Ийэлэргэ анаммыт ый чэрчитинэн улуустарга араас тэрээһин салҕанар.
edersaas.ru
Бу күннэргэ Горнай улууһугар улуустааҕы «Үлэ күүһэ» хаһыат айар үлэһиттэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар хотун» сурунаал ыытар куонкуруһун араас сыллааҕы кыттыылаахтарыгар пресс-кэмпириэнсийэ ыыттылар.
Улуус дьаһалтатын социальнай бэлиитикэҕэ салаатын салайааччыта Ксения Васильева бэлиэтииринэн, куонкуруска кыттар дьахталлар уопсастыбаннай үлэҕэ олус көхтөөх, улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһуннаах кылааттарын киллэрсэр, үлэлэригэр убаастанар уопуттаах үлэһиттэр, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр маанылаах хотуттара.
— Ол курдук, 2007 сыллааҕы бастакы «Далбар хотун» куонкуруска кыттыбыт Альбина Султашева Одуну нэһилиэгин олохтооҕо. 2009 сыллаахха Бэрдьигэстээхтэн Надежда Иванова кыттыыны ылбыта. 2012 сыллаахха Одунуттан Жоржетта Текеянова улуус чиэһин көмүскээбитэ. Кини «Сандалы Хотун» аатын ылбыта. 2018 сыллаахха Солоҕонтон Анна Румянцева кыттан, «Уран Хотун» бочуоттаах аакка тиксибитэ. 2019 сыллаахха Бэрдьигэстээхтэн Полина Осипова интерактивнай куонкуруска кыттан, «Айыы Хотун» аатын ылла.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ Горнай улууһун ааттаах-суоллаах Далбар хотуттара суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Кэрэхсэбиллээҕэ баара, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыттыылаахтара бииргэ алтыспыт дьүөгэлэринээн, араас улуус дьахталларынаан билигин да сибээстэрин быспаттар эбит.
Тэрээһин түмүгэр «Далбар хотун» куонкурус кыттыылаахтара улууска чөл олоҕу пропагандалыыр, дьахталлар көхтөрүн уһугуннарар соруктаах уопсастыбаннай тэрилтэни тэрийэр буоллулар.
Онон «Ийэ күнэ» бырааһынньык ыйы быһа ыытыллар буолан, маннык тэрээһиннэр уопсастыбанньык дьахталлары көҕүлээн, үйэлээх, сонун сүүрээннэри тобулар, сайдыы саҥа саҕахтарын олоххо киллэрэр тосхоллорго сирдиир, — диэн Горнай улууһун дьаһалтатын социальнай бэлиитикэҕэ салаатын салайааччыта Ксения Васильева санаатын үллэһиннэ.
Елена ПОТОЦКАЯ , «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — улуустааҕы социальнай бэлиитикэ салаатын архыыбыттан.