоох былаас туһааннаах тэрилтэлэри кытта кэпсэтэн бэйэтэ оҥотторор. Аны дьиэҕин ыллыҥ да талбыккынан туппаккын, архитектор кэлэн барытын бырайыактаан биэрэр. Бу уопут биһиэхэ хайа баҕарар киирэр кыахтаах. Ол инниттэн муниципалитеттар тэрилтэлэри кытары бииргэ үлэлэһэр усулуобуйаларын тэрийиэххэ наада», — диэн этэр Никита Викторович.
Кырдьыгын баран эттэххэ, Швейцария сайдыытын таһымыгар тиийиэхпит ыраах буолуо эрээри, саҕалааһыннар бааллар. Олортон биирдэстэринэн Горнай улууһугар федеральнай бүддьүөт суотугар тутулла турар бизнес-инкубатор буоларын этиэм этэ. Бу бырайыак уратыта диэн Россия үрдүнэн тыа сиригэр тутуллар соҕотох бизнес-инкубатор буолар.
Бизнес-инкубаторы сайыннаран
«Ханнык баҕарар дойду оҥорон таһаарар производстволаах, тугу эрэ эргитэр-урбатар буоллаҕына сайдар. Аҥаардас дьоҕус, орто бизнеһинэн үлэ миэстэтин тэрийэрбит тутах буолуоҕа. Ол иһин манна биһиэхэ бэйэбитигэр производства баар буоларын ситиһиэхпитин баҕарабыт. Быйыл бу бизнес-инкубаторбытын үлэлэтэн саҥа, сонун идеяларбытын олоххо киллэриэхпитин баҕарабыт. Биир өттүнэн, Швейцария курдук, айылҕабыт уратытытын инники күөҥҥэ таһааран, туризмы өссө салгыы сайыннарбыт киһи диэн санаалаахпыт. Онуоха тайахпытын (Горнай тайах бэлиэлээх улуус буолар) бренд оҥостон булт туризмын сайыннарар былааннаахпыт. Манна даҕатан эттэххэ, Швеция тайаҕы бренд оҥостон, тайахха сыһыаннааҕы, муоһуттан, туйаҕыттан саҕалаан, барытын туһаҕа таһааран, тайаҕы суолдьут сулус оҥостон билигин тайах дойдутун быһыытынан биллэр. Ити уопуту эмиэ туһаныахха сөп», — диэн бэлиэтиир баһылык.
Никита Викторович эппитинии, Горнай туризм өттүнэн хайа баҕарар сайдар кэскиллээх. Холобур, аҕыйах сылтан бэттэх «Сиинэ» туристическай база арыллан сылы эргиччи да айылҕаҕа тахсан дуоһуйа сынньаныахха сөп. Ол эрээри бу курдук базаларга тиийэргэ сөптөөх инфраструктура, бастатан туран, суол-иис наада. Онон салгыы кэпсэтиибит айан, сырыы өттүгэр иэҕиллэр.
2019 с. асфальт суолунан
— Суол-иис боппуруоһун ыллахха, биһиги улууска суолбут-ииспит олох кэнники 2000 с. оҥоһуллубута. Ол курдук, ити сыл Орто Сурт Аһыма икки ардыгар суол оҥоһуллан, кэлин 2007-2008 сс. Бүлүү трассата федеральнай суолга киирэн, үбүлэнэн билигин түөрт бөһүөлэкпит, Маҕарас, Бэрдьигэстээх, Аһыма, Орто Сурт, суоллаахтар-иистээхтэр. Былаан быһыытынан, манна быйыл 20-чэ км суол асфалланыахтаах. Ону сэргэ 2018-2019 сс. улууспут киинигэр Бэрдьигэстээххэ диэри саҥа асфальт ууруллуохтаах. Онон олохтоохтор эрэнэ күүтэбит.
Онтон Бэс Күөл, Күөрэлээх өттүн ыллахха, манна Кэбээйи диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи суол ааһар. Быйыл бу суол тутуллан олоххо киириэхтээх. Оччотугар бу нэһилиэктэрбит эмиэ сылы эргиччи сылдьар суолланаллар. Ол оннугар Орто Суртан Кэптиҥҥэ диэри тиийэр суолбут уустуктардаах. Манна Сиэгэннээх үрэххэ муоста тутулла сылдьар, эһиил олоххо киириэхтээх, — диэн иһитиннэрэр улуус баһылыга.
Салгыы дьиэ-уот тутуутун, гаастааһын туһунан туоһулаһабын. Бу соторутааҕыта Күөрэлээх Аһыма хайысханан күөх төлөн киирэн, горнайдар бары да үөрэн олороллор. Никита Викторович да санаата көнньүөрэн мичээрдээн ылла уонна инники былаанын туһунан маннык кэпсиир.
Бэрдьигэстээх эһиил гаастаныаҕа
— Эһиил гаас киирбит үс бөһүөлэкпитин барытын толору гаас ситимигэр киллэрэр былааннаахпыт. Ону сэргэ кэлэр сылга Бэрдьигэстээххэ диэри күөх төлөн кэлэрин кэтэһэбит. Ил Дархан манна кэлэ сылдьан ити туһунан эмиэ этэн аһарда.
Манна даҕатан эттэххэ, быйыл үбүлүөйбүтүн көрсө, дьиэ тутуутугар анаммыт федеральнай да, өрөспүүбүлүкэтээҕи да бырагыраамаларга барытыгар киирсэммит, барыта 11,6 тыһ. кв м иэннээх дьиэлэри туттубут. Бу биһиэхэ улахан ситиһии. Тоҕо диэтэргин, бу иннинэ олорор дьиэ тутуута олус бытаан этэ.
Ону сэргэ кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн көҕүлээһин баран уонна быйыл Тупсарыныы сыла биллэриллэн, хас биирдии олбуортан саҕалаан дьон-сэргэ санаата кэлэн дьиэтин-уотун оҥостор, олбуорун саҥардар түбүккэ түспүтэ харахха быраҕыллар буолбутун бэлиэтээн этиэм этэ. Онон өр кэмҥэ ыра санаа оҥосто сылдьыбыт бырайыакпыт, гаастааһын, олоххо киирэн эрэриттэн биһиги, олохтоохтор, олус үөрэбит уонна онно бэлэмнэнэбит даҕаны», — диэн санаатын этэр баһылык.
Никита Викторович этиитигэр эбэн эттэхпинэ, быйыл горнайдар оҕо төрөөһүнүгэр бастыҥ көрдөрүүлээх улуус аатын ылан Кэлэр көлүөнэ фондатыттан оҕо былаһааккатын бэлэх туттулар. Ону таһынан спордунан утумнаахтык дьарыктанар улуус буолан, Спорт министиэристибэтин дьаһалынан, «Туймаада» стадион урукку покрытиетын ылан бэйэлэрин стадионнарын тупсаран биэрдилэр. Ону таһынан Горнай түмсүүтэ Бэрдьигэстээххэ оҕо былаһааккатын бэлэхтээн, Мытаах, Октябрьскай, Бэрдьигэстээх, Маҕаны, Атамай, Одуну нэһилиэктэригэр оҕо оонньуур уонна спортивнай былаһааккалара, Кэптини орто оскуолатыгар таһырдьа турар спортивнай тренажердар оҥоһулланнар Горнай быйыл саҕа былаһааккаларынан хатаҕаламмыта суох. Онон улуус бу сылга инфраструктуратын биллэ тупсарда.
Ини-бии Даниловтарга
Уонна түмүккэ Никита Викторовичтан, быйыл саас саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева айар биэчэригэр сүрдээх үчүгэйдик тыл эппитин санаан, убайдыы-бырааттыы Семен, Софрон Даниловтар эһиил буолуохтаах үбүлүөйдэрин туһунан ыйыталаһабын. «Бу киэн туттар, ону ааһан тумус туттар дьоммут үбүлүөйдэрин көрсө Дьокуускай куоракка сквер тутуутун туруорсубуппут. Өрөспүүбүлүкэ ону өйөөбүтэ. Онон үлэ Култуура министиэристибэтин нөҥүө баран Ленин аатынан уулуссаҕа Даниловтар пааматынньыктара туруохтаах, сквер оҥоһуллуохтаах», — диэн санаатын үллэһиннэ.